Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргиллиэм мохсоҕол буолан - А. К. Никифорова страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргиллиэм мохсоҕол буолан - А. К. Никифорова

Скачать книгу

аатыттан хаайыллаҕын! – хара бэкир киһи, куолаһын соното сатыы-сатыы, бардьыгынаата.

      – Дьоммун кытта быраһаайдаһыым, кыратык бириэмэтэ биэриҥ, саатар, – Дьөгүөр кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан көрдөстө.

      – Суох! Норуот өстөөҕө! Таҥна оҕус, бардыбыт! Улахан тойону манна көһүтэн турууһубут дии!

      Кэргэнэ Бороскуо, туох быһыыта-майгыта тахсыбытын дьэ өйдөөбүт курдук, хатаннык сарылаат, уйа-хайа суох ытаан барда. Кырачаан кыыс, ийэтэ сарылаабытыттан куттанан, иэрийэ-иэрийэ ытаата. Дьиэ иһигэр киһи тулуйбат айдаана турда. Кэтириис хараҕын быһа симэн баран турар Тэрэппииҥҥэ тиийэн уолу санныттан кууста. Уолчаан кутталыттан сап-салыбырас буолбут. «Бу барыта сымыйа-сымыйа. Харахпын аспаппын. Аспаппын…» – диэн уол биир кэм ботугууру турда.

      Ити кэмтэн ылата Барахсаанаптар дьиэлэрэ биирдэ кураанахсыйа түспүтэ. Дьукаахтыы олорбут дьон бары үрүө-тараа ыһыллыбыттара. Кэтириис ийэтиниин эрэ Бороскуону аһынан хаалбыттара. Аҕаларын тутан барааттарын кытта сарсыарда бэрт эрдэ нэһилиэктэрин сэбиэтэ кэлэн ороҥҥо сэниэтэ суох сытар дьахтар сирэйигэр туох эрэ кумааҕытын үҥүлүппүтэ.

      – Хамсыыр-хамсаабат баайгыт барыта норуокка бэриллэр! Бу улахан дьиэҕин күн бүгүн босхолоо! Хамначчыттаргытыгар туппут дьиэҕитигэр тахса охсуҥ!

      Куура хатан нэһиилэ сылдьар сэбиэттэрэ оҕонньор Хабырыыс бүгүн сыыдамсыйбыта сүр, биир кэм сүүрүүнэн сылдьар буолбут. Убаҕас бытыгын оҕотун имэрийэ-имэрийэ, оботтоохтук уоттаммыт кыччаҕар хараҕынан дьиэ малын-салын, миэбэли, иһити-хомуоһу көрүтэлээтэ.

      – Туох баар үрүҥ көмүс, таас иһиттэри, түүлээх таҥаһы, көмүс киэргэли барытын үлэһит норуот туһугар тутабыт. Чэ, туруоххут дуо?! Дьэҥдьийиҥ, баайы-дуолу бу дьааһыкка хаалаан иһиҥ! – диэн илии-атах буолар дьонугар сэбиэттэрэ хамаандалаата.

      Бороскуо кэргэнин илдьэ барбыттарын кэннэ атаҕа биирдэ уйбат курдук буолбута, сэниэтэ бүтүннүү эстэн, хаҕа эрэ сытар киһи хайдах да буоллуннар диэбиттии, истиэнэ диэки хайыһан кэбистэ. Ол улахан туох баайдара кэлбит үһү. Аҕыйах үрүҥ көмүс ньуоска, саахар уурар иһит баар. Кини мааныга кэтэр саһыл тыһа истээх саҕынньахтаах, кырса түүтэ бэргэһэлээх, киэргэлэ диэн ийэтиттэн хаалбыт үрүҥ көмүс ытарҕалаах, Дьөгүөрэ оҥотторон бэлэхтээбит биһилэҕэ баар.

      Дэҥдьийээччилэр оҕо кыһыҥҥы бэргэһэтин, сонун кытта уктан эрэллэрин көрөн, Кэтириис тулуйбакка ойон турда уонна:

      – Саатар, оҕо таҥаһын тыытымаҥ! Кыһын тугу кэтиэй?! Сааппаккыт даҕаны! Ыалы бүтүннүү имири эстигит буолбат дуо?! – диэн хаһыытаата.

      – Эн, Кэтириис, саҥарба! Былыргылыы хамначчыттыы олорбокко, холкуоска киирэн хата норуот туһугар үлэлээ! Батараак олоҕо билигин суох! Атыныҥ буоллар, туох ханна баарын ыйан-кэрдэн биэрэн көмөлөһүөҥ этэ. Өссө кулаак баайын харыстаабыт буола-буола! Акаары!

      Кэтириис Тэрэппиин сонун, бэргэһэтин төттөрү таһыйан ылла да

Скачать книгу