Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев страница 17

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев

Скачать книгу

обком да, совмин да ылыммакка ханна барыахтар этэй? Итинник комиссиялар оройуоннарга тэриллибиттэрэ тоҕо эрэ иһиллибэт. Бары куттанан, киксибит курдук, ууну омурдан олорбуттара. Обком уоһа хамныырын кэтэспиттэрэ.

      Эн, саха салайааччыта, бэйэҥ омугуҥ дьылҕатын туһугар ис дууһаҕыттан ыалдьан кыһаммат буоллаххына, ол туора омук дьоно сылаас кабинекка, сымнаҕас кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олорбут Степаненко дуу, Масленников дуу кыһаллыахтара дуо?! Кинилэргэ сыччах государственнай былааны толоруу эрэ наада, атыҥҥа аралдьыйалларын оччо ахсарбат тойоттор буолаллара өйдөнөр. Тыа сирин иэдээнин барытын республика үрдүкү салалтатыгар түһэрэр тутах, кэрэгэй.

      Итиччэлээх үгүс хоргуйан өлбүт дьон быыһыгар, хор, биир эмит кыра да салайааччы аччыктаан, хоргуйан эрэйдэммитэ адьас суох этэ, хоргуйан өлбүтэ баар буолуо дуо. Кыра кыаммат дьон, аһы-үөлү бэйэтин чэрдээх илиитинэн үлэлээн муҥнанан аһааччы боростуой үлэһит сордоох үрүҥ-хара көлөһүнүн тоҕон, дойдуну аһатан-таҥыннаран баран, быһылааннаах кэм үтүргэнигэр тиийэн бастаахтартан өрүһүллэрин оннугар өлөр-өлүү иннигэр умсары анньылыннаҕа…

      Үтүмэн үгүс материальнай хоромньуну таһынан төһөлөөх үгүс культурнай, духовнай сүтүк таһаарыллыбыта буолуой? Ити уонунан тыһыынча өлбүттэр истэригэр эдэркээн бэйэлээх ыччаттар уонна оҕолор бааллара эбээт. Кинилэр ортолоругар эҥин эгэлгэ талааннаахтар былаҕайга былдьаннахтара. Кинилэр төһөлөөх үгүһү айаннар республика духовнай сайдыытыгар киллэриэхтэрэ хааллаҕай…

      Ыал ыалынан, дьиэ дьиэнэн эстибитэ. Ити аата ол дьон утумнуур суоллара-иистэрэ имири эһиннэҕэ. Ол эрэйдээхтэр төһөлөөх ытаан-соҥоон, хомойон-хоргутан, муҥу-сору көрөн, үгүс киһи үөйбэтэҕин санаан бу орто дойдуттан араҕыстахтара. Кинилэри өрүһүйэр, быыһыыр ким кэлиэй. Тот аччыгы кыайан өйдөөбөт, кини эйиэхэ илиитин ууммат. Хоргуйан өлбүттэр хайдахтаах курдук тулуурдаахтарын, сэмэйдэрин, көнөлөрүн, чиэһинэйдэрин, майгы-сигили сөҕүмэр үрдүк чыпчаалын көрдөрбүттэрин патриотизм уонна геройство курдук көрүөххэ сөп. Киһи сөҕөрө баар, кинилэр аһы-үөлү бэйэлэрэ оҥоро, тута сылдьан өлбүттэрэ. Ити, туох да саарбахтааһына суох, ыраас суобас, чиэһинэй буолуу муҥутуур холобура.

      Кыһыылааҕа-абалааҕа, хомолтолооҕо кинилэр били Крым татаардарын, Волга немецтэрин, Кавказ омуктарын курдук көһөрүллэн, үрүө-тараа баран өлбүт буолбатахтар. Сылаас дьиэлэригэр-уоттарыгар, өтөхтөрүгэр нус бааччы олорон, сыччах баар ас-үөл бэриллибэтэҕиттэн өлбүттэрэ. Чугастыы, биһиэхэ, Уус-Алдаҥҥа, Уһун-Күөл диэн бэрт кыракый дэриэбинэҕэ 59 киһи хоргуйан өлбүтэ биллэр. Ити хоргуйан өлбүт уонунан тыһыынча дьон дууһалара үөһэттэн таҥнары өҥөйөн туран билигин да ытаһа тураллар. Биһиги, буруйа суох эрээри, суорума суолламмыт дьону умнарбыт олох сатаммат, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр иэстээхпит. Муҥ саатар, братскай ииннэри да тутуох баара.

      Бу биһиги, сахалар, үйэлэр тухары оспот бааспыт, национальнай трагедиябыт быһыытынан

Скачать книгу