Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 32

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

чулуу дьону сүүмэрдииллэрэ чахчы. Секретарь уол миигин онно сөптөөх диэн ыыппыта буолаарай? Кырдьык, оннук буолуо. Уонна миигин, сэриигэ көрдөһөр киһини, тоҕо куппууга атаарыаҕай? Пепеляевы утары сэриигэ хата ким-хайа иннинэ куппуу дивизиона тахсыаҕа. Маҥнайгы уоттаах хапсыһыыга кини киириэҕэ. Ону баара секретарь уол барахсаны мөҕө сылдьабын. Чэ бэйэм даҕаны өрө-таҥнары буккулламмын тойон бөҕөбүн…”

      ГПУ икки мэндиэмэннээх таас дьиэтигэр Томмот биир тыынынан кэриэтэ тэбэн тиийдэ. Биэс нүөмэрдээх хоһун өҥөс гынан көрбүтэ: ким да суох. Ааны аппатан укпут төбөтүн төттөрү ылан эрдэҕинэ кэннигэр табахтан, тымныыттан бүппүт хардьыгынас саҥа иһилиннэ:

      – Эн миэхэ наадалааххын дуо, табаарыс?

      Томмот эргиллэ биэрдэ. Эргэ барааҥка сону санныгар иилэ быраҕыммыт, хара бараан уҥуох сирэйдээх, нүксүгүр соҕус аҕамсыйбыт хатыҥыр киһи хаҥас илиитигэр хас да лиис кумааҕыны, уҥатыгар буруолуу сылдьар хамсаны тутан турар эбит.

      – Ойуурапка кэллим.

      – Ойуурап диэн мин. Киир.

      Томмот, иһирдьэ атыллаан иһэн, хос иһин эргиччи көрөн ылла. Олбуор диэки тахсар соҕотох түннүктээх барык-сарык кыараҕас хос. Онон-манан кэрдиистии кыһыллыбыт сирэйдээх, аҥаар өттүгэр тумбочкалаах, чочуллубут атахтардаах сүрдээх улахан эргэ остуол хос аҥаарын былдьаабыт. Ол үрдүгэр тааһа тордоҕурбут кыраһыын лаампа. Уҥуор-маҥаар икки олоппос.

      Ойуурап олорбутугар олоппоһо, “айыкка-бы-ын!” диирдии, хаачыгыраата.

      – Олор. Кэпсээ, – диэтэ кини уонна, хамсатын чубуугун айаҕар батары биэрээт, били тутан киирбит кумааҕыларыгар умса түстэ. Тыыннахха күөмэйи кычыгылатар чаркааскай табаҕын буруолатан бурҕаҥната-бурҕаҥната, уоһун аргыый ибирдэтэн, өр аахта. Аахпытын сөбүлээбэтэ быһыылаах. “Эс!” – диэн ботугураат, олоппоһугар чинэс гынна уонна эмиэ Томмоту көрө биэрдэ. – Хайа, доҕоор, кэпсээриий!

      Томмот кэмбиэрин уунна. Ойуурап кыракый лоскуй кумааҕыны ылан ааҕан баран остуолга уурда, үрдүгэр ытыһынан “лап” гына оҕуста:

      – Бай, доҕоор, бэйэбит киһибит эбиккин дии! Чыычаахап диэн буоллаҕыҥ? Хомсомуоллар ыыттылар дуо? Эрэннэрбиттэрин толорор дьон буоллулар. Обкомуолу кытта кэпсэтиилээх этибит. Сө-өп. Үөрэнэҕин дуу?

      – Үөрэнэбин. Учуутал техникумугар.

      – Бэйэҥ, бадаҕа, арҕаа диэкигин дии?

      – Арҕаа Хаҥаласпын.

      Ойуурап, кэпсиир-кэпсэтэр иккэрдинэн сэлэһэн, өссө да элбэҕи ыйытта. Кини, төһө да билбэтэх курдук ыйыталастар, мин туспунан уруккуттан истэр, билэр эбит диэн өйдөөтө Томмот. Итини бэркэ астына, сөбүлүү санаата: “Мэнээк уулуссаттан көтөн түспүт киһи буолбатах эбиппин. Ол иһин даҕаны куппуу сэриитигэр хайдах түбэһиэхчэ киһини ылыахтарай!”

      – Үчүгэ-эй! Инньэ гынан биһиэхэ үлэлии кэллиҥ, – Ойуурап олоппоһугар тиэрэ түстэ. – Саамай дьиҥ кырдьыккынан эттэххинэ, хайдаҕый: бэйэҥ сөбүлээн тылланан кэллиҥ дуу биитэр хомсомуоллар моһуйан ыыттылар дуу? Моһуйбут да буоллахтарына, кыбыстыма. Онно киһи кыбыстара суох. Бары баартыйа, хомсомуол саллааттарабыт. Бары

Скачать книгу