Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 53
Үс аҥаар үйэттэн ордук кэм усталаах туоратыгар аҕыйах ахсааннаах дьоҕус омук бас-көс киһитин улуу Россия уонна бэйэтин олохтоох сирин, дьонун-сэргэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьан, улахан омуктар бастаахтарын сабырыйар сиэрдээх тыллара, олох кыларыйар кырдьыгын ылыннарыылаахтык саралыы тардан этиитэ кырдьаҕас Кремль улахан саалатыгар ити күн аан маҥнай дуораһыйбыта. Тыһыынчанан депутат халыҥ кэккэтэ, хаһан да истибэтэҕин истэн, биир тылы көтүппэккэ иһиллээн иһийэн олорбута.
Тыл этиитин бэлэмниир кэмигэр Михаил Ефимович Россия автономияларын салайааччыларын кытта, тоҕоостоох кэмнэргэ түбэһиннэрэн, кэпсэтии таһаартыы сылдьыбыта. Онно бары даҕаны кыра буолан баран ССРС иһигэр киирсэр союзнай статустаах республика РСФСР-га киирсэр автономиятааҕар быдан киэҥ, көҥүл бырааптааҕын бэлиэтээн, олус кыһыйан-абаран, бэркиһээн кэпсэтэллэрэ. Ити курдук кини биир санаалаахтары бэйэтин диэки тардары, түмэри ситиспитэ уонна ити санаатын ким да иннинэ аан бастакынан, чаҕылхай сыыппараларынан холобурдаталаан туран, союзнай масштабтаах улахан аудиторияҕа салгыы иһитиннэриитэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.
– Общественнай бородууксуйаны оҥорон таһаарар кээмэйинэн Саха сирэ Прибалтика, Орто Азия союзнай республикаларын эрэ буолбакка, бэл оннооҕор сорох сайдыылаах капитализм дойдуларын кытта биир таһымҥа турар. Ол эрээри, республика политикаҕа, экономикаҕа дьиҥнээх сувереннай көҥүлэ суоҕунан, бэйэтин төрүт сирин-уотун, сирин баайын, онтон да атын айылҕатын ресурсаларын бас билиигэ, дьаһаныыга уонна туһаныыга Конституциянан көрүллүөхтээх быраабын күөмчүлээһин түмүгэр онно сөптөөх былааһа да, экономическай боломуочуйата да суох. Ити маннык холобуртан көстөр: Союз уонна Федерация бас билэр тэрилтэлэрэ Саха республикатын бюджетын үбүттэн 16 % ылар буоллахтарына, кинилэр оҥорбут барыстарыттан 4,5 % эрэ киирэр. Союз предприятиелара оҥорор барыстарыттан киирэр үп үгүс республикаларга 20 % тэҥнэһэр, оттон Эстонияҕа – 84 %. Саха сиригэр промышленнай бородууксуйа 90 %-нын Союзка уонна Федерацияҕа бас бэринэр тэрилтэлэр сырье быһыытынан оҥороллор. Кинилэр дойду кииниттэн салаллаллар уонна олохтоох территория сайдыытыгар туох да көмөнү оҥорботтор.