Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 29

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

сөбүн дуу, сыыһатын дуу чопчутук билэрим наада. Ону миигиттэн бэйэм тириим харысхала эрэйэр буолбатах: соҕотох мин биитэр миигин кытта иккиэйэх-үһүөйэх киһи өлөрө суолтата суох. Ону миигиттэн дьыала туһа, биһиги уопсай охсуһуубут туһа эрэйэр. Өһүргэнэн тэлэкэчийиэх иннинэ итини өйдүөххэ наада.

      – Чэ сөп. Бырастыы гын, – Соболев аргыый хардарда.

      – Эйиэхэ кыра да саарбахтыыр санаа суох буоллаҕа дии?

      – С-суох…

      – Эн бэйэҥ дьылҕаҕын, олоххун бүтүннүүтүн генерал Пепеляев дьаһалыгар биэрэр буоллаҕыҥ дии?

      – Даа!

      – Үчүгэй. Билсиһиибит олус уһаатар да, барыта дьэҥкэрдэ диэххэ сөп. Эраст Константинович, бэйэҥ да билэриҥ буолуо: Пепеляев командующайдаах Сибиир добровольческай дружината бу күннэргэ Дьокуускайы туһулаан иһэр. Дружина 800 киһилээх. Олортон үксүлэрэ старшай офицердар: генерал Вишневскэй, генерал Ракитин, полковниктар Андерс, Леонов, Рейнгардт, Сайфуллин, Вандышев, Иванов, Самойлов, Шнапперман, Сивко… Чэ, быһата, полковник үөһэ полковник, майор үөһэ майор. Итилэртэн үгүстэрин эн билэр буолуохтааххын. Дружинаҕа олохтоох үрүҥнэр этэрээттэрэ холбостулар.

      – Билэбин. Кыһыллар агентуралара куһаҕана суохтук үлэлиир.

      – Хомойуох иһин, оннук. Ол эрээри онтукалара да кинилэри быыһыыра биллибэт. Саха сиригэр сэбиэскэй былаас самнара ахсааннаах хонук хаалла.

      – Кыһылларга эмиэ көмө күүс соҕурууттан кэлэ турар.

      – Буоллун. Илинтэн иһэр күүһү утары туох даҕаны туруулаһыан сатаммат. Генерал Пепеляев ыраахтан силистээх. Кини кэннигэр Америка, Англия уонна Япония тураллар. Бу үс ааттаах баай государство көмөтө тохтоло суох күүһүрэн иһиэҕэ. Дьокуускай дьиҥинэн Пепеляев большевизмы утары крестовай походугар бастакы пуун эрэ. Кини бүтэһик сыала – Сибиири уҥуордаан Москва Кремлигэр киирии. Чэ итини барытын эн бэйэҥ да өйдүүгүн. Эйигин агитациялыы сатыыр наадата суох.

      – Таҥара биэрдин!.. – Соболев үөһэ тыынна, кириэстэнэн сапсынна.

      – Таҥара бэлэм кыайыыны аҕалан биэриэ суоҕа. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах, Эраст Константинович. Эн, мин, биһиги бары туох-баар кыахпытынан бүтүннүүтүнэн ити улуу кыайыыны ситиһэргэ көмөлөһүөхтээхпит.

      – Оннук-оннук.

      – Дьэ билигин мин этэрбин үчүгэйдик өйдөөн иһит. Ол генерал Пепеляев эйиэхэ сирэй бирикээһэ. Бастакынан, эн кыһыллар Пепеляевы утары операцияларын былаанын куоппуйатын булуох тустааххын.

      – Хайдах?! Командующай штаба военкоматтан туспа…

      – Хайдаҕа – эн дьыалаҥ. Онуоха мин орооспоппун. Булан миэхэ тиксэриэхтээххин. Оччоҕо Пепеляев кыһыллар хас хардыыларын өтө көрө олоруоҕа. Байыаннай киһи бэйэҥ да өйдүүр инигин, ити былаан Пепеляев илиитигэр хайа кыалларынан эрдэ тиийэ охсуохтааҕын?

      – Өйдөөн да… – Соболев үөһэ тыынна. – Суох… суох…

      – Сөп. Аны иккиһэ. Кыһыллар этэрээттэрин иһигэр бэйэ дьоннорунан агитацияны күүһүрдэн, ол этэрээттэр Пепеляев диэки эргийэллэрин

Скачать книгу