Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргиллиэм мохсоҕол буолан - А. К. Никифорова страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргиллиэм мохсоҕол буолан - А. К. Никифорова

Скачать книгу

«үстэн» ордук сыана турбат этэ. «Тэрэппиин эмиэ кимтэн эрэ устан ылбыт!» – диэнтэн атыны учууталлара Мааппа Дмитриевна эппэт этэ. Кэнэн, тулаайах муҥнаах ону хантан аахсыай. История саамай сөбүлүүр предметэ этэ. Интернат библиотекатыттан история учебнигын хас да кылааһы көтөн ааҕа охсоро, уруокка биирдэ эмэ ыйыттахтарына, симик баҕайытык саҕалаан баран, киһи эрэ истэн истэр олоруох курдук, бэриллибит тиэмэни таһынан кэпсээн барара. Афанасий Иванович уолу хаһан да хайҕаабат этэ, хата, сэмэлиирэ, ардыгар үөҕэн да кэбиһэрэ. «Кулаак ыамата, манна кэлэн сэбиэскэй былаас абыраллаах үлэтин, дьадаҥылары өрө тардар улууканнаах дьыалатын туһунан сымыйанан лахсыйыма! Искэр ону барытын үөҕэр, сиилиир буолуохтааххын! Аҕаҕын сөпкө хаайан тураллар. Өссө онно тута миэстэтигэр ытан кэбиспиттэрэ да буоллар! Дьадаҥылар көлөһүннэрин тоҕон, байбыттар эһиги, Барахсаанаптар бааргыт! Ыт сирэйдэр! Баайгытын-дуолгутун барытын судаарыстыба туура тутан ылбыта, сэбиэскэй былаас өссө аһыныгаһа бэрт буолан, бу эһигини интэринээккэ олордор, үөрэттэрэр. Мин эбитим буоллар, оскуолаҕа саа да тэбиитигэр чугаһатыам суоҕа этэ!» – дии-дии, кып-кыһыл буолан умса туттан турар уолга уолугар түһүөхтүү ынан кэлэн, силэ бырдааттыы-бырдааттыы, бардьыгынаабыта көрүөхтэн түктэри этэ.

      Онтон ыла Тэрэппиин билиитин-көрүүтүн таһыгар таһаарбат, «хомунньуус партияҕа дьиҥ-чахчы бэриниилээх» дьадаҥылар оҕолоруттан ордубат буола сатыыра. Сыыйа үөрэххэ интэриэһэ да сүппүтэ. Хайдах да суруйдун, суоттаатын, үстэн атын сыананы учууталлар туруорбаттарын билэр буолан, уруокка таах хаҕа эрэ олороро. Кини иннигэр аан барыта сабыылаах. Кыра сылдьан аҕатын киһи барыта норуот өстөөҕө диирин иһин абааһы көрө саныыра. «Кулаак ыамата» аатыран уолаттартан кырбанан биэрээхтиирэ.

      Кини тоҕус оҕоттон чороҥ соҕотох ордон сылдьар. Ханна эрэ балта баар буолуохтаах. Аҕаларын хаайбыттарын, дьиэлэрин-уоттарын, күрүөлэрин-хаһааларын бүтүннүү куорҕаллаабыттарын кэннэ бэйэтэ да сэбиргэхтэппит ийэлэрэ уһаабатаҕа. Ыалдьан охто сытар киһиэхэ луохтуур «кулаак ойоҕор» кэлбэт аатыран абыраабатаҕа. Ийэтэ Бороскуо чүмэчи курдук ууллубута. Обургу киһини кинини интэринээккэ туттарбыттара, балтын киин сиргэ оҕо дьиэтигэр илдьэ барбыттара. Балта Ааныс диэн ааттааҕын эрэ билэр, бу диэн дьүһүнүн да өйдөөбөт. Сотору-сотору балтын түһээн көрөр. Түүлүгэр араастан көстөр, уларыйа сылдьар курдук. Ардыгар: «Убаай!» – дии-дии, киһи куйахата күүрүөх хаһыытыыр, ытыыр-соҥуур. Оччоҕуна Трофим түүн ортото ытаан бөтүөхтүү сытан уһуктан кэлэр. Хараҕын уутун кыатаммакка, сыттыгын бобута тута сытан, уйа-хайа суох ытаан, көхсө кэҥээбит курдук буолар. Балта ардыгар чээлэй күөх оттоох төгүрүк алаастарыгар сибэкки хомуйан көтөр-дайар, чуораанчык курдук күлэр-үөрэр. Үчүгэй түүлү түһээтэҕинэ, уол күнү быһа санаата көнөн сылдьар.

      Бу дойдуга Тэрэппиини аһынар арай биир киһи баар. Интэринээккэ остуорастыыр Кэтириис, уолу көрө-көрө, сүрэҕэ хаанынан ытыыр. «Барахсаанап дуо?» дэтэн бэйэтин

Скачать книгу