Чуумпу дьол. Александра Спиридонова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Чуумпу дьол - Александра Спиридонова страница 7

Чуумпу дьол - Александра Спиридонова

Скачать книгу

тылын тылыгыратан, Биэрискэ илиитин, сирэйин суунна, хоһугар төттөрү киирдэ. Хоһун аанын аттыгар куурката ыйанан турар. Ол үрдүнэн суоппар уол баайыы бэргэһэтэ. Биэрискэ туох эрэ сөбө суоҕу оҥорон эрэр курдук, аан диэки хайыһан көрдө. Уол бэргэһэтин ылан, эр киһи көлөһүнүн сытын түөһүн муҥунан дириҥник эҕирийдэ. Бэргэһэ сыта наһаа минньигэстик киирдэ, сүрэҕэ нүөлүйдэ, харахтара симириктээтилэр. Бэргэһэни кууспутунан, ороҥҥо сытта. Сотору киэһээҥҥи аһылыкка ыҥырдылар. Бэргэһэ сыттыкка хараара хаалла.

      Биэрискэ төбөтүн хамсаттаҕына, муннугар уол бэргэһэтин сыта кэлэр. Салгыны хамсата оонньоон, илгистэ олорон аһаата. Санаатыгар, дьонугар биллэрбэккэ буола сатаабыта даҕаны, Кирииччэлээх туох эрэ атын иэйиини таайдылар быһыылаах, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр.

      Аһаан бүтэн эрдэхтэринэ, массыына тыаһа сыыгынаан кэллэ, салгыы барбата, кинилэргэ тохтоото. Кирииччэ аан дьиэҕэ тахсан, киирбит киһилиин тугу эрэ кэпсэтэн бүтүгүрэстилэр. Киһи тахсан барда. Кирииччэ соһуйбуттуу туттан, маарыын суолга хаалбыт Биэрискэ кырса бэргэһэтин тутан киирдэ.

      – Бу… Махсыым аҕалла дии…

      – Барда дуо? – диэн ыйытта Биэрискэ Махсыым бэргэһэтин төнүннэриэн санаан.

      – Барда дии… Дьээбэ-дьээбэ… – Кирииччэ уоһун иһигэр мүчүк гынна.

      Ити күн кэннэ уоллаах кыыс көрсүһэ түһэллэрэ элбээн барда. Махсыым урут оонньууга соччо сылдьыбат бэйэтэ, кулууп дьиэтиттэн арахпат буолла. Чуурай ыччата уонча эрэ буолан мустабыт диэбэттэр, эргэ кулуубу өрө сүгэн кэбиһэллэр. Бобиналаах магнитофон музыкатыгар үҥкүүлүүллэр, онтон араастаан оонньууллар. Оонньуур оонньуулара үксүн: «Тииҥнэр уонна эриэхэлэр», «Алдьаммыт төлөпүөн», «Биһилэх кутуута». Махсыым Биэрискэ туһуттан кулууптан арахпат буолбута биллибитэ эрээри, кыыска чугаһыы илик. Оонньууга да оонньоспот, бэл, үҥкүүгэ ыҥырыа дуо. Биэрискэлиин билсээри, оройуонтан да, сопхуос киин уһаайбатыгар да үлэлиир уолаттар хам-хаадьаа анаан тахсаллар. Кыыс кинилэрдиин хаһан билсэ охсубута буолла, уруккуттан доҕордуу курдук туттан, күлэр-үөрэр. Биир эмэ уол, кыыс санныгар илиитин ууран ыллаҕына, Махсыым күнүүлээн, хараҕа уоттана түһэр эрээри, тугу да гыныан булбакка, таһырдьа ойон хаалар.

      Биир күн Үрүҥнэр ийэлэрэ Марыыска оройуонтан соҕотоҕун тахсыста. Суолу быһа саҥата суох олорсон кэлэн баран, дьиэтигэр чугаһаан иһэн, эттэ:

      – Махсыым, эйигин биһиэхэ олорор Биэрискэни эккирэтэр дииллэр дии…

      Махсыым тугу да хардарбат, истибэтэх курдук, уруулун эрийэ олордо.

      – Дьэ, нохоо, эппэтэҕэ диэйэҕин, итинник саҥата суох сылдьан хааллаххына, куоттарарыҥ буолуо! Биэрискэ барахсан кэрэ сэбэрэтинэн эрэ буолбакка, хайа да өттүнэн үчүгэй кыыс. Уолаттар иҥээҥнээн бөҕө, оттон кини эйигин сөбүлүүр курдук көрөбүн… Төһө даҕаны сөбүлээбитин иһин, хайа муҥун күүтүөй, ким эрэ аралдьытыа буоллаҕа! Кытаат, дьолгун мүччү тутума, хайдах эмэ саҥара сатаа!

      Дьахтар диэки хайыһан көрбөтөр да, Махсыым, кулгаахтаах

Скачать книгу