Аҕа. Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аҕа - Семен Маисов страница 16

Жанр:
Серия:
Издательство:
Аҕа - Семен Маисов

Скачать книгу

диэн ааттаах, хара өҥнөөх бэлисипиэт үһү. Лааппыга элэтэ соҕотох кэлбитин ылбыт. Күһүн күрэх муҥхатыгар Өркүҥээ эбэҕэ тэбэн эрилитэн киирбитигэр дьиктиргээһин, көрүү-истии бөҕөтө буолбут. Ордук кырдьаҕастар. Куонаанап Сэргиэй (Суордаайы) оҕонньор: «Өтүүнү соспукка дылы, хайдах-хайдах суоллаах баҕайыный… Ити тугунан тэбинэн сүүрэрий? Туу киспэтин курдук көлөөскөлөөх…» – дии-дии, саҥа үөдүйбүт тимир көлөнү суоллуу-суоллуу, сүрдээҕин сөхпүтэ-махтайбыта үһү.

      Сорох-сороҕо, букатын, көрүдьүөс түгэннэр эмиэ бааллар. Аҕам мэлдьи удаарынньык, өрүү холобурга сылдьыбыт үлэһит. Ол курдук биир күһүн таһаарыылаах үлэтин иһин холкуос салалтата улахан баҕайы күлтэйбит араадьыйа бэлэх биэрбит.

      Күөл уҥуор Ойоҕоско олорор эһэм аах эмиэ араадьыйалаахтара үһү. Үһүс Күүлэт дэриэбинэтин ыаллара сүнньүнэн Аһыктаа эбэттэн ууланан-хаарданан олороллоро. Биһиги дьиэбит турар сирэ – Улахан дэриэбинэ диэн; Аһыктаа арҕаа өттө – Сардаҥа диэн; оттон хоту өттө – Ойоҕос дэнэр. «Ойоҕоско бардым», «Сардаҥаттан кэллим» диэн хас кэпсэтэр киһи саҥатын дэгэтэ буолара.

      Аҕабар ол араадьыйа биэрэр кэмнэригэр убайым аах Үгүлээккэ интэринээккэ олорон кыра кылааска үөрэнэллэрэ. Хонньокуулларыгар дьиэлэригэр кэлэ сылдьар кэмнэрэ эбитэ. Килэбэчийбит, кылабачыйбыт сабыс-саҥа араадьыйаны ыамайдар остуол үөһэ ууран, уокка холбоон саҥарда сатаабыттар да – хардьыгыныыра, хордьугунуура эрэ эбитэ. Онуоха туран арыый да обургулара: «Ханнык сыыппараҕа (балынааҕа) турарын чуолкай билиэххэ», – диэн, үһүскэ үөрэнэр Сэргиэйи күөл уҥуор Ойоҕоско олорор дьонун аахха баран, араадьыйаларын ностуруойкатын үчүгэйдик көрөн кэлэригэр соруйбут. Сэргиэй, хантайбыт киирсэ саппыкыларын анньынаат, эбэни эргийэ, Сардаҥаҕа тохтообокко, Ойоҕоско эбэтин аахха тэбиммит. Дьэ көрүдьүөс диэтэҕиҥ…

      Үһүс Күүлэккэ аан бастакынан бэнсиининэн үлэлиир «Дружба» эрбиилэммит эмиэ аҕам. Холоморуоп диэн Кыһыл Сыыртан муҥхалыы кэлэ сылдьар киһиттэн биэс уон андаатарга мэнэйдэһэн ылбыт.

      Саас, мутукча көҕөрөн эрдэҕинэ, аҕам ийэбин кытта дьиэлэрин таһыгар, Сылгы Көлүйэтин кэриитигэр, оттор мас эрбэммиттэр. Мас эрбэнэ сырыттахтарына, чопчу ол күн убайым Сэргиэй бииргэ үөрэнэр атаһа Ньукуус диэн Иккис Күүлэт уолун кытта оскуолаларыттан үөрэнэн бүтэн, Үгүлээттэн сатыы тиийбиттэр. Сэргиэй Буор Суол кытыытыгар, Көлүйэ ойоҕоһугар мас эрбэнэ сылдьар дьонугар кэлэн, саҥа, сонун тэрил «Дружба» эрбии хайдах үлэлиирин сирийэн көрүү-истии бөҕөтө буолбуттара үһү.

      Оҕо киһи наар дьээбэни өйдөөн хаалар үгэстээх. Сөп буола-буола сопхуос тырахтарыыстара Бүлүү куоратыгар «хапытааннай өрөмүөҥҥэ» киирэллэрэ. Ардыгар тардыллан, уһаан-тэнийэн, ыйы-ыйынан сылдьаллара. Дьэ онно аҕам биирдэ, куоракка тыраахтар өрөмүөнүгэр киирэ сылдьан, күлүгээттэргэ түбэспитин туһунан кэпсээннээҕэ. Бүлүүгэ оропкуоп ыскылаата диэн баар. Уһун субурҕа ыскылаат. Киһи ууннаҕына да тиийбэт сүрдээх үрдүк олбуордаах, эбиитин үөһээ өттө, уоруйах киирбэтин диэн, түөрэтэ чаачахай курдук хатыылаах

Скачать книгу