Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев

Скачать книгу

кэлбитим, наарабар олорор эбиппин. Кус тэллэх матараас хайдыбатах, үүтээн иһигэр кус түүтэ ыһыллыбатах, остуол түөрэ тэбиллибэтэх, иһит-хомуос ыһыллыбатах, кыыннаах быһаҕым өттүкпэр иилиллибит, оттон сүрэҕим буоллаҕына, айахпынан уһулу ойон тахсыахтыы баллыгыраччы тэппит. Уоскуйаарыбын таһырдьа тахсыбытым, аҥаар хараҕа сүүлэ иһэн хаалбыт, «полковой» ыта, остуол үрдүгэр тахсан турар эбит. Ыт миигин көрөн, мөҕүллүмээри ыйылаабытынан сиргэ ыстанан, куотан унньулуйда.

      Тула өттүбүн сирийэн одуулаһа көрбүтүм, сарсыардааҥҥы хаар ууллан, хаһан да хаар түспэтэҕин курдук, от-мас силбигирэн, ардах түһэринии, таммахтар тобугуруу саккыраабыттар.

      Сотору соҕус массыына сыыгынаан кэлэн, үүтээн кэтэҕэр тохтоото. Тээппин Дьокуускайтан кэлиэхтээх биллэҕин көрсө дьиэлээн иһэрин кэпсээтэ. Мантан лебедка ылаары суолтан туораабыт.

      Тээппиҥҥэ түһээбиппин дуу, баттаппыппын дуу эбэтэр илэ дуу, түүл дуу аҥаардаах кэпсээммин кэпсээбиппэр уолум саҥата суох истэн кэбистэ уонна бараары олорон: «Урут бу эргин бөрө саҕынньахтаах идэлээх кырдьаҕас олорбута дииллэрэ. Түүлгэр ол билиннэ ини. Ол гынан баран, ол кырдьаҕас ыыра манан буолуо суохтаах этэ?!.. Тоҕо манна биллибитин быһаарар кыаҕым суох… Ноо, сотору тойонуҥ ньылбы сытыйан кэлиэҕэ. Уоккун-күөскүн кытаат. Эһэкээҥҥин аһат, ааттас. Чэ, мин бардым», – диэтэ.

      Түүллээх булт

      Биһиги эрдэ туран, сып-сап хомунан «Быччах» үүтээнигэр бардыбыт. Умайбыт бэс ойууру сыыйан дьоммут саҥа туран сарсыардааҥҥы чэйдэрин саҥардыы иһэ олордохторуна баттыы кэллибит. Куочук Өлөксөйгө тайаҕы ыппытын, ол тайах барбыт хайысхатын ыйан, бүгүн хаамыахтаах хайысхаларын быһааран биэрдэ. Антон ыттар тайахха барбаттарын, ордук эриэн ыт сүрэҕэлдьиирин, киһи кэнниттэн сылдьарын, тайаҕы сатаан ирдээбэттэриттэн бултуйбакка сылдьалларын абаккаран кэпсээтэ.

      Дьоммутуттан арахсан, илим үтэ бардыбыт. Куочук этэринэн, бу күөл уоннаахха тутар бөдөҥ соболоох. Киһини уйар муох быыстаах кутаҥнас кутанан эрэһиинэ тыыбын соһон, биэрэгиттэн эмпэрэтиҥи болоорхой уулаах, төгүрүктүҥү моһуоннаах күөлгэ икки илими үөс чорооххо холбуу баайталаан, илимнэрбин икки аҥыы атытан сэлэлии биэрэги бата үтэн кэбистим. «Эбэ Хотун бэристэҕинэ бэйэбит айахпытыгар уонна ыттарга ас баар буолуоҕа», – диэн бигэ санаалаах кытыыга таҕыстым. Мантан салгыы Тарыҥ үрэх уҥуор тахсыахтаахпыт. Сынньана олорон Куочукка түүлбүн кэпсиибин.

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Скачать книгу