Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев страница 19
Колхозтаах ыал хантан да аһыыра суох буола түспүтэ. Сэрии сылларыгар рабочай, сулууспалаах карточканан нуорма ылар буоллаҕына, колхозтаахха оннук нуорма олохтоммотоҕо. Сут кэлбитин көрө олорон республика салалтата «Барытын – фроҥҥа, барытын – кыайыы туһугар» диэн лозуну кэлиилии кэбэ олорортон атыны билиэн да, истиэн да баҕарбатаҕа. Инньэ гынан бурдугу государствоҕа туттарыы сорудаҕын колхозтар этинэн, арыынан толорорго күһэллэллэрэ. Ол инниттэн 1940 сылга 286, 1941 сылга 419, 1943 сылга 112 колхоз грамм да бурдугу колхозтаахтарга бурдугу дохуот быһыытынан түҥэппэтэҕэ. 1941, 1942, 1943 сылларга колхозтаах баһыйар үгүс өттө арыынан, үүтүнэн дохуот диэни аахсыбатаҕа. Эгэ, харчынан дохуот кэлиэ дуо?
Ити үрдүнэн колхозтаах байыаннай нолуоктан төҥүргэс нолуогар тиийэ араас түһээни бүтүннүү төлүөх, оборона фондатыгар үп биэриэх, заемҥа суруттарыах, Кыһыл Армияҕа бэлэх, итии таҥас ыыта олоруох тустааҕа. Балык, түүлээх булда, бириискэлэргэ таһаҕас тиэрдиитэ ити эмиэ кини эбээһинэһэ этэ.
Биллэн турар, обком салалтатын «ура-патриотическай» дьайыыта туохха тиэрдибитин, үөскээбит быһыыны көннөрөргө өйдөтүһэ, туруорса сатааччы дьоннор бааллара. Оннук дьону саба охсон иһэллэрэ. Оччотооҕу обком салалтатын сыыһаларын, олор туохха тиэрдибиттэрин туһунан урут сөптөөҕүн суруллан турар. Онон, үрдүкү салалта өттүттэн норуот кыһалҕатыгар туох сыһыан баарын көрдөрөр биир эрэ холобуру аҕалабын.
Иэдээннээх 1942 сыл сайын обком тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ Атражев, Ленин томун кыбына сылдьан, от үлэтэ Тааттаҕа хайдах барарын көрөр уонна обком бастакы секретара И.Л. Степаненкоҕа 1942 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр маннык ис хоһоонноох телеграмманы ыытар: «Разгильдяйские темпы в работе объясняют «отсутствием» хлеба и других продуктов. Выставляют наглые требования – разрешить забой скота для питания колхозников, а также увеличить лимит хлеба и отпуск молока с ферм, независимо от выполнения молокопоставок государству…
Тов. Степаненко, если возможно, то дайте указание выслать в район примерно месяц работника из прокуратуры и из суда. Например, один «колхозник» в к-зе им. Стаханова зарезал 4 головы рогатого скота, в том числе 1 рабочего быка, одну корову и до сих пор остается безнаказанным.
На 15/VIII убрано 11.286 т. – 28 % к потребности».