Чуумпу дьол. Александра Спиридонова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Чуумпу дьол - Александра Спиридонова страница 12

Чуумпу дьол - Александра Спиридонова

Скачать книгу

арааһыттан улахан-кыра кырыыҥкалары суумкаҕа ыгыччы хаалаата. Туспа суумкаҕа бэрэскилэри укта, кыыһын сыллаан ылла, оҕолор тахсан бардылар. Сибилигин дьонунан туолан сэргэхсийбит дьиэ эмиэ кураанахсыйан, кэҥээн хаалла. Эр киһи сыта урут иҥмэтэх дьиэтигэр, саҥа олохтоох баар буолбутун туоһулаан, таҥас ыйыыр ыскаап таһыгар эр киһи суппуун таапачыката сытан хаалла. Соҕотохсуйбутун тулуйбата. Аана төлөпүөннээн, ыаллыы олорор эмиэ аҥаардас дьүөгэтин ыҥырда. Халадыынньыгыттан ханньаах бытыылкатын ойутан таһаарда, сүүтүк саҕа көмүс үрүүмкэҕэ толору куттан, «кылк» гыннаран кэбистэ…

      Үөрэх дьыла ортолоон эрэр. Биэрискэ Розалия Тимофеевналыын сыһыаннара тупса илик, эбии сэтэрииргэ дылы. Розалия уруу малааһыныгар ыҥырбата диирэ дуу. Эдэрдэр сыбаайбалаабаппыт диэбиттэрин үрдүнэн, икки өттүттэн уруулар көрсөн-булсан, бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, тэрийэн кэбиспиттэр этэ. Эдэрдэр бэйэлэрэ ыҥырыылаах ыалдьыт курдук буолар күнүгэр эрэ тиийбиттэрэ, доҕотторун-атастарын да ыҥырымына хаалбыттара, аҕыйах киһиэхэ тылынан эппиттэрин, син истиһэн кэлбиттэр этэ. Сэбиэккэ саахсаланааттарын кытта, кырдьык-хордьук, саарыктардаах массыынаҕа тоһуйан, кэтэһэн турар бэлэм остуолга олордубуттара.

      Уруу киэһэтэ уһаабыта, ааһа баран, олус табыллыбыта. Ас арааһа, эгэлгэтэ элбэҕэ, эппиккэ дылы, чыычаах эрэ үүтэ суоҕа. Көрдөөх Көстөкүүнү тамадаалаппыттар, дьону быардара быстыар диэри күллэртээбитэ, кэлин Көстөкүүн сөмүйэтин көрдөрдөҕүнэ кытта ньиргиһэ түһэр буолбуттара. Хайа да өттүттэн аймахтарга ырыаһыттар бааллара киэһэни наһаа киэргэппитэ. Дьиэҕэ-уокка наадалаах бэлэх бөҕөтүн биэрбиттэрэ, Махсыым дьоно ыанар ынаҕы кытары бэлэхтиибит диэбиттэрэ. Онуоха Аана, дьиэ іґүітүн үрүҥүнэн-харанан көрө-көрө, дьон истэрин курдук, саҥа таһааран үөһэ тыыммытыгар аттыгар олорор Сөдүөрэ ойоҕоско тоҥолохтоото. Орто холуочук Аана омуннаахтык соһуйбута буолла.

      Дьон үксэ итириэ эбит да, өйдөөх Сөдүөрэ арыгыны элбэхтик ылларбатаҕа. Олох да арыгыта суох «сухуой» гыныаҕын, бары аймахтар ким кыратык, ким элбэхтик иһэллэр этэ. Арыгылара оруобуна сөпкө бүтэн хаалбыта, итирик-кутурук суоҕа, сүргэ көтөҕүллэрин эрэ курдук испиттэрэ. Чэ, туох да диэбиттэрин иһин, бэртээхэй малааһын ааспыта. Бары астыммыттара. Биэрискэ таах суолталаабакка, дьон курдук саҥа маҥан былаачыйа кэппэтэҕим хомолтолоох эбит дии санаабыта.

      Розалия Тимофеевна, уруккута борокуруор ойоҕо, бэйэтэ үөрэх салаатыгар хотун этэ. Эрэ бүөр ыарыһах буолан, саастарын ситэ бииргэ олорботохторо. Кырдьар сааһыгар сынньалаҥнык сылдьаары, төрөөбүт дойдутугар, Чуурайга тахсан олорбута ырааппыт этэ. Улахан кыыһа быраас, күтүөтэ райсэбиэккэ кыра тойон. Уола эмиэ туох эрэ тойон, куоракка олорор. Кыра кыыһа соҕуруу юрист үөрэҕин бүтэрэн, хотугу улууска кэпсэтиинэн судьуйалыы барбыт кэмэ этэ.

      Үйэтигэр хотумсуйа үөрэммит, өрүү салайар үлэҕэ сылдьыбыт сааһырбыт дьахтары эмээхсин диэҕи, киһи тыла тахсыбат. Розалия билигин да толуу-мааны көрүҥнээх, уостара-иэдэстэрэ уола илик, харахтарын

Скачать книгу