Аҕа. Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Аҕа - Семен Маисов страница 13
Хас да холкуос сүөһүтэ дьыл тахсар ото оттонор Үһүс Күүлэт аатырбыт Муоһааны эбэтин киэҥ нэлэмэн ходуһатыгар Сэбиэскэй кэм саҕана, мэлдьи буоларыныы, үгэс курдук окко куоталаһыы ыытыллара. Уоннуу хонуктаах дэкээдэ. Аҕам, күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһи, уһун сайыны быһа наар охсууга сылдьара үһү. Хас уон хонук аайы түмүк тахсара. Онно мэлдьи бастыыра, куруук удаарынньык этэ. Бастаабыт охсооччуга бириэмийэ уонна кыһыл былаах туттараллара. Ол кыыһар кыһыл былаах ардах буоллун, кураан буоллун – сөрүүн тыалга тэлимнии-тэлибирии, ол курдук ходуһаҕа анньыллан турара.
Киһи эрэ сөҕөр суола, аҕам уон хонук устата хас күн аайы соҕотоҕун хаа сүүрбэ, хаа отут суотайы охсоро үһү. Аны чаайын бэйэтэ өрүнэр, хас омурҕан аайы хотуурун бэйэтэ таптанар. Муоһааны эбэ ходуһата киэҥэ бэрт буолан, үлэлэрин түмүгүн чуолкай билээри, биир-биир сылдьаллара эбитэ. Дьэ, абытай үлэ диэтэҕиҥ!
Хара үлэҕэ иҥиир-ситии буола эриллэ, кииллийэ хаппыт аҕам барахсан хадьымалыгар кыыһар кыһыл былаахтаах, этэрбэстэрин устан икки атах сыгынньах, сиккиэр тыалга баттаҕа өрүкүйэ, хонноҕо аһыллан хотуурун тимирэ күн уотуттан килэбэччийэ курбууланан от охсон күөгэлдьитэ сылдьарын өйбөр оҥорон көрдөхпүнэ – миигин кэмэ суох киэн туттуу иэйиитэ саба кууһар. Оҕо дьоло… Аҕам барахсан…
Сорох дьон «Сэмэн хотуурун сатаан табан оҥосторо бэрт, ол иһин өнө быстыбакка итинник айылаах охсор» дииллэрэ. Ол эрэн киһи дьиктиргиирэ баар, ханнык да ортоһуор хотуурунан аҕам син биир охсубутун курдук охсоро. Отчуттар: «Сэмэн, хотуургун миэхэ уларыс, эн миэнинэн дайбаан көр эрэ», – диэн тургутан көрөллөрө да, букатын сиппэттэрэ. Онон оту чахчы кыайа-хото охсор сатабыл диэн биир эмэ дьоҥҥо айылҕаттан анаан бэриллэр улахан дьоҕур, идэ буолар. Ол дьоҕурга эбэн кэбиһиҥ – сатаан, табан эллэнэн оҥоһуллубут уус киһи хотуурун…
Иккис убайым Сэргиэй бэһис кылааһы бүтэрэн баран, аҕатын кытта эмиэ сибэниэ чилиэнин быһыытынан оттоһон барбыта. Оччотооҕу хонуу биригэдьиирэ Өлөксүөйэп Болуодьа, Сэргиэй улахан дьонтон хаалсыбакка үлэлэспитин иһин, хамнаһын тэбис-тэҥҥэ аахпыт. Сэргиэй онно букатын оҕо буоллаҕа. Аҕам от охсоллоругар, манастыырдаан батыаккалаһан бардахтарына, уолун бүтэһиккэ ыытара үһү. Бэйэтэ буоллаҕына мэлдьи Сэргиэй иннигэр сылдьара эбитэ. Аҕам охсоро бэрт буолан, уола хаалаары гыннаҕына, Сэргиэй кэлиэхтээх сирин ойо дайбаан биэрэн баран, аны бэйэтин суолун салгыыра үһү. Сэргиэй ол аҕата охсубут ырааһыгар диэри тиийэн баран, сүүрүүнэн түһүнэн аҕатыгар чугаһаат, суолун салҕаан охсон кулупаайдаабытынан барара эбитэ. Устунан охсо үөрэнэн, түмүгэр, букатын харыс да хаалсыбат ньургун охсооччу буолан хаалбыт. Ити буолан эрдэҕэ, оҕону сатаан табан үлэҕэ үөрэтии үтүө түмүгэ. Биһиги кытта төрөөбүттэртэн