Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 35

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

баартыйа барҕаран таҕыста”, – диэн чаҥкынатар. Инньэ гынан айдааран дьуһуурунайтан субу-субу мөҥүллэбит. Уу, дьэ, бу хаамарыҥ бытаанын. Хойутаары гынным. Ыарыһахтарым тиийэрбин күүтэн сытар буолааччылар. Билигин эмиэ кэтэһэн эрдэхтэрэ. Чэ сүүрүөх.

      Уоллаах кыыс туман быыһынан элэгэлдьиһэ турдулар.

7

      – Уйбаан Чуллурҕааһабы Арассыыйа Ыччатын Хомуньуустуу Сойууһун чилиэнигэр ылыллыбытынан эҕэрдэлиибит, – Дьокуускайдааҕы учуутал техникумун комсомольскай ячейкатын уопсай мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Долгунуоп, дьып курдук көнө уҥуохтаах, кубаҕай сирэйдээх уол, строй иннигэр тахсан эрэрдии, маҥан тимэхтээх хара сатыын ырбаахытын курун көннөрүммэхтээтэ. – Кини биһиги итэҕэлбитин толоруо диэн эрэнэбит.

      Хараарбыт бэрэбинэ истиэнэлээх кылаас иһигэр ытыс тыаһа хабылынна. Уҥа икки түннүк иккэрдинэн истиэнэҕэ ыйаммыт кыраһыын лаампа ол тыастан соһуйбуттуу симириҥнээн ылла. Мунньахтыы олорор уонча уол, кыыс барыларын харахтара борук-сорук муннукка, тиһэх паартаҕа туһуланна. Саҥа комсомолга киирбит уол эҕэрдэлээһин иһин туран тоҥхолдьуйан хардарар санаата суох киһи буолла, хата кумуччу туттан аччыаҕынан аччаан, муннук диэки өссө ыга симилиннэ. Ол ахсын көрдөөх саҥа, күлсүү, хаадьылааһын эбии сэтэрдэ.

      – Аны билигин хомсомуол чилиэнигэр хандьыдаатынан ылыҥ диэн устудьуоҥка Аргыылаба Кыыча Миитэрэйэбинэ сайабылыанньатын көрүөхтээхпит, – бэрэссэдээтэл Долгунуоп остуолга сытар хас да лиис кумааҕыны аттыгар олорор ыйаастыгас сытыы харахтаах уол диэки хаһыйда. – Тылы эчиэйкэ сэкэрэтээрэ Арбаҕааһап ылар. Чэ, Тиэхээн.

      Сибилигин аҕай күйгүөрбүт сэргэхсийии уоста түстэ. Кылаас иһигэр уу чуумпу буолла.

      – Аргыылабаны эһиги бары билэҕит. Биһиги тиэхиньикииммит иккис куурсун устудьуоҥката. Кинини икки киһи мэктиэлиир: эмп тиэхиньикиимин устудьуоҥката Адаамаба уонна биһиги хомсомуолуспут Чыычаахап Томмот, – диэтэ сэкэрэтээр уонна кыыс сайабылыанньатын, олоҕун кэпсээнин, рекомендациялары ааҕыталаата. – Ити курдук. Дьэ билигин дьүүллэһиҥ: хомсомуолга хандьыдаатынан ылары сөбүлүүгүт дуу, суох дуу?

      – Ким тыл этэр? – бэрэссэдээтэл турда. – Биитэр ким эмэ ыйытыылаах дуу?

      Ким да саҥарбата.

      – Сайабылыанньалааҕы бэйэтин истиэҕиҥ, – диэтэ кэтэх диэкиттэн ким эрэ.

      – Кырдьык, кырдьык…

      – Олоҕун кэпсээнэ хайдах эрэ… олус судургу…

      – Бэйэтэ тылынан кэпсээтин.

      – Чэ сөп. Бэйэҥ тускунан кэпсээ, та…баарыс Аргыылаба, – бэрэссэдээтэллээччи кэлэҕэйдээн ылла.

      Кэтэх паартаттан кыыс турда.

      – Манна! Манна кэл! – бэрэссэдээтэллээччи, өс-саҕа буолбуттуу, кытаанахтык эттэ уонна остуол сирэйин диэки умса көрөн кэбистэ.

      Кыыча бастаан, билбэт оломугар киирэн эрэр киһилии, аргыый атыллаталаан баран, эмискэ

Скачать книгу