Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 36

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

суулаабытыҥ иһин син биир маратык көстөөччү. Оттон Кыыча ханнык да боростуой таҥаһы кэттэҕинэ, ол таҥас тупса түһэр. Кини, холобур, субуотунньукка үлэлииригэр төһө да халыҥ, мара таҥаһы таҥнан кэлбитин иһин син биир мааны таҥаһы кэтэн сылдьар кэриэтэ харахха чуо быраҕыллар буолааччы. Ол кини буруйа үһү дуо?..

      – Чэ кэпсээ, – бэрэссэдээтэллээччи көхсүнэн олорон соруйда.

      Ити саҥаттан Кыыча хайдах эрэ соһуйан “дьик” гынна. Туох үлүгэр тоҥуй, дьэбир саҥаный? Тыбыс-тымныынан саба биэрэн. Ахсынньы аам-даамыгар балаҕан халҕанын аппатан ылбыкка дылы. Ити Сэмэнчик саҥата ээ. Сэмэнчик Долгунуоп. Кини Кыычалыын биир курска үөрэнэр. Былырыын үөрэҕэр үгүстүк көмөлөһүннэрбитэ. Нуучча тылыгар ордук мөлтөх этэ. Дьиибэрдэҕинэ “Кыычарыыс” диэн ааттыыр идэлээх. Ол бэйэтэ ити…

      Кыыча өйүгэр өһүргэнэр санаа кылам гынан иһэн умулунна. “Кыычарыыс”… Ол эйэргэһии, дьээбэргэһии барыта кылааска, үөрэх кэмигэр этэ. Онно студеннар эрэ этилэр. Манна – атын. Манна – ячейка. Манна кини бииргэ үөрэнэр студент эрэ буолбатах. Манна кини туох-ханнык иннинэ комсомолец. Ячейка үөрэнэр кылаас буолбатах, охсуһууга, кыргыһыыга биир санаалаахтар, биир идеялаахтар түмсүбүт сирдэрэ. Манна Сэмэнчик ол-бу быстах санаанан, билсиинэн буолбакка, идеянан, суос-соҕотох үрдүк идеянан эрэ салайтарыахтаах. Инньэ дии санаат, Кыыча бу түгэҥҥэ инники олоҕо, дьылҕата быһаарыллан эрэрин дьэҥкэтик өйдөөн кэллэ. Ол өйдөөбүтүттэн эбии долгуйан, туттардыын, тыллыын-өстүүн бохсуллубут курдук буолла.

      – Сааһым уон аҕыһым… 1904 сыллаахха төрөөбүтүм… – кыыс бэйэтин уларыйбыт, кэһиэҕирбит куолаһын, атын киһи саҥатын истэрдии, дьиктиргии иһиттэ. Күөмэйэ бүтэйэ оһон хаалбыкка, онон дорҕоон түөһүттэн нэһиилэ кыбыллан тахсарга дылы. – Тыа оскуолатын бүтэрбитим… дойдубар. Уонна техникумҥа киирбитим… Билигин бу үөрэнэ сылдьабын… Иккис курска…

      Уонна, тугу эбии этиэҕин булбакка, хоҥкуйан турда.

      – Бүттүҥ дуо? – бэрэссэдээтэл ыйытта.

      – Бүтэн…

      – Төрдүгүн кэпсээ. Аҕаҥ кимий? Ийэҥ кимий? – ячейка сэкэрэтээрэ Арбаҕааһап, быһыта баттаталаан эрэрдии, саҥарда. – Ханна баалларый? Тугу гыналлар?

      – Аҕам, ийэм дойдуларыгар олороллор…

      – Баайдар дуо? – ким эрэ быһа түһэн ыйытта.

      – Баайдар…

      Ити тыл толору уулаах хоруу буомун эмискэ төлө баттаабыт кэриэтэ буолла. Тоҥуйдук ньимийэн олорбут кылаас ол-бу өттүттэн харса-хабыра суох ыйытыылар кутуллан бардылар:

      – Хамначчыттаахтар дуо?

      – Хамначчыттаахтар этэ…

      – Аҕаҥ кинээстээбитэ дуо?

      – Кинээстээбит үһү…

      – Убайыҥ ханнаный?

      – Быһаас Артемьевка холбоспут үһү…

      – Үрүҥ бандьыыкка дуо?

      – Бандьыыкка…

      – Ону тоҕо кистиигиний?

      – Кистээбэппин…

Скачать книгу