Чуумпу дьол. Александра Спиридонова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Чуумпу дьол - Александра Спиридонова страница 13

Чуумпу дьол - Александра Спиридонова

Скачать книгу

олордор, үөрүйэҕинэн, боруҥуй дьиэтигэр болҕомтотун уурбат, түннүктэрэ быыллаах халыҥ сабыынан өрүү саба тардыллан тураллар, ыалдьыт киниэхэ уруккуттан мустубат. Кинини төрдүттэн билэр, бииргэ улааппыт дьүөгэлэрэ биирдэ эмэ үктэнэллэр. Ас хооруммут хобордооҕун бастаан дьиэҕэ сытар тэллэх ытыгар салатан баран сууйарын, иһит сууйбут уутунан муостатын кытта сотон ыларын туһунан бэйэ ыккардыгар дьүөгэлэрэ хобугунаһаллар.

      Оттон бу маннык куукула дьиэтэ дьиэлээх, тугу да быһаарбат, хадьардаспат акаары дьахтарга кини эрэ төһөлөөх таалалаата, кутун-сүрүн сымнатта буолла! Эр дьоҥҥо маннык наада эбээт! Ханна эрэ эркиҥҥэ, баҕар, хаартыската сыстан турара буолуо диэн, дьиэни бүтүннүү кэрийэн, тиҥсирийэ сатаата, тугу да булбата. Акаары дьахтар саатар таҥараҕа үҥэр эбит, утуйар хоһун муннугар уоттаах-күөстээх таҥара долбуура турар… «Оо… тугун бэрдэй дьиэҥ! Дьиҥнээх дьахтар эбиккин» эҥин диэн ньылбаарыҥнаан баран:

      – Кыыһыҥ аҕата кимий? – диэн кэмэ кэллэ дии санаатаҕа, соругун туоһуласта.

      Аана кыыһа үлэлиир оскуолатын дириэктэрэ, эмээхсин диэҕи, аһары кырдьыбыта биллибэт дьахтар, туох наадалаах кэлбитин дьэ таайда.

      – Ээ, ол иһин даҕаны, киһини соһуттуҥ, дьиэбин түгэҕиттэн өрө сүргэйдиҥ дии. Суох-суох, эн эргин иирдибэтэҕим, оҕом аҕата атын киһи!

      – Хантан биллиҥ, мин киммин уонна эрим кимин? – Розалия итэҕэйбэтэ.

      – Хайдах билиэм суоҕай, оройуонум баар-суох тойотторун-хотуттарын?

      – Эт, оччоҕуна, оҕоҥ аҕата кимин уонна хаартыскатын көрдөр!

      Маныаха Аана өһүргэннэ.

      – Өс-сөө! Көр да маны, сэнээбитин! Эн эриҥ буолбатах диэтим дии!

      Розалия Тимофеевна дьиҥнээх сирэйин, дьэ, көрдөрдө:

      – Кыыскын мин дойдубуттан хомуй! Иккиэн өрө барар буоллаххытына, бэйэҕиттэн хоргутаайаҕын! Куһаҕан буолуо!

      – Атаҕастаабытын-сэнээбитин көр! Тохтууруҥ буолуо! Буруйа суох оҕоҕо өс-саас туппут буола-буола! Үтүөлээх учуутал! Оҕолору туохха үөрэтэҕин! Тугуй, ити дуо, үтүөҥ?

      – Эппэтэҕэ диэйэҕин! С-сэрэн! – тииһин быыһынан сыыгынаары, уоһун ырдьах гыммытыгар, адьырҕа араҕас анаҕаһа килбэйэргэ дылы гынна… Мутук үүтүн курдук туран хаалбыт харахтара дьөлө көрдүлэр. Сирэйин тириитэ мырчыһынна, муннун аннын ньуолах түүлэрэ ибигирэстилэр.

      Аана лаппа салынна. Суоһар ыалдьыта тахсан бараатын, ойон туран, бордууһунатын бүөтүн тоҕо тарта, таһырдьаттан ахсынньы аам-даам тумана будулуйда, аанын балайда өр арыйан турда. Талах миинньигинэн салгыны сууралаата, онтон дьиэтин хоһун түгэҕиттэн саҕалаан сиппийэн, сылдьыбыт киһи суолун аан айаҕар аҕалла, бөх баһары ылан кус кынатынан харбаан ылан, уулуссаҕа таһааран тэбээтэ. Утуйар хоһугар өр соҕус буолан баран таҕыста, нуучча таҥаратыгар үҥкпүтүттэн астыммата быһыылаах, аны оһоҕун хаппаҕын арыйан, ботугуруу-ботугуруу, эһэкээнигэр арыылаах ас кээстэ. Оһоҕун чоҕун сылааһыгар угуттанан,

Скачать книгу