Аҕа. Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аҕа - Семен Маисов страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Аҕа - Семен Маисов

Скачать книгу

сылдьар маас этэ. Онон биспитэ. Инньэ гыммытын кэннэ, аҕыйах хонугунан, бааһа хатыра-хатыра хаҕыланан түспүтэ. Ити айылаах баастан чэр бөҕөтө хаалара буолуо диэн кэчэспитим баара, хата, букатын ып-ыраас баҕайытык оһон хаалбыта. Кэлин уонна бааһырбатаҕа», – диэн ийэм кэпсиир… Дьон, ол туох маас буолуой диэн төбөлөрүн сынньан, таайа сатаан бөҕө буолааччылар. Эмин таптахха, хайа баҕар ыарыы ол курдук дөбөҥнүк оһор…

      Ыал улахан оҕото туох-хайдах дьылҕалаах киһи буолан иитиллэн тахсара – кини кэнниттэн кэлбит кытта төрөөбүттэригэр сүрдээх улахан суолталаах.

      Махаар сэттис кылааска диэри интэринээккэ олорон Үгүлээт оскуолатыгар үөрэммитэ. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ аатырбыт Михаил Андреевич Алексеев физмат оскуолатыгар үөрэнэ барбыта. Билиигэ-көрүүгэ сүрдээх тардыһыылаах эбит. Аны санаатахха, урут дойдутуттан, дьонуттан-сэргэтиттэн ыраах тэлэһийбэтэх оҕо, аҕынным эҥин диэн кыҥкыйдаан хайаан төннөн, кэлэн хаалбакка, тулуйан-тэһийэн, дьаныһан туран үөрэммит. Уон кылааһы онон Үөһээ Бүлүүгэ бүтэрбитэ. Норуодунай учуутал Михаил Андреевич туһунан наһаа иһирэхтик, истиҥник ахтааччы. Ордук киһи быһыытынан судургу майгылааҕын, сүрдээх өйдөнүмтүө, тиийимтиэ тыллааҕын-өстөөҕүн чорботооччу.

      Махаар Үөһээ Бүлүүгэ үөрэнэ сылдьан дьонун, өтөҕүн олус диэн ахтарын туһунан кэпсиирэ. Үһүс Күүлэттэн Үгүлээккэ туох миҥэ көстөрүнэн, Үгүлээттэн Бүлүү куоратыгар сөмөлүөтүнэн, онтон салгыы аны Үөһээ Бүлүүгэ айанныыр. Оччолорго сибээс кэлиэ дуу. Кэпсэтии – суругунан эрэ. Хонньокуулугар Үгүлээттэн Тириэтийгэ барарыгар биир кэм сүүрүүнэн тиийэр эбитэ. Сайыҥҥы өттүгэр киэтэ кэтэн баран, дьонун, дойдутун аһара диэн ахтыбыт ахан оҕо, ырыа-тойук бөҕөтө буолан, аҥаардас чырбайа көтүүнэн өтөҕөр тиийэрэ үһү. Үс көс сири үс чааһынан тиийээччибин диэччи…

      Улахан убайым Махаар букатын кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ көлүллүбүт, такайыллыбыт киһи. Маҥнайгы кылааһы бүтэрэн баран, холкуос оччотооҕу бэрибилээссэйигэр Борокуоппай Такыырапка бэйэтинэн тиийэн тылланан туран, сайын оҕуһунан отчуттарга ыһык таспыт. Ас иҥмэтэх олус хачаайы, баара-суоҕа бастакы кылааһы түмүктээбит оҕо тылын маҥнай утаа соччо баардылаабакка, суолталаабакка буолан баран, улахан киһилии сүрдээх ылыннарыылаахтык дьаныһан туран көрдөһөрө бэрдин иһин, тургутан көрөргө быһаарыммыттар. Дьонун батыһа сылдьан ат, оҕус көлүллэрин эрдэттэн көрбүт-билбит оҕо буолан, ким да көмөтө суох хара маҥнайгыттан бэйэтэ ылсыбыт. Өртүккэ мэччийэ сылдьар Өрүөл Уола диэн сүрдээх үскэл, холкуос ат оҕуһун тутан, көлүйэн, уот ааныттан сорук, дьарык оҥостон, дьаныһан туран үлэлээн барбыт. Маҥнай утаа дөрөтүн сүгэ сылдьара үһү. Онтон дулҕаттан салҕанан, аралтан үктэнэн, тэбинэн оҕуһун миинэ үөрэммит.

      Онон Махаар бастакы кылааһы бүтэрэн баран, Муоһааны эбэ отчуттарыгар уһун сайыны быһа ыһык таспыт. Муоһааны – Илин, Орто уонна Арҕаа диэн үс улахан түөлбэлээх, элбэх тумуһахтардаах, бүтүн хас да холкуос сүөһүтэ дьыл тахсар ото оттонор, сүрдээх көнө, дэхси

Скачать книгу