Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 51
Сэбиэскэй былаас сылларыгар Россияҕа да, Саха сиригэр даҕаны аҕыйаҕа суох үчүгэй дьыала оҥоһуллубута. Ону барытын мэлдьэһэр табыгаһа, махтала суох быһыынан ааҕыллыан сөп. Михаил Ефимович бэйэтэ уһуннук ол систиэмэҕэ үлэлээбитэ, үлэтин түмүгүнэн астынар, киэн туттар түгэннэрэ элбэх этилэр. Ол гынан баран административнай-хамаандалыыр систиэмэ судаарыстыбаҕа оҥорбут хоромньута туохха да холооно суох улахан этэ. Саха сирэ, биллэн турар, онтон туора туран хаалбатаҕа. Хаһан даҕаны бэйэтин олоҕун, дьылҕатын көҥүллүк оҥостор бырааба суоҕунан ССРС үрдүнэн биир кыаммат-түгэммэт республиканан ааҕыллара. Кырдьыгынан эттэххэ, партия, баһылыыр-көһүлүүр күүс эрээри, олох, история хаамыытын билиммэт буолуута киһи сөҕүөн курдуга. Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы дьон эрэ буолбакка, арааһа, партия программалара, идеология, салайар систиэмэлэр эмиэ кырдьан, эргэрэн иһэллэр быһыылаах. Ол да иһин 80-нус сыллар ортолоругар партияҕа даҕаны киэҥ далааһыннаах реформа ыытыллара тоҕоостоох олох ирдэбилэ буолбута. Уларыта тутуу чэбдик салгына өй-санаа бары өрүттэрин хабан, төһөлөөх үөртэ-көтүттэ, инникигэ кынаттаата этэй?..
Михаил Ефимович саҥалыы хайысхаҕа үктэнэн эрэр Сахатын сиригэр президенинэн талыллар дьылҕатыгар бастакы оҥорбут хардыытынан 1989 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Саха АССР Верховнай Советын Президиумун председателинэн анаммыт күнүн ааҕар. Онно барыта 9 кандидат кыттыбыта, олор истэригэр кэлин 1991 уонна 1996 сылларга президеҥҥэ тура сылдьыбыт И.Д.Черов, А.Н.Алексеев, П.Д.Осипов бааллара. Ол кэмҥэ Верховнай Совет оруола бэрт дуона суоҕа. Республика олоҕор улахан суолталаах, боччумнаах боппуруостарга депутаттар ылынар уураахтарын партия обкомугар суруйаллара уонна бигэргэтэллэрэ.
Норуот талбыт депутаттарын былааһын хайдах гынан бөҕөргөтүөххэ, баар быһыыны-майгыны хайдах уларытыахха сөбүн туһунан Михаил Ефимович бэрт өр толкуйдаабыта. 1990 сыл кулун тутарга Саха АССР Верховнай Советыгар быыбардар ыытыллыахтаахтара. Маны туһанан, кини Парламеҥҥа төһө кыалларынан саҥалыы өйдөөх-санаалаах дьон киирэллэрин ситиһэ сатаабыта. Верховнай Совет инникитин компартия обкомуттан наһаа тутулуктамматын туһугар кини боломуочуйатын үрдэтэр, күүһүрдэр аналлаах сокуон бырайыагын бэлэмниир үлэни эрдэттэн ыытыллыахтааҕа. Республика парламенын бөҕөргөтөр сыалтан РСФСР парламенын быыбарыгар кыттыыны ыларга быһаарыммыта. Россия депутатын статуһа, олохтоох партноменклатура араас киириититтэн-тахсыытыттан көмүскэнэр кыаҕы биэрэр эрэ буолбакка, өссө Россиятааҕы, дьиҥинэн ыллахха, бүтүн Союзтааҕы да трибунаҕа тахсар суолу аһара. 1990 сыл саҥатыгар Михаил Ефимович Саха АССР уонна РСФСР парламеннарыгар талылларга баллотировкаламмыта.
Оччолорго хайыы-үйэ уруккутааҕар чыҥха атын, ССРС народнай депутаттарын съезтэрэ административнай-хамаандалыыр систиэмэ режимэ төһө бигэтин бэрэбиэркэлээн көрөр бириэмэтэ этэ. Көҥүл этэр-тыынар, кэпсэтэр-ипсэтэр, кулгаах-харах аһыллар, өй-санаа уһуктар кэмэ туругуран эрэрэ.