Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 24
– Ол курдук. “Дорообо, Дьэримиэй Сүөдэрэбис” диэбиппэр тугу да хардарбата. Хаһааҥҥыттан эрэ хаан өстөөҕүн курдук, үөстээҕинэн дьүккүччү көрөн баран, түҥнэри хайыста. Дьэ киһийдээн! Абааһы көрөрө итиччэ эбитэ дуу, сиргэнэрэ оччо эбитэ дуу. Оннооҕор ыт үрдэҕинэ киһи “чөт!” диир куолута. Кини буоллаҕына киһи саҥарда ээ диэн биир тылынан хардарбата. Ама үөрэхтээҕин иһин урут син холоон тойооску этэ. Ыт баара…
Испирдиэҥкэ кэпсээн истэҕин аайы эбии кыыһыран, тырыттан үөхсэрэ эбии өһүөннэнэн барда.
Валерий таһырдьа тахсыбыта, харбыалаһар хараҥа буолбут. Кинини куоракка үгүс киһи билэр. Онон маннык кэмҥэ сылдьара ордук табыгастаах. Ити гынан үгүс киһини билэрэ даҕаны Валерийга туһалаамаары гынна быһыылаах. Ньылхантан хоҥноругар: “Сорукпун элбэх эрэйэ суох толоруом, саха үөрэхтээх аймаҕа, сэниэ өттүлэрэ бары, Пепеляев иһэрин иһиттэхтэринэ, өрө көтө түһүөхтэрэ, кинилэри түмэр, тэрийэр, салайар эрэ наада буолуо”, – дии санаабыта. Онтуката күүппүтүн курдук буолбата. Саамай эрэммит, ааттарын ааттаан кэлбит дьоннорун суоллара сойбут: сорохторо хайыы-үйэ тутуллан трибуналга сууттаммыттар, сорохтор куттанан хорооннорун иһигэр кирийбиттэр. Испирдиэҥкэ курдук. Испирдиэҥкэ сибилигин да ньимийэн сытыах киһи кыһалҕаттан көмөлөспүтэ буолара көстөн турар. Оттон Валерий соччо бигэтик эрэммэтэр да, син, баҕар, биһиэхэ холбоһуохтара диэбит дьоно адьас чыҥха атын буолбуттар. Биир оннук киһиэхэ, урут бэркэ билэр киһитигэр, Испирдиэҥкэни ыыта сылдьыбыта. Оҕонньор күлэн-салан мылаарыҥныырын быыһыгар ол киһиэхэ бииргэ үөрэммит доҕотторун санатарыгар Валерий аатын ахтан аһарбыт. Онуоха анарааҥҥыта ойон туран уолугуттан харбаабыт: “Ол бандьыыт ханнаный? Билэҕин дуо? Эт! Сидьиҥи саа уоһугар туруоруохха наада!” Испирдиэҥкэ ити көрсүһүүтүттэн бэркэ куттанан, киҥэ алдьанан төннүбүтэ.
Дьон өйө-санаата уларыйара түргэнэ сүрдээх эбит. Урут саарбахтааччылар үгүстэрэ билигин сэбиэскэй былааһы туох да халбаҥа суох ылыммыттар. Саҥа былаас кинилэр эт-хаан былаастара буолбут. Ону көмүскээннэр тиистэринэн-тыҥырахтарынан түһүөх айыламмыттар. Иллэрээ сыллааҕыга диэри политикаҕа үрүҥү-хараны араарбат, тойотторо дьаһайбыттарын хоту сүөһү кэриэтэ сылдьар хамначчыттар, батараактар, харахтара аһыллан, айахтааҕы атыппат араатар буолбуттар. Инньэ төрүөтэхтэриттэн сэбиэскэй былааска дьулуспут, ол дьулуһуулара дьэ туолан үөрбүт-өрөгөйдөөбүт курдуктар. Чэ кинилэр буоллуннар даҕаны. Кырдьыга, сэбиэскэй былаас быстыбыттар, дьадаҥылар былаастара буоллаҕа. Кыһыыта баар: үөрэхтээх сахалар кыһылга булгуччулаахтык холбоспуттара. Дьэ дьиибэ. Үөрэхтээх дьоннор, урукку былаас эргийдэҕинэ, быдан үчүгэйдик олоруохтара суох этэ дуо? Билигин ити кумалааннары кытта тэҥнэстэхтэринэ холоон өҥнөнөр-түүлэнэр инилэр. Итиэннэ сатаатар көннөрү саҥата суох, көннөрү хонтуораҕа эрэ үлэлии сырыттахтара дуу. Улуус улууһу кэрийэ сылдьан, “сэбиэскэй былаас көмүскэлигэр бүүс-бүттүүн түмсэн, Пепеляев генерал сэриитин утары таас хайа кэриэтэ ньыгыллык туруоҕуҥ! Үрүҥ сэриини үнтүрүтүөҕүҥ!” диэн мунньах, араатар