Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 33

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

үчүгэйдик өйдөтүспэккэ, кэпсэтиспэккэ, өмүрэх курдук, алҕас сулбу ойон кэлэн бу солото суох киһи бириэмэтин былдьаатым диэн Томмот буруйдана санаата. Ол буруйун чэпчэтиниэхтии, быһаарар быһыынан аргыый эттэ:

      – Мин хонтуораҕа үлэлиэхпин баҕарбаппын. Сэриилэһиэхпин баҕарабын. Илиибэр бинтиэпкэ ылан…

      – Сөп-сөөп. Истэргэ соччо сонуна суох эрээри, саҥаран ис. Истэбин.

      – Уонна оттон… сэриилэһэр чааска киириэм этэ. Кыһыл армееһынан.

      – Итиэннэ?

      – Уонна оттон… бүтэр…

      – Хонтуораҕа хохойон олоруоххун баҕарбаккын? – Ойуурап иккиһин лаппыйан ыйытта.

      – Ыһыы… – Томмот тоҥхох гынна.

      – Биэстэ эстэр бинтиэпкэнэн ытыалыы-ытыалыы, ыстаал буулдьа ардаҕын ортотунан уоттаах атаакаҕа утары сүүрэн киириэххин баҕараҕын?

      Томмот “ээх” диэх курдук гынан иһэн Ойуурап куолаһыгар эҕэлээх дорҕооннор быыһылыылларын истэн тохтоото. Атын киһи, чэ холобура, били горкомол секретара уол эбитэ буоллар, кини өһүргэнэн, кыыһыран ойон турбута, биир эмэ хабархай тылы этэн, халҕаны хайа быраҕан тахсыбыта ыраатыа этэ. Кырдьык даҕаны, сэриигэ барары күлүү-элэк оҥостор диэн туох аатай! Үҥкүүлээх бэчэрииҥкэҕэ баран эрэргэ дылы. Маннык кыһыылаах түгэннэргэ Томмот, кимтэн да чаҕыйбакка, тылы баҕас булан этэр идэлээҕэ. Кини дойдутугар тыаҕа да, куоракка техникумҥа да харса суоҕунан, сытыы тыллааҕынан биллэрэ. Ону баара бу табах буруотугар ыһаарыллан саһарбыт убаҕас бытыктаах, аанньа утуйбакка дарбайбыт халтаһалаах, кытарбыт харахтаах, ытыһын көхсүгэр өрө үллүбүт тымырдаах, бадьырыйбыт тарбахтардаах модороон илиилээх киһиэхэ сүрүн баттатан, уота-күөһэ умуллан олордо. Ити эҕэлээх ыйытыыга хадьардык хардарарын оннугар кини сэриигэ барарга быһаарыныытын сөпкө өйдүүргэ көрдөһөрдүү ботугураата:

      – Мин ордук кутталлаах сиргэ ыытарга көрдөспүтүм.

      – Оччоҕо манна, куппууга, куттала суох сир буоллаҕа?

      Томмот саннын хамсатта.

      – Сэриигэ… – саҥаран иһэн тохтоон хаалла.

      – Сэриигэ өлөллөр. Оннук дуо?

      Томмот сөбүлэһэн кэҕис гынна.

      – Оттон манна, куппууга?

      Томмот хардарбата.

      – Куппуулар өлбөттөр. Куппуулар бэйэлэрэ өлөрөллөр. Оннук дуо?

      – Билбэппин…

      – Сымыйалаама: билэҕин. Инньэ дии санаан олороҕун.

      “Дивизиону дьаһайбаппын диэтин да, бүттүн ээ. Тоҕо эмиэ ыаспыйалаан ыйыта олороруй?” – диэн Томмот өһүргэниэн баҕарда. Өһүргэннэр туран сулбу ыстанан тахсыан да сөп этэ. Ол эрээри кини бу уҥуох сирэйдээх, сылайбыт-сындалыйбыт көрүҥнээх киһини утары көрөн олорон өһүргэммэтэ даҕаны, ойон туран таһырдьа ыстаммата даҕаны. Иэҕэҥнэс олоппоһугар хам хараҕаланан хаалла.

      – Оччоҕо мин өлөрбүттэн дьаадьыйан, куттала суох сиргэ, бу хонтуораҕа хохойон олордоҕум дии.

      – Инньэ диэбэппин.

      – Инньэ

Скачать книгу