Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев страница 11
Тээппин. Кинини лөкөчөөттөр итинник ааттыыллар. Тээппин аҕата эдэр сылдьан бу сирдэринэн сылдьан бултаабыт, онтон сиэттэрэн бу сиргэ бултуур үгэстэммит. «Бастаан утаа доруоп саанан, сүнньүөҕүнэн бултуурбут. Табаларга чугаһыы сатаан оннооҕор бэйэбит таба буоларбыт», – диэн Тээппин кэпсээнин саҕалыыр.
– Тарыҥ үрэххэ киирэн кэлбиппит, арай, табалар мэччийэ сылдьаллар. Туохха эмит хаххаланан чугаһыахпытын, киһи наадыйдаҕына, сүөм да саҕа мас суох буолан биэрдэ. Остуол сирэйин курдук киллэм ыраас сиргэ киирэн хааллыбыт. Балаһыанньа уустугурда. Толкуйдуу түһэн баран, «табалыы хаамыахха» диэн өй көтөн түстэ. Куочук атыыр табаны үтүктэн илиитигэр саатын туора тутан баран илиитин өрө уунна. Оттон мин Куочугу биилиттэн кууһаммын, таба кэннэ буолан хаамыстыбыт. Арай, атыыр табабыт биһигини боотургуу көрдө быһыылаах, утары сүүрэн кэллэ эрээри икки сүүс миэтирэттэн ордук чугаһаабат. Одуулуур. Тула холоруктуур, сири табыйар, муоһунан суоһурҕанар.
Ити кэмигэр биһиги ытан тигинэтэбит да сүнньүөхпүт хантан тиийиэй. Сүнньүөхтэрбит атыыр иннигэр сиргэ түһэн муоҕу бурҕаҥнаталларын көрөбүт эрэ. Ыттыбыт да табабыт тэйэн хаалар. Онтон өтөр соҕус буолаат, эмиэ төннөн кэлэр. Ким эрэ салгыҥҥа суруйан кэбиспитин курдук, көстүбэт кыраныыссанан ордук хос чугаһаспаппыт. Абалаах баҕайы этэ, ааста эрэ диэн. Билиҥҥибит курдук күүстээх саалардаахпыт эбитэ буоллар, – диэн Тээппин үөһэ тыынар, саҥа атыыласпыт «Тигр» карабинын илиитигэр ылан кыҥаталаан көрөр.
Уолаттар күө-дьаа буолан бултуохтаах сирдэригэр «Иччилээххэ» бардылар. «Куочуктар» бөлөхтөрүгэр мин бырааппынаан хааллыбыт. Биһигини кытта «Кулууп Өлөксөйө» бултаһар буолла. Өлөксөй Уоһукап – Куола бииргэ төрөөбүт убайа. Кини ыал буолан дойдутуттан көһөн, Нам Хатырыгар олохсуйбут. Бу олорор үүтээммитин Өлөксөй Халбаакы Бааската уонна Быччах Баһылай диэн булчуттары кытта бу эргин бултаары туттубуттар. Онон, дьиҥэр, Өлөксөй туппут үүтээнигэр күөлэһийэ таалалыы сылдьар эбиппит. Быйылгы булка Өлөксөй сиригэр-уотугар ыалдьыт курдук ахтылҕанын таһаара кэлбит.
Куочук сааһынан төһө да эдэрин иһин, бу сиргэ бас-көс киһибит. Кини былаанныырынан кэлии-барыы оҥоһуллар. Кини бу сиргэ егерь курдук сылдьар. Кыһыннары, сайыннары