Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 31
Съезд Платон Ойуунускай бэрэссэдээтэллээх Саха Киин Ситэриилээх Комитетын, Исидор Барахов бэрэссэдээтэллээх Народнай Комиссардар Советтарын тэрийдэ.
Автономия тэриллиитинэн республика үлэһиттэрин айхаллаан туран, съезд кинилэр туох баар күүстэрин сэбиэскэй олоҕу бөҕөргөтөргө туһулуулларыгар, оттон субу тирээн турар кэмҥэ үрүҥ генерал Пепеляев авантюратын үнтү сынньарга түмсэллэригэр ыҥырда. Съезд аһыллыаҕыттан сабыллыар диэри хас күнэ барыта норуот бүттүүнүн улахан бырааһынньыга буолан ааста. Маннык сүҥкэн өрө көтөҕүллүүнү, маннык үрдүк өрөгөйү Дьокуускай өссө көрө илигэ…
– Көрдөһүүгүн ылынарга быһаардыбыт. Бу аадырыска тиий…
Томмот Чыычаахап, итиэннэ туох диэн этэллэрин истэ барбакка, арбаҕар баттахтаах комсомол куораттааҕы комитетын секретара уол илиититтэн кэмбиэри сулбу тардан ылаат, көрүдүөргэ ыстанна. Аны төттөрү көрдөөн туруохтара диэбиттии, кумааҕытын хоонньун сиэбигэр тимирчи баттаата уонна түргэн үлүгэрдик кирилиэһинэн таҥнары сүүрэн түһэн таһырдьа тахсан, Улахан уулуссанан тэбиннэ. Хаамыы-сүүрүү иккэрдинэн элэгэлдьийэн иһэн: “Син ситистим ээ!” – диэн күлэн кэбистэ. Пепеляевы утары сэриигэ барыахтаах этэрээттэр тэриллэр сахсааннара биллиэҕиттэн кини хайаан да кыһыл сэриигэ байыаһынан киирэргэ быһаарыммыта. Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин командующайын штабыгар, военкомакка, ЧОН-ҥа, атын да этэрээттэр командованиеларыгар барыларыгар сылдьыталаабыта. Олор бары: “Комсомолец эбиккин, комсомол горкомуттан направлениета аҕал”, – диэн ылбатахтара. Обкомол, горкомол буоллахтарына комсомолецтары мобилизациялыыр туһунан дьаһал суох, онон үөрэммитиҥ курдук үөрэн, наада кэллэҕинэ биллэриэхпит диэн төттөрү утаараллара.
Бүгүн, төрдүс сырыытыгар, дьэ ситистэ ээ! Томмот бу сырыыга горкомол секретара уоллуун маннык тыҥааһыннаах кэмҥэ наһаа наҕылын, үөһээ сууттары кытта үчүгэйдик быһаарсыбатын туһунан кимиилээх соҕустук, этиһэ да былаастаан кэпсэтэр санаалааҕа. Онтуката баара хата кини дьылҕатын хайыы-үйэ быһааран, кумааҕытын суруйа охсон бэлэмнээн олорор эбит. “Урут элбэхтэ мөҥүттүбүтүм, ордук-хоһу саҥарбытым эрээри, ити секретарым үчүгэй баҕайы уол ээ! – диэн Томмот кинини хайгыы санаата. – Пепеляев урусхалланыар диэри, техникум, быраһаай! Кыһыл байыас Томмот Чыычаахап эйиэхэ кыргыһыы хонуутуттан