Аҕа. Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аҕа - Семен Маисов страница 18

Жанр:
Серия:
Издательство:
Аҕа - Семен Маисов

Скачать книгу

көрбүт. Толкуйдаан тура түспүт уонна кур уҥуоҕу сүгэһэригэр уктан сүгэн кэбиспит. Салгыы баран испит, баран испит. Кыһыҥҥы кылгас күн арҕаа саҕах кэтэҕэр түспүт. Борук-сорук буолан барыгылдьыйан барбыт, хараҥа күтүр күөртүү көтөн кэлбит. Сотору чугас ыал олорор сибикитэ биллэн барбыт. Киһи сүгэһэрин иһиттэн били кур уҥуоҕун хостоон таһаарбыт. Муннун тоҕу охсуммут. Сыа хаарга тохтубут муннун хаанын ытыһан ыла-ыла суолтан булбут кур уҥуоҕар сыбаабыт, аҕаабыт. Онтута үүт-үкчү мөскөм эттээх сото уҥуоҕун курдук буолбут. Өр-өтөр гымматах, тоҕойдоон киирбит тумул тыаны мүччү түһээтин кытта, оол курдук улахан өтөх ортотугар, сиксигэ тыа күлүгэр саспыт саах сыбахтаах балаҕан багдаллан турара үһү. Балаҕан үөлэһиттэн хойуу кыымнар уҥа-хаҥас элэгэлдьиһэн ыһыллан тахса-тахса, халлыбыт халлаан барча бачымах сулустарыгар ханыыластарбыт ханнык диэххэ айылаах өрө харбыалаһаллара эбитэ. Дал, кыбыы элбэҕиттэн, тэлгэһэ, тиэргэн дьаһалыттан сылыктаатахха, сэниэ ыал олороллоро тута биллэрэ үһү.

      Киһи туран томтойбут күрдьүк таһыгар тохтоон ынах этэрбэһин топ-топ тэбэммит, сүгэһэрин лаабыска уурбут, дьиэ айаҕар кэлэн тоҕо эрэ тыас иһиллэнэн тура түспүт, ити кэннэ балаҕан иһигэр биирдэ көтөн түспүт. Тас таҥаһын сыгынньахтанан баран, саха киһитин сиэринэн, аҕыйах тылынан да буоллар, балаҕан иһинээҕилэри кытары кэпсэппит. Арай ол олорон көрбүтэ, дьиэлээх дьахтар дьоһуннаах алтан күөскэ ынах этин бидиличчи хаалаан, күүһүн-уоҕун ылан бачыгыраччы умайа турар сирэй оһоҕор буһара уурбут. Онуоха туран Кээтэккээн: «Бай, эһиги күөскүтүн саҥа күөстэнэн эрэр эбиккит. Миэхэ эмиэ эт оҕолоох этим, эһигини кытары кыттыстахпына хайдах буолуой?» – диэн ыйыппыт. «Тыый, кыттыс ээ», – диэбиттэр дьиэлээх дьон. Кээтэккээн таска тахсан, лаабыска уурбут сүгэһэриттэн суолтан булбут сүөһүтүн сототун уҥуоҕун киллэрэн күөс иһигэр уган кэбиспит. Дьиэлээхтэр көрдөхтөрүнэ, бойум эттээх уҥуох эбит. Кээтэккээн туран сылааска киирэн сылаата таайбыт киһи аатыран, күөс буһуор диэри нуктуу түһүүм диэн, быыс кэтэҕэр киирэн сыҥаһа ороҥҥо сыппыт да, мунна бурдьугунаабытынан барбыт…

      Утуйбут киһиэхэ тоҥ күөс бастыҥа да төһө гынан ааһыай – күөс буһа охсубут. Дьиэлээхтэр хоноһону уһугуннарбыттар. Арай туран бии киһибит этин сиэри хамыйаҕынан алтан күөһү булкуйбут да, этин булбатах. Соһуйбута, өмүрбүтэ буолбут. Күөс түгэҕэр этэ суох сулугур сото уҥуоҕа тимирэн сытара үһү. Кээтэккээн туран: «Эһиги, утуйа сыттахпына, эппин сулуйан уоран сиэбиккит!» – диэн кыыһыран, тымтан туран кэлбит. Итинниги эрэ күүппэтэх дьиэлээхтэр ыксаабыттар, ыгылыйбыттар. Кээтэккээни уоскутан остуолларыгар олордон бииргэ аһаабыттар. «Тыл өс тарҕаныа, саат-суут да эбит, кэбис», – диэн дьиэлээх дьон Кээтэккээҥҥэ ынах буутун биэрэн ыыппыттар.

      Кээтэккээн ынаҕын буутун туркуга соһон баран испит. Баран испит, баран испит. Арай ол баран иһэн, аара тугут сиэтиилээх киһи иһэрин көрсүбүт. Кээтэккээн туран: «Мин эйиэхэ ынаҕым буутун биэриэм, эн миэхэ тугуккун аҕал», – диэбит. Анараа киһи өс хоту сөбүлэспит.

Скачать книгу