Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 50

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

курдук ылыммыттара.

      Саха интеллигенцията, өлүөх-быстыах быатыгар, киин былаас политикатын сөбүлээбэтин олус аһаҕастык биллэрбитэ. БСК(б)П НЭП утары ыытар дьайыыларын, демократия көҥүлүн хааччахтааһыны, национальнай политикаҕа сыһыаны уларытыыны, тоталитарнай режим олус күүһүрүүтүн бырачыастыыр бөлөх тэриллибитэ. П. В. Ксенофонтовтаах «Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства (конфедералистов)» диэн ааттаналлара. Кинилэр Конституцияҕа этиллэр быраабы көмүскээһини, демократия дьиҥнээхтик сайдыытын, уопсастыба, политика, экономика уонна норуот маассатын актыыбынаһа үрдүүрүн турууласпыттара. Сүрүн сыалларынан Саха АССР суверенитетын, көҥүллүк сайдыы быраабын кэҥэтии этэ. Бу хамсааһын салайааччыта П.В.Ксенофонтов хаан тохтуулаах саба баттааһын иннинэ киэҥ тайҕа түҥкэтэх ыырын иһигэр эппит тиһэх тылларын маннык түмүктээбитэ: «История биһиги дьыалабыт кырдьыгын бигэргэтиэ…» Павел Васильевич этиитин история кырдьык, олус хойутаан да буоллар, бигэргэппитэ. Оччотооҕу 1927–1928 сыллардааҕы Саха сирин салалтата уонна интеллигенцията хабырдык, киэҥ далааһыннаахтык репрессияламмыта. Уон сыл буолан баран, 1937–1939 сылларга, тутулуга суох көҥүл өйү-санааны репрессия катога өссө төгүл үлтү мэлийэн ааспыта…

      Саха чулуу уолаттарын хорсун турунууларын өйдөөн-санаан кэллэр эрэ, Михаил Ефимович туох да буолбутун иһин, хайдахтаах да эрэй-муҥ, быстах кэмнээх былаас түүрэйдээбитин иһин норуот ортотуттан төрөөбүт дойдуларын дьылҕатын туһугар эттэринэн-хааннарынан, сүрэхтэринэн-быардарынан дьиҥнээхтик ыалдьар, саҥаттан-саҥа бас-көс дьон үүнэн тахса туралларынан киэн туттар. Кинилэр олус уустук кэмҥэ Саха сирин экономическай, социальнай-духовнай сайдыыта, төһө да Максим Кирович Аммосов саҕанааҕы курдук түргэн тэтиминэн барбатар, кэм иннин диэки тохтообокко сыҕарыйа туруохтааҕын туруулаһа сатаабыттара. Михаил Ефимовичка өссө атын ыйытар санаа киирээччи… «Конфедералистар тыыннаах хаалар уонна бэйэлэрин идеяларын көмүскүүр кыахтаахтара дуо? Таба суолу талар кыах баара дуо?» Биллэн турар, баара. Тыыннаах хааларга саамай эрэллээҕинэн күүһүн-кыаҕын ылынан эрэр систиэмэни билинии, кини ирдэбиллэригэр бас бэринии этэ. Оттон кинилэр атын суолу тутуспуттара. Ол гынан баран репрессия көлүөһэтэ син биир интеллигенция үрдүнэн барыахтаах этэ. Ол эрээри көдьүүһэ суох охтубуттара диир сыыһа. Төһө да уонунан сыллар ааспыттарын иһин, кинилэр ыспыт сиэмэлэрэ таах хаалбатаҕа. Аҕа көлүөнэ баҕа санаата олоххо киирбитэ.

      Таба суолу талыы хаһан да судургу буолбат. Михаил Ефимович ССРС Минфинигэр уонна Гохраныгар алмааһы ыытыыттан аккаастанар суолу тоҕо талбытай? Барытын уруккутунан хаалларан, моонньоох баһын уган биэрбэт хайысханы тутуһара киниэхэ тус бэйэтигэр быдан ордук буолуо этэ дии. Ол эрээри кини төрөөбүт Сахатын сиригэр, норуотугар суоһаабыт тыыннаах хаалар эбэтэр эстэр күчүмэҕэй кэм тирээн кэлбит быһаарыылаах түгэнигэр кэннин хайыһан,

Скачать книгу