Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 20
– Табаарыстар…
Томмот уу чуумпуга дуорайбыт бүтэҥи саҥа диэки көрө түстэ. Саха сирин Ревкомун бэрэссэдээтэлэ Платон Алексеевич Ойуунускай, боростуой тимир кылдьыылаах ачыкы нөҥүө санаарҕабыллаахтык, уйаҕастык көрбүт, кубархай иҥнээх, суптугур сэҥийэлээх, намчы, куйа көрүҥнээх хатыҥыр киһи, иин чугаһыгар чөмөхтөһөн турар дьонтон инники тахсыбыта. Кини, ити тылы этэн баран, хоруоптарга сэргэстэһэ сытар сахалаах нуучча уолун диэки умса көрөн чочумча саҥата суох турбахтаата.
– Табаарыстар… – диэтэ кини иккиһин иһиллэр-иһиллибэттик, бүтэҥитик, онтон кыратык сөтөллөн баран, төбөтүн өрө көтөхтө, знамяларын санньыппыт дьон кэккэлэрин эргиччи көрдө. Уонна, куолаһа улам чөллөрүйэн, саҥаран барда: – Доҕоттор! Кыһыл Аармыйа байыастара! Гражданнар итиэннэ гражданкалар! Бүгүн биһиги манна уһуктубат уһун ууларын утуйбут икки бойобуой доҕорбутун аны хаһан да төннүбэт тиһэх айаннарыгар атаарар кутурҕаннаах миитиҥҥэ муһуннубут. Саха хамначчытын уола Хабырыыс Хаптааһап сэбиэскэй былааһы сүрэҕинэн-быарынан ылынан, өйдөөн, бу былааһы көмүскээри илиитигэр саа-саадах туппута. Ол сылдьан уодаһыннаах өстөөх сибиньиэс буулдьатын аһылыга буолла. Оттон кини доҕоро – Петроград оробуочайын уола Миша Иванов Нева өрүс кытылыттан Сибиири устатын тухары өрөбөлүүссүйэ өстөөхтөрүн урусхаллаһан ыраах Саха сиригэр кэлэн олоҕо быһынна. Бу саха дьадаҥытын самныбат саргытын, кэрэ кэскилин туһугар сырдык тыыннарын толук биэрбит кыһыл хотойдор хоруоптарын иннигэр туран, мин өрөспүүбүлүкэ өрөпкүөмүн, саха норуотун бүтүннүүтүн аатыттан үйэ-саас тухары умнуллубат улуу махталынан сүгүрүйэбин…
Ойуунускай төбөтүн тоҥхотто. Бу түгэҥҥэ тула турар дьон бүтүннүү кинини кытта бииргэ сүһүөхтээх бэйэлэрэ сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэлэрэ хоҥкуйан турдулар.
– Бу сытаахтыыллар сахалаах нуучча уолаттара