Чуумпу дьол. Александра Спиридонова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Чуумпу дьол - Александра Спиридонова страница 6

Чуумпу дьол - Александра Спиридонова

Скачать книгу

дэлби мөхсүбүт!

      Дьон үөһэттэн ыстаҥалаһан түстүлэр. Биэрискэ эмиэ. Массыына ыраатан баран тохтообут. Суолтан чугас хаарга саҥа төрөөбүт кулунчук сытар. Аттыгар эдэр тураҕас биэ, субу үргүөх курдук, түөрт атахтарын дьирэччи тэбинэн турар.

      – Тохтооҥ-тохтооҥ! Ийэтэ үргүө, эдэр биэ сороҕор оҕотун быраҕан кэбиһээччи!

      – Оччоҕо маннык таах туран хаалабыт дуо?

      Ол икки ардыгар кулунчук, тура сатаан мөҕүстэ да, кыаммата, сэниэтэ эстэн, сытынан кэбистэ.

      – Сыппыта ырааппыт быһыылаах, чаалыйыа аны!

      – Чэ-чэ, бара сылдьыаҕыҥ!

      Дьон кулунчуктаах биэ диэки хаамтылар. Биэрискэ эмиэ кинилэри батыста. Махсыым массыынатын таһыгар хаалла, сиэбиттэн сигэриэтэ хаатын хостоото. Дьон иһэрин көрөн, биэ кистии-кистии, таба курдук, тамайа сүүрдэ. Кистиир саҥата ойуур диэки ыраата турда.

      – Оо, ити баар дии, оҕотун бырахта быһыылаах…

      Кулунчукка тиийбиттэрэ, оҥхой сиргэ түбэһэн, көлөттө сытар эбит.

      – Уу, чээн, биһигинэ суох кыайан туруо суох эбит, сөпкө кэлбиппит!

      Кулунчугу өрө тартылар. Түөрт атаҕар нэһиилэ уйуттар, байааттаҥныыр. Аны эмиэ сууллан түһүө диэн, дьон кулунчуктарын өйөөн-убаан, суол чигдитигэр таһаардылар. Көмүрүө хаар мууһура сыстыбытын ыраастаатылар, тэбээтилэр.

      Ол турдахтарына, чараас ойуурунан быысаһан чугас сытар Хорбочукаан алаастан сылгылар сүүрэн иһэр тыастара иһилиннэ. Бэйэтэ көстүбэт эрээри, эрчимнээхтик мөҕүрүүр саҥа иһилиннэ, кини кэнниттэн эдэр биэ кистээн дьырылатар. Ол кэннэ син ыраах соҕус, алаас саҕатыгар арбайбыт хара сиэллээх атыыр ойон таҕыста. Дьон баар эбит диэн толлубата, таныыта бу тартайан, уордайбыт уоттаах харахтара умайан, көтүтэн аҕай иһэр. Кэнниттэн били биэбит, үҥсэргиир курдук, синньигэстик эйээрдэн кистиир, тамайа сиэлэр. Туйахтарын анныттан чигди хаара ыһыллаҥныыр, чабырҕыы тыаһыыр. Сир ньиргийэргэ дылы гынар!

      – Оо, куһаҕан буолаары гынна!

      Кулунчуктарын хаалларан, дьон абырыахтаах-быыһыахтаах массыыналарын диэки сырыстылар. Кулунчук, хантан эрчимирбитэ буолла, кэннилэриттэн батыһан барда. Ыксал тирээтэ. Атыыр субу сабырыйан иһэр. Махсыым, уобан турбут сигэриэтэтин силлээт, массыынатыгар ойон киирдэ. Массыына улгумнук эстэн абыраата.

      – Туох-туох буолла, тоойуом? – Хабыынаҕа сиэнин көтөҕөн олорор эмээхсин сураста.

      – Атыыр!

      – Атыыр даа?! Оо, үлүгэр! Дьону тэпсэрэ буолуо, былыр хаһан эрэ…

      Махсыым эмээхсини истибэт, массыынатын кэннилэтэн, куотан иһэр дьоҥҥо чугаһаан биэрдэ. Эмээхсин тугу эрэ кэпсиир… «Саһарҕам суһумнуура эн чэбдик иэдэскэр… Саһарҕам суһумнуура эн чэбдик иэдэскэр!» Егоровтар туох буолан эрэрин хантан билиэхтэрэй, сырдык ырыалара кустук өҥүн курдук кутуллар. Махсыым аанын арыйан, быган олорон, өссө кэннилээтэ. Атыыр кулунчукка чугаһаабыт диэн тиийдэ. Кулунчук тохтообот, сүүрэ сатаан

Скачать книгу