Чуумпу дьол. Александра Спиридонова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Чуумпу дьол - Александра Спиридонова страница 14

Чуумпу дьол - Александра Спиридонова

Скачать книгу

дуо? Эчи сүрүн!

      – Ийэҥ тылын иһит! Эйиэхэ уонна ким даҕаны итинник сүбэлиэ суоҕа!

      Махсыым дьоно аах бэлэхтээбит ынахтарын Биэрискэлээх ылбаппыт диир кыахтара суоҕа… Биир үтүө күн, сайын саҕаланыыта, Татыйыына тарбыйахтаах, кугас эриэн эдэр ынаҕы сиэтэн аҕалан, тиэргэн иһигэр уган кэбиспитэ. Кийиитин төгүрүйбүт харахтарын аахайбатаҕа буолан, мичээрдээтэ:

      – Махсыым, бу хотонуҥ иһигэр туох эмэ ититэри холбоон, сылыппыта буолан, уораанын таһаар уонна сүөһүлэргин киллэрэн баайан хоннороор! Сарсыарда кэлэн ыаҕым!

      Сарсыарда аҕыс саҕана, саамай минньигэс ууларын утуйа сыттахтарына, Татыйыына, дэриэбинэ биир баһыттан кэлэн, күүлэлэрин аанын тоҥсуйан лыбыгыратта. Махсыым сурдурҕаан тахсан арыйда. Татыйыына оронуттан тура да илик кийиитигэр тиийэн, сирэйин өҥөйдө:

      – Чэ, Биэрискэ, улахан баайдаах хотун, утуйбута буола сытыаҥ дуо, тур! Тахсан, ынахпыт барахсаны ыахха! – уонна куукунаҕа тиийэн, ынах ыырга сөптөөх иһити көрдөөн, тыаһаата-ууһаата.

      Биэрискэ бэйэтин ийэтэ эбитэ буоллар, «Маамаа, ама хайаан, арах!» диэ эбитэ буолуо. Оттон билигин уһукта илик харахтарын аалынна, төттөрү сытан хаалбыт эригэр атаахтыырдыы үҥсэргээн көрдө, кыһыытыгар тап гыннарда. Хайыай, быстыа-ойдуо дуо, тахсан барда. Махсыым кэнниттэн «һы-һык» диэн күлэ хаалла, оҥосто-оҥосто утуйбута буолла.

      Биэрискэ сайыҥҥы сарапаанын таһынан халаат булан кэттэ. Хотоҥҥо тиийбитэ, Татыйыына ынаҕын бөлүүҥҥү сааҕын Сэмиэнэптэртэн хаалбыт, урукку лааҕа хоҥнубут, эргэ улахан тааска чохчолообут. «Улахан баайа» атын киһиэхэ баай буоллум диэн билбэт быһыылаах, саҥа иччитин диэки көрбөтө даҕаны, ыаһы ыстыыр курдук, кэбинэн ньэлбэҥниир.

      – Тоойуом, бу маны Махсыымҥар дьаһайтараар. Киһигин сытыарыма, көмөлөһүннэрэн, хамсатан ис! Ол эрээри хотон ис үлэтин барытын сэлээннээмэ, хотоҥҥо киллэрбэккэ буола сатаа. Эр киһи чуукур хотоҥҥо киирэн хааллаҕына, аһааҕырар, ыалдьар. Хотон сытын тулуйбат, эр киһиэхэ сөбө суох. Кыайбат, ыарахан үлэҕин үлэлэтээр. Урут ынах ыы сылдьыбыттааҕыҥ дуо?

      Биэрискэ төбөтүн быһа илгиһиннэ. Түүҥҥү түүл дуу диэх курдук санаан, туораттан көрөн турда. Татыйыына «кэл» диэбитигэр соһуйда даҕаны.

      – Мин ынахтан хаһыытыы-хаһыытыы куота сылдьааччыбын ээ! Наһаа куттанабын!

      – Хайа, куттаммаккаҕын! Киһи эрэ маҥнай куттанар, ол сөп. Начаас үөрэниэҥ, сүөһү барахсаны сыллыы сылдьар буолуоҥ.

      – Мин?!

      – Эн, тоойуом, эн. Чэ, кэл, олоруох. Хаһан эмэ саҕалыахтаах буоллаҕыҥ… Сүөһүттэн сиргэнимэ да, куттаныма да, тоойуом. Сахаҕа сүөһүтэ диэн улуу баайа! Билигин аанньа ахтыллыбатаҕын иннигэр, оннук диир кэмнэрэ кэлиэҕэ. Ким барыта, бэл кумааҕылаах-хаалтыстаах даҕаны киһи, аһыыр айахтаах. Аны, оҥойор айаҕар минньигэс, дьиҥнээх айылҕа аһын сиэн баҕарар. Өссө да кэлиэ-э кэм… Онон, тыытааҕым окоото, сыста сатаа, сүөһү диэн аанньал, хайдах эмэ сыста сатаа… – Татыйыына саҥара олорон биэдэрэтин ортотугар диэри ыан күөгэҥнэттэ. – Бу… Бу!.. Маннык

Скачать книгу