Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргиллиэм мохсоҕол буолан - А. К. Никифорова страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргиллиэм мохсоҕол буолан - А. К. Никифорова

Скачать книгу

үлэлээн-хамсаан эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Бороскуо кинилэри кытта тэбис-тэҥҥэ хотоҥҥо сылдьара, сайынын от оттуура, хотун курдук биирдэ да дьарыйан көрбөтөҕө. Хата дьиэ иһигэр Кэтириис ийэтэ Дьэбдьиэ муҥур хотун этэ. Асчыта бэрт буолан, кини илиитин-атаҕын кэтэһэллэрэ.

* * *

      Барахсаанаптар улахан дьиэлэригэр сэбиэт көһөн киирэн, сарайыгар кыһыл былаах кытыаста оонньуур. Кыра да дьиэлэригэр ымсыыран көрөн баран, хаһаайка суккуруур тыына эрэ сытарын иһин онуоха-маныаха диэри Бороскуону тыыппатахтара. Дьэбьиэ тута холкуоска киирбитэ. Кыыһын барыах диэн хаайа сатаабыта да, Кэтириис хайаан ыалдьа сытар дьахтары кыра оҕолорун кытта быраҕан барыай.

      Ыам ыйа туолан, тула сырдаан, сылыйан, сир харааран турар кэмигэр Бороскуо олох мөлтөөтө. Иэрийэ-иэрийэ сөтөллөр бэйэтэ, сэниэтэ суоҕуттан тыынын нэһиилэ ылан бобуллан барбытыгар Кэтириис ыксаан эмтиир пууҥҥа тэбиннэ.

      – Эмиэ эн кэллиҥ дуу? Барбаппын, кулаак ойоҕун эмтээбэппин хайаабаппын диэбитим дии!

      – Мэхээс, улахан аньыыны оҥостума. Икки оҕону көрбүтүнэн тулаайах хааллараары гынаҕын дуо? Бороскуо эйиэхэ туох буруйдааҕар итинник сыһыаннаһаҕын? Кытаат, олох тыынын кыайан ылбат буола сытар! Баран көр!

      – Эн миигин манна дьаһайыма! Байан-тотон олорон, биһигинньиктэр диэки көрүөн да баҕарбаттара. Кыһалҕа тирээн, син көрдөһөр-ааттаһар күннээх эбит ээ!

      – Дьонуҥ, сүөһүлэрэ ойбоҥҥо түһэн, ыал устун бара сыспыттарыгар Дьөгүөр Барахсаанап буор босхо ынах, ньирэй биэрэн салҕаабытын өйдөөбөккүн дуо?!

      – Баай киһи биир-икки сүөһүнэн итээбэтэҕэ буолуо! Кэтириис, ону-маны түөһүмэ, бар, сүгүн үлэлэт!

      – Хара да санаалаах, ыт сирэй эбиккин!

      – Баайдар хамначчыттара, манна сэбиэскэй судаарыстыба туһугар үлэлии сылдьар киһиэхэ кэлэн үөхсүбүккүн тыллаан биэриэм ээ!

      – Тыллаа, бэрт киһи, хата, миигин эмиэ хаайтар! Аньыыгар-хараҕар таҥара суутугар эппиэттиэҕиҥ! – диэт, Кэтириис ааны күүскэ сабан тахсан барда.

      Кыһыйбытын иһин тугу гыныай?! Ытаан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү дьиэтигэр тиийдэ. Тута тымныы, курас салгын билиннэ. Быыс кэннин аһа баттаата. Бороскуо барахсан хайыы-үйэ тыына суох сытар.

      – Бороскуо! Бырастыы гын! Барыбытын бырастыы гын даа! Иччитэхсийбит дьиэҕэр сытан, оҕолоргун аһынан төһө эрэ ыар санааҕа баттатан бараахтаатыҥ?! – Кэтириис хотунун түөһүгэр нөрүйэ сытан өр да өр ытаата.

* * *

      – Тыый, тоойуом, хараххын бу улахан баҕайытык хайалара баста?

      – Ээ, суох, бэйэм…

      – Сыллыый, кистээмэ. Эт миэхэ, кинилэри тута түһэн биэриэм. Эдьиийиҥ бу да буоллар күүстээх. Оҕобун кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа! – дии-дии, Кэтириис сутуругун салгыҥҥа күөрэтэн ылла.

      Кэтириис уолугар чугас буолаары интэринээккэ остуораһынан киирбитэ. Кыаҕа баарынан уолун көрө-истэ сатыыр да, бу эмиэ ханна эрэ охсуһан кэлбит.

      – Мин аҕабын абааһы көрөбүн! Норуоту халаан байбыт! Киниттэн сылтаан миигин бары туораталлар, атын оҕолортон итэҕэстээх

Скачать книгу