Аҕа. Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аҕа - Семен Маисов страница 14

Жанр:
Серия:
Издательство:
Аҕа - Семен Маисов

Скачать книгу

алталаах-сэттэлээх уол сылдьан, күҥҥэ хааттан ордуктууну охсоро эбитэ. Сотору ол буускаба тумса тостубутугар, аҕам тимирин быһан ылан хомус тыла оҥорбут. Онтута олус сатаммыт, сүрдээх этигэн тыастаммыт. Инньэ гынан ол буускабын тимириттэн, дьон үлэҕинэн, хас да хомуһу охсубут. Мэхээлэ сиэнэ улахан уһанар дьоҕурдааҕын сөҕөн, онтон иэйэн, аҕабар эһэтин Маайыс оҕонньор суохапчытын бэлэхтээбитэ үһү…

      Аҕам сүүрбэччэлээҕэр, биир сайын от охсо сылдьан эт быстан дьиэтигэр нэһиилэ өөкөйөн тахсыбыт. Ону Тоотук диэн түөнньүт оҕонньор түөннээн, букатын харахтан сыыһы ылбыт курдук үтүөрдэн кэбиспит. Аҕам үөрүүтүттэн, Тоотук оҕонньорго махтанан, биир оту охсон биэрбитэ үһү. Аҕабыт сиһигэр Тоотук оҕонньор түөнүн суола чэр буолан хаалбытын дьиктиргээн көрөөччүбүт…

      Тоотук оҕонньор эмээхсинин кытта Муоһааны эбэ Илин Түөлбэтигэр олорбуттара. Оҕолоро суоҕа. Билигин Тоотук өтөҕө диэн өтөх уонна Тоотук аатынан ааттаммыт көлүйэ күөл баар.

      Биирдэ, эмиэ эдэригэр, сиһин үөһэ «хоҥнубутугар», ийэтэ инитин кыра уолу Бүөтүрү сыгынньах эмэһэтинэн иһигэр баллаччы олордон эмтээбит. Аҕам инньэ диэн кэпсиирэ…

      Аҕам хараҕынан сүрдээҕин холуур уус буолан, бэл, кэми-кээмэйи улаханнык туттааччыта суох. Ылла да, тааҕы-таах, сөрү-сөп гына быһан-сотон кэбиһэрэ. Оттон сорох уустар хаста эмэтэ төхтүрүйэн кэмнээн-кэмнээн баран, наһаа уһун эбэтэр татым гынан кэбиһэн элбэхтик бадьыыһыралларын көрүллэрэ. Аҕам сүгэтин суола ырааһынан кэпсэлгэ киирбит киһи.

      Аҕам барахсан букатын бөҕө куттаах-сүрдээх, чахчы кытаанах эр санаалаах, төрүт ураты айылгылаах киһи буоларын бу Орто дойдуттан анараа дойдуга аттанар, айанныыр дьон «ийэ мастарын» барытын силигин ситэрэн туран оҥорор ытык уус буолбута да кэрэһилиир. Киһи «ийэ маһын» оҥоруу диэн – мээнэ киһи ылсыбат үлэтэ. Сорох эр дьон омос көрүүгэ тыгар тымыра, хамсыыр хаана, харса-хабыра суох курдук дьүһүннээх-бодолоох, барыны-бары кыайыах-хотуох айылаах саҥалаах-иҥэлээх, тыллаах-өстөөх эрээрилэр – киһи «ийэ маһын» оҥоруутугар ылсыахтааҕар буолуох, буоругар да сылдьалларыттан саллан барсыбат дьон буоллахтара…

* * *

      Сэрии кэмигэр аҕам төбөтүн чугуун иһиккэ үлтү түспүтүн эһэтэ Мэхээлэ оҕонньор уһун кыһыны быһа ыарыылаан, көрөн-истэн сүһүөҕэр туруорбут. Хойут, оҕонньор барахсан көмүс уҥуоҕун көтөхпүт уола – сиэнэ Сэмэн. Маайыс Аһыктаатыгар (Арҕаа Күөлгэ) уунан сылдьан, күннээн-хонуктаан эһэтин уҥуоҕун собус-соҕотоҕун дьип-дьап тутан оҥорон, эргиирин силигин барытын ситэрэн кэбиспитэ үһү. Хойукка диэри: «Тоҕо ол собус-соҕотоҕун сылдьыбытым буолуой?» – диэн дьиктиргээн ахтааччы. Мэхээлэ оҕонньор уҥуоҕа, дьэндэйбит уһун кириэстээх Маайыс оҕонньор уҥуоҕун кытта сэргэстэһэ, туох да буолбакка, күн уотугар тураҕастыйа кэриэрэн билигин да сүрдээх чэгиэн турар. Мэхээлэ аҕата, мин хос-хос эһэм Хоолоо оҕонньор диэн эбитэ үһү.

      Күһүн бултана сылдьан сайылык өтөҕүн быһа ааспаппын. Хос эһэм уҥуоҕун көрдүм да, тоҕо эрэ наар аҕабын саныыбын. Аҕам сүгэтин

Скачать книгу