Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев страница 18
2. 1917 сылтан 1929 сылга диэри хоту олорор норуоттарбыт, үксэ гражданскай сэрии тэбиититтэн, табаларын сорох сиргэ 70—80, атын сиргэ 90 бырыһыаҥҥа тиийэ сүтэрбиттэрэ. Булт 1923, 1924, 1925, 1927 сылларга, күндү түүлээх кыыл кэлиитэ аҕыйаан, биир киһиэхэ тиксэринэн баара-суоҕа 30 солкуобайдаах дохуоту биэрбитэ. Итиччэ харчыга, холобур 1928 сыллаахха, ытыс саҕа кирпииччэ чэйи атыылаһыахха сөп этэ.
Соҕурууттан Саха сиригэр кэлэр аһылык, табаар быстах аҕыйаабытын таһынан, онтон өлүүлээн бэриллибити тиэрдии бэдэрээтинэн эрэ илдьиллэр кыахтааҕа. Онон таһаҕас хоргуйуу ааҥнаабыт сиригэр 8—7 ыйынан биитэр саҥа экономическай политика (НЭП) олоххо киириитэ хотугу норуоттары абыраабатаҕа. Киин Россияттан силистээн государственнай эргиэн тэрилтэлэрэ, үптэрэ-астара дэлэччитинэн, саа, булт тэрилин элбэхтик тиэрдэринэн туһанан, таһаҕаһы бэдэрээттэһэн таһааччылары бэйэлэригэр тардаллара уонна түүлээх көстөр сиригэр ким хайа иннинэ тиийэллэрэ. Кинилэр бастакы куоһурдара: түөрт аты тутан барар ындыыһыкка күҥҥэ 4 солкуобайы төлөөһүн, сүүс буут таһаҕаска үс бытыылка испиири биэрии. Атыыһыттарбыт дэнэр дьон, государство эргиэнин тэрилтэтиттэн кредит ылан, хас да ындыыһыты тутар кыахтаахтара. Оттон 400 гр бытыылка ууламмыт арыгыга 1925, 1926 сылларга Томпоҕо үс тииҥи, үс бытыылкаҕа бүтүн сарыыламмыт тириини биитэр таба саҕынньаҕы ылыахха сөп этэ.
Эргиэн үрэх баһыгар арыгынан, чэйинэн, табаҕынан сүрүннэнэр буолан испитэ. Элбэх түүлээххэ турбат табаар – бурдук, туус, саахар – аанньа тиэрдиллибэт буолбута. Уу суоллаах сирдэргэ бурдук тиийдэҕинэ да, түүлээх суох буоллун да, бурдуктаах лааппылар сабыылаах тураллара. Ол курдук 1927 сыллаахха хоту улуустарга наада буоларынааҕар элбэх аһылык, табаар тиэрдиллибитэ да, түүлээх суоҕунан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыллыбатаҕа. Онуоха эбии государственнай эргиэн, республика олохтообут сыана үрдүкү кэрдииһин кэһэрэ элбээн барбыта. Бултана илик булка иэс ылсыы-бэрсии – бу этэ олохтооҕу хабалаҕа киллэрэр ньыма.
3. Республика өттүттэн кыах тиийэринэн көмө оҥоһуллар этэ. Уон сыл устата хотугу омуктарга бэриллибит көмө кээмэйэ 1,7 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобайга тэҥнэспитэ. Оттон хотугу улуустар гражданскай сэрии кэмигэр тэбиллибит ороскуоттара итинтэн икки бүк улахан этэ. Сити да үбүнэн ас-таҥас кэмигэр тиэрдиллибитэ эбитэ буоллар, дьон хоргуйуута тохтуур кыахтааҕа. Ону баара «Якутторг» да, «Холбос» да хотугу оройуоннарга таһаҕас тиэрдэр транспордара суоҕа. Инньэ гынан, эргиэн олохтоох тэрилтэлэрэ государственнай эргиэн үтүргэнин тулуйбаккалар 1926—1927 сылларга хотугу норуоттар олорор сирдэригэр баар лааппыларын, үптэрэ тиийбэтинэн, сабан, ол государственнай эргиэн тэрилтэлэригэр биэрэргэ күһэллибиттэрэ.
Итинник