Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 18
Саха сирин киэҥ киэлитин тухары ити ыҥырыы этиҥнии ньириһийбитэ:
– Бары күүһү – Пепеляевы үнтүрүтүүгэ!
Онон бу сэһэҥҥэ ойууланар кэм Дьокуускай итиэннэ Саха сирин бүтүннүүтүн олоҕор үөрүү уонна аймалҕан, өрөгөй уонна алдьархай алтыспыт кэмнэрэ этэ.
Бүгүн күнүс икки чааска Дьокуускайга, Марат болуоссатыгар, өрүс уҥуор үрүҥ бандьыыт илиититтэн өлбүт икки кыһыл армееһы көмүү буолар диэн педагогическай техникумҥа үөрэҕи эрдэ бүтэрдилэр.
Томмот Чыычаахап, техникум иккис курсун үөрэнээччитэ, студеннар олорор уопсай дьиэлэригэр тиийэн кирпииччэ кэриэтэ кыбыс-кытаанах, ньып-ньыгыл хара килиэби сылбаххай чэйинэн илитэн кум-хам ыстаан ыйыһынна уонна доҕотторуттан арыый хаалан таһырдьа таҕыста. Кини Красноармейскай уулуссанан аа-дьуо хааман иһэн муннукка тохтоото. Аны ким эмэ хараҕар түбэһээйэбин диэн сэрэхэчийэн тула өттүн кылап-халап гынан ылла. Туманныра дьыбарсыйбыт уулуссаҕа билэр киһитэ көстүбэккэ дылы. Кэтит саппыйаан курунан ыга тардыммыт, кылгас маҥан бараан соннорун кытта соччо дьүөрэлэспэт хороҕор коммунарка бэргэһэлэрин тууна бааммыт икки кыһыл армеец тэҥҥэ кычырҕаччы хардыылаан уулуссаны ортотунан аастылар. Кинилэр кэннилэриттэн мууһунан килэччи тоҥмут сыарҕалаах уу баһар оҕонньор нэлбиҥнэттэ.
Чугаһынааҕы кэлииккэни хараҕын кырыытынан көрөн ыла-ыла, Томмот олбуор истиэнэтин диэки хайыһан турда. Бачча түптэлэс тымныыга бу тыал хайыта сыспыт эргэ кумааҕыларын бэркэ наҕылыйан ааҕа турар сахаҕа өгдөс уҥуохтаах хатыҥыр уолу киһи, бука, дьиибэргии көрүө эбитэ буолуо. Онуоха эбии дьыл баччатыгар киһини соччо наҕылыппат даҕаны таҥастааҕа: атаҕар тиирэ кэтиллибит саары этэрбэстээҕэ, соролообут тииҥ тириитэ саҕа сыыстаах кылгас сиэрэй суппуун соннооҕо, хата сэргэх соҕус куобах тыһа бэргэһэлээҕэ. Ону баара бу уол бэргэһэтин сыҥааҕын быатын бааныахтааҕар өссө өрө сэгэччи анньыммыт. Салгыҥҥа сиэппит хара бараан сирэйин хаана тэтэрбит, сэргэхтик көрбүт-истибит, хара көмөр хараҕа дьэрэлийэ чоҕулуйбут. Бытааны да тиэтэтэр, сыылбаны да сыыдамсытар абытай тымныы бу эдэр киһини букатын даҕаны тумнубукка дылы. Уол, төһө да сирийэн аахпыта буоллар, ити эргэ кумааҕыларга адьас наадата суоҕа. Кини соруктанан кэлбитэ атын этэ.
Томмот хараҕа аны олбуор аллараа өттүгэр салыбырыыр инньэ быһайыҥҥытааҕы театр афишатын сарымтаҕар халбарыйда. Кини бу афишаны хаста-хаста аахпыта эбитэ буолла (уулуссаҕа соҕотоҕун хайдах таах туруоххунуй, кэм тугу эмэ гыммыта буоллаххына сатанар). Онон кини ити афишаҕа туох диэн бэчээттэммитин көрбөккө да этэр кыахтаах: “Якутскай народнай театра. 1922 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр, пятницаҕа. ХАРА МЭ. Үс оонньуулаах пьеса. Прейсберг суруйуута. Режиссер Рахманов. Париктары оҥордо Боксер. Оонньууга кытталлар: Рахманов, Гайдук, Трофимов, Буланкин, Мухин, Рахманова уо.д.а. Киэһэ лоп курдук 7 чаастан саҕаланар. Спектакль кэнниттэн сарсыарда 4 чааска диэри ҮКҮҮ. Духовой