Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 27
– Аргыый тиэриллэҥнээ!.. Чэ эн доҕоруҥ буолумуум даҕаны. Эн доҕотторуҥ доҕордоробун. Оччоҕо син биир эн доҕоруҥ буолан тахсабын буолбат дуо?
– Кимнээҕий ол… мин доҕотторум?
– Пепеляев генерал туһунан истибитиҥ ини? Кини…
– Шантажист… Провокатор… – дьиэлээх киһи килбэчигэс тирии тобуктаах галифетын сиэбиттэн күтүр бэйэлээх, бар түүлээх сутуруктарын сулбурута тардыталаата.
– Чөт! Молчать!..
Ити тыллар сибигинэйэн эрээри, киһини соһутар, самнарар сүр дьарымталаахтык, сытыы кылыһынан быһыта баттаан кэбиһэрдии эрчимнээхтик этилиннилэр. Дьиэлээх киһи ах баран, били сутуруктарын өттүгэр сыһыары туттуталаан чынайа түспүтүн өйдөөбөккө да хаалла.
– Быһахта аҕал!
Дьиэлээх киһи остуол дьааһыгыттан бүлгү тутуу быһаҕы ыла охсон биэрдэ. Валерий сонун тэллэҕин муннугун көтүрдэ, онтон биэтэскэ сыһыары тигиллибит маҥан таҥаһы көтүрү тардан уунна:
– Аах!
Соболев таҥаһы тэниччи туппутунан кыраһыын лаампа диэки төҥкөйдө. “Эра! – диэн суруллубут онно чэрэниилэнэн. – Көһүт. Тиийиэхпит. Хайдах көрсөрү маны тиэрдэр киһи этиэ. Кини тыла – бирикээс. Август Р.” “Эра… Эра… Бэйи… Август… Ах даа!.. Кини. Чахчы кини! Кини туруору буукубалаах буочара. Полковник Рейнгардт”. Балтараа сыл устата элбэхтэ өлөр-тиллэр быһылааныгар бииргэ түбэһиспит киһитэ. Пермь куораты Пепеляев сэриилэрэ ылалларыгар, Кыһыл Армияҕа сулууспалыы сылдьан, иккиэн бииргэ түҥнэри эргийбиттэрэ. “Эра…” Соболевы итинник кини эрэ ааттыыра. Ону кыыс оҕоҕо дылы ааттыыгын диэн бастаан өһүргэнэ истэрэ. Кэлин үөрэнэн хаалбыта. Кинилэр Красноярскайга арахсыбыттара. Соболев онно, тифкэ ыалдьан, госпитальга хаалбыта. Үтүөрэн баран буруйун билиммит, сэбиэскэй былааһы ылыммыт военспец быһыытынан бу кырыыстаах тымныылаах сир уһуга дойдуга түҥкэлийэн кэлбитэ. “Хайа хайалыын тиксиспэт, киһи киһилиин булсар диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Мин манна баарбын полковник хантан биллэҕэй? Ол эрээри билиминэлэр. Хата манна, Якутскайга, туох буоларын курдаттыы көрө-истэ сылдьаллар ини. Биир киһилэрэ бу тиийэн кэллэ дии. Ыыппыт агеннара өссө манан эрэ бүппэтэҕэ чахчы. Рейнгардт элбэхтэ кэһэйбит киитэрэй түөкүн. Кини түөрэккэй суолга киирэн биэриэ суохтаах этэ. Пепеляев похода чахчы кыайыынан бүтүөҕүн биллэҕэ дуу? Быстах, албын мэҥиэни хабыан сатаммат…”
Ахсааннаах чыпчылҕан иһигэр Соболев төбөтүгэр араас санаа булумахтаста. Кини, уһата-тэнитэ барбакка, сип-сибилигин иккиттэн биирин быһаарына охсоро наада этэ. Урукку штабс-капитан бассабыыктары, кинилэр диктатураларын ис сүрэҕиттэн абааһы көрөрө. Сэбиэскэй былаас суулларын туһугар кини олоҕуттан уратытын барытын биэрэрин даҕаны кэрэйиэ суох этэ. Ити туһугар кини кыргыһыыга даҕаны киирсэргэ бэлэмэ. Ол эрээри бу кыргыһыы кыайыынан түмүктэниэҕин бигэтик билэр буоллаҕына. Кыһыллар кыайтараллара чахчы буоллаҕына. Оттон