Чуумпу дьол. Александра Спиридонова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Чуумпу дьол - Александра Спиридонова страница 8

Чуумпу дьол - Александра Спиридонова

Скачать книгу

күнү аһарбакка, Махсыым ийэтэ, Татыйыына, кинилэртэн үс дьиэ нөҥүө олорор Сахаараптартан тиэргэннэригэр кураанах турар бып-быыкаайык дьиэлэрин кэпсэттэ. Саҥарбат Саабатынаан кутугунайан, тоҥ дьиэни оттон, ыал бөҕүн дьаһайан, сууйан-сотон кэбистилэр. Кыһаллыбыт-мүһэллибит көрүҥнээхтэр, төттөрү-таары суксуруҥнаһан тоҥхороҥностулар. Сырдаабыт сирэйдэрин дьонтон кистээбэттэр, Татыйыына үөрүүтүн ыһа-тоҕо кэпсиир киһи буолла. Аҕыйах хонон баран, Чуурайга саҥа ыал олоҕо түстэннэ.

      Биэрискэ Үрүҥнэриттэн көстө. Марыыскалыын үөрэ-көтө сылластылар, куустустулар, кыыс кыра суумочкатын тутан баран, күүлэҕэ таҕыста. Утары Кирииччэ киирэн эрэрэ баара да, эмискэ кыыһы күүлэ эркинигэр сыһыары аста, илиитинэн эркиҥҥэ тирэннэ. Соһуйан, тылыттан матан хаалбыт кыыс, Кирииччэ сирэйин куттаммыттыы утары көрдө. Киһитэ дьиппинирбит көрүҥнэммит, уостара кыбыс-кытаанахтык ыпсыбыттар, сурааһын эрэ курдук көстөллөр. Кыараан хаалбыт харахтара кыыһы сып-сытыытык дьөлө көрөллөр! Дьиэ аана кыыкырдаан арылынна. Марыыска мичээрдээбитинэн тахсан иһэн, төттөрү түһэн хаалла. Биэрискэ Кирииччэ илиитин аннынан сылыпыс гынан, таска куотта. Махсыым массыынатыгар Биэрискэ суумкаларын дьаһайа олороро…

      Ийэм таптыыр уолбун сөбүлээбэтэ буолуо дии санаабыта, сэрэйбит сэрэх, Аана Сэмиэнэбинэ күтүөтүн көрөөт, сирэн кэбиспитэ.

      – Пахайбын даҕаны! Уол баранан, бу айылаах дөйө сытыйбыт киһини булуннуҥ дуо?! Саатар мантан атын киһи суох этэ дуо? Тириини хайа соппут курдук харахтардаах буола-буола, унньуйа дөйбүт «замухрышканы» хомуйан кэлбиккин! Айыккабын ньии! Биһиэнэ биһиэнин курдук! Туох үөрэхтээҕий, сатаатар?

      Биэрискэ Махсыымын «дөйбүт киһи», «замухрышка» диэбиттэриттэн өһүргэнэн, тугу да саҥарбата. Ол икки ардыгар Махсыым таһырдьаттан киирэн кэллэ. Хаһаайкаттан ыраах, оһох иннигэр кыра олоппоско олорунан кэбистэ, дьыалата хаахтыйан эрэрин тутатына таайда.

      – Тоойуом! Кыратык таска тахса түс эрэ, мин бу кыыстыын кэпсэтиэм этэ! – Аана долгуйан, саҥата тыҥаабыт. Махсыым тыастаахтык ойон туран, ааны «лип» гына быраҕан, тахсан барда.

      – Маама-а! – ийэтин диэки куһаҕаннык көрөөт, Биэрискэ эрин сырыста. – Махсыым! Максиимка-а!

      Уол УАЗ-игар кирэн олороотун кытта, Биэрискэ сүүрэн кэлэн хабыынаҕа хатааһынна, массыына аанын тыаһа «лап» гынна. Уол саҥата суох ыйытардыы көрөн ылла. Кыыс ахсарбатахтыы ийэтин дьиэтин диэки сапсыйан кэбистэ. Массыына эстэр тыаһа кыыкынаата уонна бадараана бэлиэр кууран эрэр уулусса устун бырылыы турда – билсэн-көрсөн бүттэхпит ол…

      Оҕолор соччото суох сирэйдэриттэн дьоно аах туох буолбутун тута сэрэйдилэр. Били, ыһыах кэнниттэн, от саҕаланыан иннинэ, уруу ыһыаҕа тэрийэн, киэҥник-куоҥнук малааһынныах буолбут былааннара ыһыллан, букатын мунан хааллыллар. Махсыым иннинэ икки кыыс оҕолоох, соҕотох уоллаах ыал уруу тэрийэн көрө иликтэрэ. Кыра кыыстара кэргэннэммэккэ сылдьар, улаханнара уруута суох ыал буолан, хоту баран олорор. Оттон Биэрэ соҕотох оҕо, бииргэ төрөөбүттэрэ суох. Онон уруурҕаһар үөрүүлээх, бэлиэ түгэннээх буолуо этэ да…

Скачать книгу