Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев

Скачать книгу

уратыта – бөдөҥ, эттээх уонна сиһин уҥуоҕа кытаанах буолар.

      Хара мастаах күөл. Алаастыҥы, оттонор ходуһалаах, тулата тиит тыалаах, куталаах, күөлүн анна былыыктаах, муохтаах, собо эриллэр араас оттоох күөл. Маннык күөл собото бэс күөлүнээҕэр көрүҥүнэн кыра, ол эрээри амтанынан, миинэ барарынан, өлө хойуутунан улахан уратылаах.

      Алаас күөлэ. Бүлүүһэ ортотугар сытар курдук дьоҕус күөл. Ойуурун саҕата үрдүк таалалардаах. Ардах-хаар уута алаас ортотугар сытар күөлгэ сиҥэрэн киирэрин быһыытынан ходуһатыгар үүнэр ото олус иҥэмтэлээх буолар. Ол да иһин буолуо, собото, быччыыката, мундута, күөнэҕэ олус минньигэһинэн, этэ сымнаҕаһынан уратылаах.

      Тэҥкэ күөлэ. Өрүстэр, үрэхтэр тардыыларыгар үөскүүр уута сааһын аайы сайҕана турар уулаах күөл. Тэҥкэ күөлэ өрүһү, үрэҕи кытта сибээстээх буолан, уутугар өрүс балыктаах буолар. Үрэх сүнньүн санатар курдук биэрэгиттэн эмпэрэ сүнньүлээх. Собото өрүс балыктарын кытта алтыһар буолан, лэппиэскэ курдук бөдөҥ. Тэҥкэ күөл олус тыаһырҕас, сыыдам соболордоох.

      Тукулаан күөлэ. Бэс тыаҕа сыҕарыйа сылдьар кумахтаах, тукулааннаардаах сир тулааһыннарынан үөскүүр күөл. Тукулаан күөлүгэр өрүс балыгын бары көрүҥүн көрсүөххэ сөп. Маннык күөлгэ быраҥаатта сөбүлээн үөскүүр. Собото бэс күөлүн соботуттан этэ сымнаҕас уонна миинэ барымтыатынан ураты минньигэс амтаннаах.

      Уйбаан «тройной ухата»

      Биирдэ Уйбаан Силипиэнтэп: «Дьэ, нохолоор, мин «тройной ухаттан» атын миини испэт буола сылдьабын», – диэн хонтуораҕа мустубут дьон ортотугар собо миинин хайдах буһардахха ордук минньийэрин туһунан улахан кэпсэтиини таһааран турар.

      Биһигини кырдьаҕастарбыт собо миинин оргуйбутуттан ааҕаннар чаас уон биэс мүнүүтэ буһарарга үөрэппиттэрэ. Биир чаас устата оргуйбут собо миинэ минньийэр, онтон уон биэс мүнүүтэ салгыы оргуйдаҕына, собо миинин астыйар диэн быһаараллара. Бу кэм устата собо үрдэ үрүмэлэнэ, миинэ үрүҥ буола хойдо буһар. Оттон собо бэйэтэ уулла буһан, өлө, искэҕэ, сиһин этэ сииргэ минньигэс амтаннанар. Миинин истэххэ, түөһүҥ иһинэн сайа охсон киирэн, эккинэн бүтүннүү тарҕанан, уҥуохтаргын, эккин-сииҥҥин сымнатан, сытан, сынньанан ылыаххын баҕарталаан кэлэҕин. Собо киһиэхэ ити курдук түргэнник эккэр-хааҥҥар дьайа охсор күүстээх.

      Оттон Уйбаан «тройной ухата» диэн биир мииҥҥэ үс төгүл собону уган буһарбыттара ааттанар. Ол аата күөскэ кутуллубут ууга бастакы биэс-алта собону халыкыната түһээт, хоторуллар, онтон ол ууга иккиһин соччо собону хос уган чаас аҥаара буһарыллар уонна эмиэ хоторуллар. Онтон үсүһүн итиччэ собону саҥаттан күөскэ угуллар уонна чаас уон биэс мүнүүтэ оргутуллар. Маннык ньыманан буспут собо миинэ киһи сүһүөҕүн көрбүтүнэн түһэр хойуу, амтаннаах буолар.

      Билгэлээһиннэр

      Сиргэ сылдьар киһи күнү-дьылы куруутун кэтээн көрүөхтээх. Сылдьарын тухары тулатыгар буолар уларыйыылары болҕойон көрөн, көтөрдөр сырыыларынан, халлаан туругунан, тыалынан-кууһунан билгэлииргэ, күнү-дьылы

Скачать книгу