Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев страница 12
Сэргэлээххэ иккиһин эргиллэн кэллибит. Чэйдээтибит. Күөл уута тайах олугун уутун курдук буолуо дуо, быдан ыраас, утаҕы ханнарар амтаннаах. Чэйдии олордохпутуна, үөһэттэн кынаттарын сараппытынан куоҕас түһэн ууну барылатта. Чэрэс диэн ыппыт урут харахтаабатах көтөрүн көрөн соһуйда, күөл кыламаныгар диэри киирэн, күөнүнэн ууну ыга анньан, хамсаабакка одууласта. Өр-өтөр буолбата, аны иккис куоҕас тайааран кэлэн түстэ.
Бастакы күҥҥэ олус уһуннук хаамтыбыт, онон атахпын ыарыттым. Ордук хаҥас быттыгым атахпын атыллаппат гына быһа тардан ыарыйда. Маннык туругунан сарсын хаамар саарбахтанна. Үүтээммитигэр им балай хараҥаҕа кэллибит. Сүүскэ кэтэр банаардаах буоламмыт суолбутун сырдатынан эрэйдэммэтибит. Ити күн уон икки чаас хаампыт этибит.
Эти үөрэппэккэ эрэ итинник уһуннук тоҕо түһэн хаамыы эрчиллиитэ суох, этэ куурбатах киһи сэниэтин эһэр, этин-сиинин ыарытыннарар. Онон булт бастакы күннэригэр харыстана соҕус хаамыллыахтаах.
Саҥа хаар
Сарсыарданан халлаан суһуктуйуута таһырдьа тахсан киирдим. Арай, тула өттүм сып-сырдык буолбут. От-мас, сир-дойду сыа хаарынан тэлгэммит. Хаар түспүтүн туһуна сонуннаах үүтээммэр киирэбин. Ону истэн, дьонум күө-дьаа буола түстүлэр. Киирии-тахсыы элбээтэ.
Ханнык булчут күүппэтэҕэй, – кыраһа хаары, бастакы хаары. Бары да сүргэбит көтөҕүллэн ким итии чэй, ким хатан кофе истибит. Бу олорон ким тугу түһээбитин ырытыы буолла. Аҕа киһибитигэр түүл көстүбэтэх. Антон «түһээччим суох» диэн батан кэбистэ.
Оттон мин түһээтэхпинэ, арай Куочук массыынатыгар бу сир олохтоох уолаттара ыгыта симсэн олорон иһэллэр. Бэс тукулаанын туораан тахсыыларыгар үс дьахтар массыынаны тохтотор уонна массыына иһигэр аҕамсыйбыт көрүҥнээх дьахтар киирдэ да, кып-кыһыл уостарын чорбоҥноппутунан уолаттары кырыыламмыт харахтарынан сып-сытыытык тэһитэ көрүтэлии-көрүтэлии саҥаран талыгыраабытынан барар. Дьахтар төтөлө суох кылыгыраабыт саҥата массыына иһигэр дуорааннанан ньуу-ньаа умайыктанна. Кини чопчу туох диэн саҥарарын сатаан истибэппин эрээри, олохтоох уолаттарга туохтан эрэ улаханнык кыыһырбыт көрүҥнээх.
Түүлү тойоннооһун саҕаламмытыгар, Өлөксөй: «Уоккутун аһатыҥ!» – диэтэ. Куочук оһоҕун күөдьүтэн, уотугар ас кээстэ.
Ыт диэбитим бөрө эбит
Ити күн Антоннаах Өлөксөй иккис үүтээҥҥэ барбыттара. Биһиги Дьороон тамаҕын көрөөрү хаалбыппыт. Атаҕым үктэннэрбэккэ аараттан төнүннүм. Силбиктээх, инчэҕэй күн үүммүт. Үүтээммэр кэлэн сыттым. Утуйан ылбыппын, таһырдьа тахсыбытым остуол үрдүгэр Полковой ыта тахсан турар эбит.
Ыт аҥаар хараҕа сүүлэ иһэн хаалбытын өйдөөн көрөммүн, ыты аһыммычча, ас биэрэрдии илиибин ууммуппар, ытым тиистэрин килэтэн көхсүн суостаахтык киҥинэйэ тыаһатта. Онуоха болҕойон сирийэ одуулаабытым, доҕоор, атын