Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев страница 20
Маннык дьаһаллар дьон маассабайдык хоргуйан өлүүтүн тохтоторго төһө да көмөлөөх буолбуттарын иһин сэллик ыарыы иэдээнэ өргө диэри ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ уонна саха норуотун генофонугар өтөрүнэн көммөт охсууну оҥорон ааспыта.
Сэллик уонна сэрии кэминээҕи хоргуйуу тустарынан суруйарбар урут да, бу да сырыыга чахчы эрэнэр эрэ докумуоннарбар олоҕурбутум да, олоҕурабын да. Инньэ гынан аны бу ыстатыйабар сыһыарыы быһыытынан бэриллэр таблицаҕа тохтуоҕум. Таблица, сигэнэр атын докумуоннарым курдук, СР Национальнай архивын уруккута «ПАЯО КПСС» дэнэр филиалыттан ылылынна.
Таблица – биһиэхэ тиийбит кырдьыктаах да, туһалаах да докумуоннартан биирдэстэрэ. Аата «Справка об естественном движении населения Якутской АССР» диэн. Тигиллэ сылдьар докумуона «Объяснительная записка по естественному движению населения Якутской республики» диэн ааттаах. Лииһин ахсаана 83. Бу докумуону Киин Комитет 1943 сыллааҕы уурааҕа тахсыбытын кэннэ республика Верховнай сэбиэтин депутата, министр Г.М. Чудинов баһылыктаах саҥа обком тэрийтэрбит комиссията оҥорбут. Атыннык эттэххэ, комиссия обком урукку састаабын сыыһаларын ууран биэрэргэ тирэх буолар сыысхала суох дааннайдары булар, олорго олоҕуран тустаах мөккүһүннэрбэт объективнай түмүктэри оҥорор аналлааҕа. Ол да курдук комиссия саха нэһилиэнньэтин өлүүтэ Советскай былаас сылларыгар тоҕо үксээбитин быһаарарыгар, үс биричиинэни: суту-курааны, сэрии үтүргэнин, салалта сыыстарыытын – ааттаан баран, «пренебрежительное отношение к человеку, игнорирование культурно-бытовых, исторически сложившихся особенностей быта якутского народа» диэн оччолорго мээнэҕэ этиллибэт бэрт хоһуун тылларынан түмүктүүр (ф.З, оп.71, д.81, л.58).
Оттон таблицаҕа эргилиннэххэ – бу биһиэхэ тиийбит кырдьыктаах да, оччотооҕу кэми таба өйдүүргэ туһалаах да докумуоннартан биирдэстэрэ. Ол гынан баран, бэйэм өйдүүрбүнэн туох да уратылааҕар тохтообокко ааһарым хайдах да табыллыа суох курдук. Туох-ханнык иннинэ таблица дааннайдара