Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 21
– Андаҕайабыт!.. Андаҕайабыт!.. Андаҕайабыт!.. – сүүһүнэн ыстаал ыстыык өрө кыырайда.
Ити кэнниттэн тылы Россия Коммунистическай (большевик) партиятын обкомун секретара Максим Кирович Аммосов ылла. Бу киэҥ эрилкэй харахтаах, сэргэх, сырдык сирэйдээх, эрчимнээх, сытыы туттуулаах, намыһах соҕус, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх киһи, көрө түстэххэ, хайдах эрэ эдэр хотойу санатара. Бу билигин даҕаны, төһө да ыар кутурҕаны көхсүгэр сүгэн турдар, кини тыл этээри, уҥуоргу мырааны одуулуурдуу күөрэччи туттубут төбөтүттэн чигдигэ бигэтик тирэммит хаатыҥкатын тумсугар тиийэ – бүтүн бэйэтэ бүтүннүүтэ уоттаах охсуһуу төлөнүнэн, кэнэҕэски кыайыы сардаҥатынан куустаран турарга дылы. Аммосовтаах Ойуунускай саха дьадаҥылара саамай киэн туттар, ытыктыыр, таптыыр дьонноро этилэр. Кинилэр ааттара саха дьонун сүрэҕэр “сэбиэскэй”, “бассабыык”, “хомуньуус” диэн тыллары кытта дьүөрэлэһэн киирэрэ. Кинилэр ааттара ити тыллардыын биир өйдөбүллээх курдуктара.
Максим Кирович инники атыллаата уонна чуор, дьэҥкэ куолаһынан саҥаран барда. Кини Коммунистическай партия кыра омуктары социальнай, экономическай уонна колониальнай батталтан босхолоон, кинилэргэ чэлгийэ үүнүү, барҕара сайдыы киэҥ эркээйилээх суолун тэлэйбитин аҕынна.
– Чэрдээх илиилээх үлэһит аймах дьолун иһин дьиҥнээхтик охсуһар аан дойдуга суос-соҕотох партия – Коммунистическай партия баар, – диэтэ кини. – Бары норуоттар чулуу дьонноро кини кыайыылаах кыһыл знамятын анныгар түмсэллэр. Ол иһин даҕаны биһиги бүгүн тиһэх суолларыгар атаарар күндү дьоннорбут бэйэлэрин олохторун, охсуһууларын бу улуу партияны кытта ситимнээбиттэрэ. Миша Иванов большевик партиятын чилиэнин билиэтин сүрэҕин аттыгар укта сылдьара. Хабырыыс Хаптааһап партия эрэллээх солбуура – комсомол чилиэнэ этэ. Бүгүҥҥүтэ аата-суола биллэ илик, мүччү туттаран куоппут, оттон сарсын пролетарскай батастан бэйэтэ умсар дьылҕалаах өстөөх илиититтэн сырдык тыыннара быстыбытын да иһин, кинилэр охсуспут охсуһуулара хайаан да кыайар, өрөгөйдүүр аналлаах. Бу хаарыаннаах доҕотторбутунуун арахсар аһыылаах чааспытыгар биһиги этиэх кэриҥнээхпит: саха норуотун кэскилэ эрэллээх илиигэ баар. Кини бэйэтин дьылҕатын улуу Ленин сирдьиттээх Коммунистическай партияҕа итэҕэйдэ. Маннык норуоту хаһан даҕаны ким даҕаны кыайыан сатаммат. Ол эрээри үлэһит норуот былааһа туругуруута күүс-уох, өй-санаа муҥутуурдук түмүллүүтүнэн, элбэх эрэйинэн, үгүс сиэртибэнэн ситиһиллэрин өйдүөххэ наада. Билигин биһиги республикабытыгар