Чуумпу дьол. Александра Спиридонова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Чуумпу дьол - Александра Спиридонова страница 11

Чуумпу дьол - Александра Спиридонова

Скачать книгу

туруорар буолуохтаах. Сааба кийиитэ ийэтигэр, күөлтэн хостоммутунан, лаһыгырас соболоох киирдин диэн илимин көрөн кэлбитэ буолуо. Атын күн эбитэ буоллар, үөрүө эбиттэр, оттон бүгүн хайаан да киириэххэ наада. Алдьаммыт суолунан өссө төһөҕө тиийиэхтэрэ биллибэт…

      Хата, киирсэр киһи суох эбит. Биэрискэ сынтаҕар УАЗ-ик мотуорун хопуотугар оройунан массыына үрдүн анньан олордо. Ньургуу олбоххо – соҕотох. Килэрийбит, ньылбырыйбыт эрээри, суол уһун кураан кэннэ улаханнык хотторботох, тиийиэхтээх сирдэрин син бэркэ буллулар.

      Биэрискэ ийэтэ дьиэҕэ баар эбит. Массыына киниэхэ тохтообут тыаһын истэн, күүлэтин түннүгүн түүлүн сэгэтэн, таһырдьаны өҥөҥнөөтө. «Үүрдэҕинэ, ханна эмэ булан хонор инибит» диэн эрэх-турах сананан, кыһалҕата суох курдук туттан, кынталдьыйан тиийэн, Биэрискэ төрөөбүт дьиэтин күүлэтин аанын арыйда. Махсыым бэйэтин наадаларыгар сылдьаары массыынатын бирилэппитинэн бара турда.

      Кини киэһэлик кэлиитигэр ардах син биир түһэр-түспэт ибиирэр этэ. Аана оһоҕун кыратык оттубут, дьиэ сылааһынан, ас минньигэс сытынан саба биэрдэ. Дьиэлээхтэр сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, Махсыымы үөрэ көрүстүлэр. Аана бэйэтинэн күтүөтүгэр сабыс-саҥа таапачыка аҕалан биэрдэ. Дьиэ иһэ боруҥуй курдуга да, уоту холбообуттарыгар дууһа кытта чэпчээбиккэ, сандаарыйбыкка дылы буолла, хурустаал таас люстра күлүмүрдээн көһүннэ. Иллээх дьиэ кэргэн быһыытынан, толору астаах остуол тула олордулар. Эт, хаппыыста, хортуоска бэрэскилэрэ тус-туһунан өрөһөлөммүттэр. Оҕуруот аһыттан салаат, Махсыым урут хаһан да амсайбатах лечо диэн аһа, барыанньа арааһа кыра-кыра хурустаал иһиттэргэ ууруллубуттар, кыһыл көмүс дуйдаах ньуоскалар, биилкэлэр, хаптаҕай быһахтар хостоммуттар. Дьэрэкээн ойуулаах нэлэгэр тэриэлкэ үрдүгэр, эмиэ ол ханыыта буолан баран, хончоҕор иһит турар, онно Аана бэлимиэннээх миин кутан биэрдэ. Аһа барыта минньигэһин! Атын аһы ол нэлэгэр тэриэлкэҕэ ууран сиэниллэр эбит.

      Дьахталлар ытаспыттар быһыылаах, харахтарын халтаһата хайдах эрэ испит курдук. Аана кыыһын сотору-сотору сыллаан ыларыттан сылыктаатахха, оҕотун ахтыбыт. Эдэр ыал хоноһолору хоннорор дьыбааҥҥа салгын сыттаах, кырахымааллаах, хачыгырас-суугунас, мап-маҥан өтүүктэммит таҥаска утуйдулар. Урут Биэрискэ ийэтинээн бииргэ икки киһи утуйар кэтит оронугар хоонньоһон сытар этэ. Махсыым, сылайбыт-аччыктаабыт киһи, тотон, сылааска сууланан, начаас буккураан хаалла. Биэрискэ биир хос чараас араамалаах түннүк нөҥүө иһиллэр түүҥҥү ардах тыаһыгар бигэнэн утуйда.

      Түүн ардахтаах былыт баран хаалбыт. Сайыҥҥы эрдэһит күн уота куруһуба түүл, түннүккэ турар сибэккилэр быыстарынан киирэн, көстүүнэй хос сырдык эркинигэр кылбаарыччы анньыллыбыт мас саһархай сааһын килэбэчитэ оонньоото. Онтон уунан саба ыһыллыбыт курдук, килэгир кырааскалаах муостаттан тэйэн, хос иһин көмүс суһумунан сандаарытта.

      Тугу эрэ гынан, сурдурҕаан-сырдырҕаан баран, утуйар хоһуттан Аана таҕыста, муоста биир хаптаһына иһиллэр-иһиллибэттик

Скачать книгу