Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев страница 10
Сарсыардаттан саҕалаабыт ардах киэһэнэн астар, онон барыыны-кэлиини ыксаабакка былаанныахха сөп.
Сайыҥҥы билгэ
Ньукуолун таҥаратын күнүгэр ичигэс ардах түстэҕинэ – сайына быйаҥ буолар.
Күөл туманын сиигэ окко түстэҕинэ – сарсыныгар кураан күн үүнэр.
Сарсыарда күөл тумана салгыҥҥа көттөҕүнэ – халлаан былытырар, ардаҕар барар.
Элиэ кистээтэҕинэ – ардаҕы кэтэс.
Тыыраахылар охсуллубут хадьымалга түһэр, бугуллар үрдүлэригэр олортолуур буоллахтарына – ардаҕы күүтэҕин.
Баҕа хадьымалга, хонууга тахсара – ардахха.
Тураах хадьымалга сылдьан баҕалыыра – ардахха.
Тойон ыҥырыа киэһэ хойукка диэри лоҥкуначчы тыаһаан көтөрө – курааҥҥа.
Сайынҥы киэһэҕэ хаһыытаабыт саҥаҥ ыраахха диэри эҥсиллэн дуораһыйар буоллаҕына – кураан күннэр үүнэллэрин бэлиэтэ.
Күһүҥҥү билгэ
Күн чаҕылыйан саҕахха киирдэҕинэ – тымныы хаһыҥнаах түүн буолар.
Мас сэбирдэхтэрэ, мутукчалара хойут түстэхтэринэ – күһүнэ уһуур.
Мутукчатын ыһыктыбака туран, кыстык хаар түстэҕинэ – эһиилги сааһа кураан буолар. Хаары кытта булкуспут мутукча хаара эрдэ ууллар, уутун-хаарын сааскы тыал куурдар, оччоҕо кураан сайыны кэтэс.
Күөл мууһа тыаһаан тоҥноҕуна – күөл балыга үөрдүүр, уу дириҥэр мустар.
Кыһыҥҥы билгэ
Саҥа үүнэр ый туруору таҕыстаҕына – хаара суох, тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.
Саҥа ый иттэннэри эбэтэр сытыары таҕыстаҕына – былыттаах, хаардаах ичигэс ый үүнэрин билгэтэ.
Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйар.
Кыһынын салгын соҕурууттан, арҕааттан ыллаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.
Хаар көмүрүөтэ элбэх буоллаҕына уулаах, ардахтаах сайыны кэтэһэҕин.
II. Байанай бэлэҕэ
Сонор аартыга
Кэтэспит күһүммүт син тиийэн кэлбитэ эрээри, киһи хайдах да көмүс күһүн дуйун аннынан сылдьабын диэҕин тыла тахсыбат курдук, сайыҥҥылыы күннэр бэрт уһуннук сатыылаабыттара. Хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэрэ, тиит мас мутукчата түспэккэ тыаһы-ууһу, сыты-сымары эркин курдук хаххалыы турбуттара. Тарыҥнар, маардар тоҥмокколор кута курдук кутаҥнаһан, тыынар тыыннааҕы аһардыбаттыы быһыттаан сыппыттара. Ол эрэн төһө да дьыл хойутаабытын үрдүнэн, булчуттар болдьоспут «тоҥус болдьоҕунан» бултуур ыырдарыгар тахсаллар.
Эр киһи барахсан, маннык түгэҥҥэ түмүгэ хаһан да көстүбэт дьиэ үлэтиттэн босхоломмут үөрүүтүттэн, булт абылаҥнаах соноругар курдаттыы тартарар соргутуттан, доҕотторун кытта көрсүбүт балысханнаах түгэниттэн, туттардыын-хаптардыын, саҥалыын-иҥэлиин уларыйар, сүөм үрдээн, өйө-санаата эрбэх үрдүгэр