Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев страница 16
20. Рассчитано по данным Территориального органа ФСГС по РС(Я). Отдел населения; материалам из личного архива Никадимова Ф.Д. и др.
21. Составлено по: Сивцева С.И. Указ. соч. С.107; Территориальный орган ФСГС по РС(Я). Отдел населения; материалы Всесоюзной переписи населения 1959 г.
ИЭДЭЭН ТӨРДӨ ТУОХХА ЭТЭЙ?
Сэрии сылларыгар Саха сирин территориятыгар биир да бомба, снаряд түспэтэҕэ. Ол эрээри уоттаах сэрии сотон ааспыт иччитэх сирдэригэр майгынныыр кураанахсыйбыт өтөхтөр, дьон олохсуйбут миэстэлэрэ үгүстэр. Ити дьоно-сэргэтэ аччыктаан, хоргуйан өлбүттэр олохторо.
«Чолбон» сурунаал бу 1992 сыллааҕы 4 №-гэр экономическай наука кандидата Н. Дьяконов «Төһө киһи хоргуйан өлбүтэй?» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Ыстатыйа матырыйааллара, официальнай статистика дааннайдарыгар олоҕуран суруллубут буоланнар, итэҕэтиилээхтэр.
Онно этиллэринэн, 1940 с. Саха сиригэр тыатын нэһилиэнньэтэ 325974 киһи эбит. Оттон ити сыыппара 1946 с. баара-суоҕа 218000 киһиэхэ диэри таҥнары түспүт. Оттон сэрии сылларыгар фроҥҥа тыа сириттэн 41,8 тыһ. киһи барбытыттан 27,6 тыһ. киһи өлбүт. Онтон ордуктара төһөтө хоргуйан уонна ол содулугар өлбүтэ биллибэт. Киин уонна Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар 1941—1943 сс. өлбүт дьон 50,8 бырыһыаннара хоргуйууну кытта быһаччы сибээстээх эбит. Өскөтүн 1939 с. Чурапчы оройуонугар 16989 киһи баар эбит буоллаҕына, 1946 с. 8900 киһи буолбут. Ити сыыппаралар туһааннааҕынан Сунтаарга 22559—13900, Уус-Алдаҥҥа 16989—11600, Мэҥэ-Хаҥаласка 20711—14400, Ньурбаҕа 21601—1500, Арҕаа Хаҥаласка 18453—1500, Бүлүүгэ 16023—11900, Үөһээ Бүлүүгэ 14853—10400 тэҥнэспиттэр.
Дьэ, доҕоттоор, туох да диэбит иһин туох эрэ ыарыы сотон ааспытын курдук балысхан аччааһын. Ама, бу барыта сэриигэ баран суорума суолламмыт дьон охсуута буолуо дуо? Ити содула баара мөккүһүллүбэтин иһин, итиччэ үлүгэр быһа-бааччы көҕүрээһин тахсыан табыллыбат. Бу биричиинэтин туһунан дириҥник, киэҥник ырытыһар, хоҥнохтоохтук кэпсэтэр кэм кэллэ дии саныыбын. Саарбахтааһына суох, нэһилиэнньэ ахсаана ити сөҕүмэр аҕыйааһына хоргуйан өлүүнү кытта быһаччы сибээстээх. Уонунан тыһыынча биир дойдулаахтарбыт, биир хааннаахтарбыт туох да буруйа суох эрээри суорума суолламмыттарын кэриэстиир, ахтар-саныыр кэммит кэллэ. Ити хайаан да биирдиилээн салайааччылар уонна аҕыйах дьон бөлөхтөрүн интэриэһинээҕэр үрдүктүк тутуллуохтаах.
Өлөр-өлүү, быстарыы түбүлээбит сүрүн биричиинэтэ туохханый? Онто да суох аҕыйах киһилээх республикаттан бачча үлүгэр элбэх киһи тоҕо хоргуйан өллө? Кинилэри быыһыыр, өрүһүйэр тоҕо кыаллыбатаҕай? Итиннэ араас биричиинэлэр баар буолуохтарын сөп. Мин санаабар, икки сүрүн биричиинэ баар быһыылаах. Бастакытынан, республика уонна оройуоннар оччотооҕу салайааччылара тыа сиригэр хоргуйан өлүү аһара үксээбититтэн, маассабай характердаммытыттан куттанан, ону тохтотор кыахтара суоҕун билинэн, норуокка итиэннэ дойду үрдүкү салалтатыгар адьаһын биллэрбэт, кистиир-сабар суолу тутуспут