Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев страница 21
Инньэ гынан, таблицаттан туох дьылҕаламмыттара биллибэт 54 тыһыынча кэриҥэ хаайыыга түбэспиттэртэн, 33776 сибилигин аҕай аахпыт дьоммутуттан, балыкка, түүлээххэ барбыттартан, ФЗО-ҕа, шахта үлэтигэр барбыт оҕолортон, барыта 110-ча тыһыынча дьонтон, 1000 киһиэхэ өлүү коэффициенын көннөрү нэһилиэнньэҕэ буолбутун курдук 45 диэн аахтахха, киин оройуоннар сүтүктэрэ 80-тан тахса тыһыынчаттан тахса буола түһэр. Аны туран сут-кураан 1939 сылтан саҕаланан баран 1947 сылынан бүппүтэ. Онон таблицаҕа хабыллыбатах 1939, 1945, 1946, 1947 сылларга өлүү-сүтүү син биир, көннөрү кэмнээҕэр, лаппа элбэх этэ.
Сэрии инниттэн 1938 сылтан сэллик ыарыы улам күүскэ тарҕанан, 1938, 1939, 1945, 1946 сылларга, хаайыылааҕы, таблицаҕа көрдөрүллүбэтэх онтон да атын дьону киллэрбэтэххэ да, 28059 киһи өлбүтэ диэн докумуоҥҥа ыйыллар (эмиэ онно, 71 оп., 91 дь. 35 л.) 1947 сыллаахха Саха сирин үрдүнэн бүтэһик кураан дьыл кэлэн ааспыта. Онно Тааттаҕа Баайаҕа, Үөһээ Бүлүү сорох нэһилиэктэрин курдук сирдэргэ хоргуйан өлүү кытта баар буолбуттаах. Онон, 1938—1947 сылларга Саха сирин киин оройуоннарын сүтүгэ, өлүү-сүтүү тустаах кэмин коэффициенынан суоттаатахха, син биир сүүстэн тахса тыһыынча буола турар. Сэрии, сут-кураан сылларыгар киин оройуоннар өлбүтүнэн 108 тыһыынча киһилэрин сүтэрбиттэрэ диэн урут хаста да төхтүрүйэн суруйбуппун ити курдук быһаарабын.
Аны төһө киһи хоргуйан, төһө киһи сэлликтэн өлбүтүн быһаарсарбыт хаалла. 1944 сыллаахха проф. Михайлов салайааччылаах ССРС наркомздравын экспедицията, проф. Вейдейлер салайааччылаах РСФСР наркомздравын экспедицията Дьокуускайга сэллик тарҕаныыта нууччалар ортолоругар 9,2, сахалар ортолоругар 47,9 бырыһыан диэн быһааран барбыттара. РСФСР минздравыттан 1947 сыллаахха кэлбит проф. Клебанов экспедициятын дааннайынан, сэллигинэн сутуллуу орто дааннайа 18,5—20 бырыһыан эбит. (ф. З, оп. 71, д. 128, л. 75). Сэлликтэн, хоргуйан өлүүттэн тэптэрэн, сэрии сылларыгар уопсай өлүү, били 1945 сыллаахха үлэлээбит Г.М. Чудинов комиссията түмүктээбитинэн, көннөрү кэмҥэ буоларынааҕар 3—4 төгүл элбээбитэ. (ф.З, оп.71, д.81, л.57).
Итинник дааннайдарга олоҕуран, киин оройуоннарга тоҕус сыл устата өлбүттэр ахсааннарыттан – 108 тыһыынчаттан сэлликтэн өлбүт 27000, араас ыарыыттан өлбүт 47 тыһыынча этэ диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп. Онтон ордуга – 34000 киһи – хоргуйан өлүүгэ тиксэр гынан баран, ону ханнык да докумуонунан бигэргэтэр кыах суох. Ол тоҕото биллэр.