Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 55

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

дойду президенин аахайбат, дьалайбат сыһыаныттан курус гына түспүтэ, аара кэлэн иһэн элбэҕи күүппүтэ, инникигэ эрэлин ыра санаата сыыйа өһөн, симэлийэн хаалбыта. Хайдах эрэ өйө-санаата кураанахсыйан, тугун эрэ албыннаппыт, сэнэбилгэ түбэспит курдук санаммыта. Оннукка да холооннооҕо, былыр бэл орто үйэлэр саҕанааҕы ыраахтааҕылар Маһары курдук үөрэҕэ суох саханы болҕойон истибиттэрэ. Соппуруон Сыраанап, Сэһэн Ардьакыап туһунан этэ да барыллыбат, туруорсууларын, этиилэрин көрөн-дьүүллэһэн кэпсэппиттэрэ. Оттон бу сүүрбэһис үйэ бүтэһигинээҕи цивилизованнай государство президенэ ааттаах киһи элбэх араас норуот олорор улахан республикатын кыһалҕатын, инники дьылҕатын туһунан аҕыйах мүнүүтэ болҕомтотун ууран истибэтин хайдах сыаналыахха сөбүй? Михаил Ефимович бэркиһээн бэйэтэ да билбэтинэн кылгас түгэҥҥэ тохтоон ылбытыгар Горбачев, тугу эрэ саныы олорон, эмискэ уһуктубуттуу, кэҕиҥнии түспүтэ.

      – Да-да, Михаил Ефимович, продолжайте, пожалуйста. Я вас слушаю.

      – Михаил Сергеевич, я и в своем выступлении на первом съезде российских депутатов сказал и сейчас хочу напомнить вопрос о предоставлении Якутской АССР прав Советской Социалистической Республики как особой формы государства в составе обновленной России.

      – Это сложный вопрос, Михаил Ефимович, надо тщательно обосновать, подготовить все законодательные, нормативные акты.

      – Я все это изложил в своем выступлении на съезде депутатов, могу оставить текст выступления.

      – Да-да, помню, как же, очень неординарное было выступление, – Горбачев, болҕойорун биллэрэн, үрүт-үөһэ кэҕиҥнээн, ымаҥнаан ылбыта.

      Бэрт кылгас түгэҥҥэ тугу да эппэт, түбүк-садьык күлүгэ түспүт күөхтүҥү араҥас харахтарынан халты көрөн аһарбыта. Михаил Ефимович иннигэр улуу судаарыстыба кыахтаах, эрэллээх баһылыга буолбакка, охтоору мөхсөр кырдьаҕас миҥэ үөһэ үүнүн-тэһиинин ыһыктан салайар кыаҕыттан тахсыбыт, санаа-оноо баттыгар ылларбыт улуктуйбут киһи олороро.

      Горбачевка 45 мүнүүтэ олорон, санаата түһэн, дууһата кураанахсыйан тахсыбыта. Ити аата, дойду салалтатын, партия өттүттэн туох да өйөбүлү киһи кэтэһиэ суох. Ити санаатын ССРС Верховнай Советын Президиумун бэрэссэдээтэлэ А.И.Лукьяновы, ССРС Миниистирдэрин Советын бэрэссэдээтэлэ Н.И.Рыжкову, ССРС Верховнай Советын Национальностарын Советын бэрэссэдээтэлэ Р.Н.Нишановы, РСФСР Верховнай Советын Президиумун бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Р.И.Хасбулатовы кытта көрсүһүүлэрэ эмиэ бигэргэппиттэрэ. Кинилэртэн сорохторо син интэриэһиргээбит, өйдөөбүт курдук тутунналлар да, дьыалатыгар өйөөбөтөхтөрө. Арааһа, маннык туһата суох тоҥуй көрсүһүүлэр кэннилэриттэн республика бэйэтин баһын бэйэтэ бас билиннэҕинэ эрэ балаһыанньатын көннөрүнэр кыахтааҕын Михаил Ефимович бигэтик өйдөөбүт буолуохтаах.

* * *

      Союз таһымыгар Михаил Ефимович Россияны кытта курдук өйдөһүүнү көрсүбэтэҕэ. Ол да буоллар бу хайысхаҕа

Скачать книгу