Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 19

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

тулуйуо дуо? Саҥа сэрии Саха сирин бүтэһиктээхтик эһиэ суоҕа дуо?

      Ол иһин билигин биһиги хас биирдиибит долгуйан туран ыйытабыт: өстөөх кимиитин туруулаһан көрсөрүгэр, кинини үнтүрүтэригэр уонна төрөөбүт кыраайыттан киэр үүрэригэр ама саха норуотун күүһэ тиийиэ суоҕа дуо? Саха норуота Автономиятын көмүскэлигэр ама бүттүүн биир киһи курдук турунуо суоҕа дуо?

      Автономнай Саха сирин революционнай былааһа ыҥырар: “Бука бары сааны-саадаҕы ылыҥ!”

      Ааҕан истэҕин ахсын Томмот тоҕо манна турарын умнан, букатын атыны санаан, букатын атынтан долгуйан барда. Бу дороххой саһарымтыйар кумааҕыга бэчээттэммит строкалартан кини сүрэҕэр кырыктаах кыргыһыы уота-төлөнө биллэргэ дылы гынна.

      Томмот ыстатыйа тиһэх строкаларын тобулу көрөн турбахтаата. Бу ыстатыйа хас биирдии тыла киниэхэ, чуо киниэхэ туһаайыллыбыкка айылаах.

      “Саамай сөп! Хас коммунист, комсомолец, хас чиэһинэй киһи барыта билигин бу ааҥнаан иһэр алдьархайы суох оҥорор туһунан эрэ саныахтаах. Онтон атын туох даҕаны суолтата суох, – дии санаата Томмот. – Билигин ол-бу падежтары, теоремалары үөрэтэ сатыы олорор кэм буолбатах. Илиигэ бинтиэпкэни ылан, кыргыһа барыахха! Күн сарсын эмиэ обкомолга тиийиэххэ наада. Үнүрүүн кини Ревком, Совнарком декларациялара тахсыбытын кэнниттэн тиийбитин төттөрү үүрбүттэрин иһин сарсын, баҕар, ылыныахтара. Сарсын…”

      – Томмот, эн турар эбиккин дуу? Техникумнаан иһэҕин ини?

      Уол, ааҕарыгар аралдьыйан кэлииккэ аһыллыбытын өйдөөн көрбөккө, кыыс саҥата субу аттыгар иһиллибитигэр соһуйан эргиллэ түстэ. Кыыча! Маҥан таба тыһа этэрбэһинэн чигдигэ чэпчэки-чэпчэки бэйэлээхтик дугунан, кырса тыһа бэргэһэтинэн тулаламмыт сып-сырдык маҥан сирэйин сыысчаана туналыйан…

      – Техникумҥа… – Томмот, хараҕын умса көрөн баран, ботугураата.

      – Чэ түргэнник, аны хойутуохпут, – диэтэ кыыс уонна буруйдаммыт быһыынан аргыый эбэн эттэ: – Хотунум иһит сууйтаран хойутатан кэбистэ…

      Уол сэргэстэһэ хаамсан иһэн тиэтэйэн дыбдыгырайар кыыс имигэс, намчы таһаатын хараҕын кырыытынан көрөн ылла. “…Саха норуотун өлөр-тиллэр дьылҕата быһаарыллар кэмэ кэллэ…” Субу иннинэ аҕай кини уйулҕатын долгуппут ити дьэбир тыллар өйүгэр чаҕылҕан кэриэтэ күлүм гыннылар. Оннук! Өлөр биитэр тыыннаах буолар быһаарыллар күчүмэҕэй күннэрэ. Маннык алдьархайдаах кэмҥэ кини, комсомолец, кыыс кэлииккэтин аанын кэтээн хороллон турар, кинини уоран одуулаһа иһэр. Саат! Норуот бастыҥ уолаттара уодаһыннаах өстөөх хааннаах илиититтэн тыыннара быста турдаҕына маннык түктэритик быһыыланар мэссээни комсомолтан муус ураҕаһынан кыйдыахха сөп. Итинник санаан, кыбыстан, кэмсинэн, сирэйэ чоххо баттаабыттыы кытаран, Томмот саҥата суох төҥкөччү туттан истэ.

      Марат болуоссатыгар хара таҥастаах кыһыл былаахтары санньыччы туппут колонналар бииртэн биир кэлэн истилэр. ЧОН этэрээтин байыастарын кырыылаах ыстыыктара аһаҕас иин уҥа өттүгэр кырыара

Скачать книгу