Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 11

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

сытыы, үксүн кини сүүйэр. Оччоҕо үһүөн үөрэллэр: Микиитэ саҥа остуоруйаны истэн баайын хаҥатынаары, эмээхсин Микиитэ «дьоллоох, бааттаах киһи» буоларыттан, Өлөксөй дьоно үөрэллэриттэн. Даарыйа остуоруйалыырыттан хаһан да салгыбат, сүүйтэриини төлүүрүн хаһан да уһаппат.

      Микиитэ сүүйтэрдэҕинэ – урут киниттэн истибит остуоруйатын төттөрү кэпсээн биэрэр. Остуоруйалыы олорор Микиитэни эмээхсин хаһан да тохтоппот, кэрэхсэбилин кыратык да мөлтөппөт, сүүйүүтүн бэрт дьоһуннаахтык ылар киһи.

      Остуоруйа бүппүтүн кэннэ Микиитэ ханна, тугу бэйэтиттэн эбэн эппитин, тугу көтүппүтүн эмээхсин ыйар. Сөпкө эбиллибити «ылыналлар», сыыһаны быраҕаллар, көтүтүллүбүт сирдэри толороллор.

      Кинилэр сүүйсүүлэрин атын дьон истэн туһаналлар. Эмээхсиннээх уол сүүйсүүнү хайа сатанар үгүс киһи истиэн баҕараллар, өссө «истэ түс эрэ» диэн сорохтон көрдөһөллөр.

      Туһанааччы туһаннын: бараммат баай!

      Саха тылын дэлэгэй баайын, оһуордаах уустугун бу эмээхсин бас билэр, ким барыта түөһэ уйарынан ол баайтан ылан туһанар. Тыл баайа онтон дьадайбат, хата ордук дэлэйэр, үрдүүр, кэрэтийэр.

      Тыл бытархайдьыттара, тирбэҕэһиттэрэ эрэ кистэнэ, кэмчилэнэ сатаахтыыллар. Умнаһыттарга, кинилэргэ, ким ымсыырыаҕын, кинилэри ким ордук саныаҕын, бөхтөөх сиэптэрин бүүрэ харбаналлара буолла!

      Суох, Даарыйа эмээхсин баайа хааччаҕа, бүтэйэ суох үксүүр, үүнэр.

      Дьиэ таһыгар киһи атаҕын тэбэнэрэ иһиллэр. Өлөксөй уол куттанан «Маамаа!» диэн хаһыытаабытынан хотоҥҥо, Сөдүөт ойоҕо Маайаҕа сүүрэр.

      Эмээхсин бэркэ сэргэхсийэр, тымныы туманынан аргыйа турар ааны одуулаһан олорон, ботугуруур:

      – Киммит кэллэҕэй… Сээкэй сонуннаах саха урааҥхай буоллар үчүгэй этэ.

      Аан киэҥник тэлэллэ түһэр да, эмээхсин бэйэтин кыра уола Миитэрэй, намыһах уҥуохтаах бэйэтэ, бэрт үрдүк киһилии, ааҥҥа наһаа төҥкөйөн киирэр. Чонойуоҕунан чоноччу туттан, тобуктарын бокуппакка дьоролдьуйан иккитэ-үстэ атыллаат, кини тохтуу түһэр, ийэтин диэки сүр киэҥинэн күрдьэччи көрүтэлиир, ханна да суох бытыгар сыстыбыт кырыаны «сыыйа тардыталаан» сиргэ «илгитэлиир», ханна да суох саал былаатын сүөрүнэн, сототугар охсунан баран уот иннигэр аҕалан «ыйыыр». Дьэ уонна эрэ бэргэһэтин устан, тарбахтарын төбөтүнэн тутан, уҥа ороҥҥо илдьэн аргыый түһэрэн кэбиһэр.

      Даарыйа эмээхсин эйэҕэстик эҥээрийэр:

      – Ыалдьыт, тугу иһиттиҥ, доҕоор, туох сонуннааххын?

      – Суох! – диэн муннунан соҕус дириҥник кигинэйэн кэбиһээт, Миитэрэй орон аттыгар сото кэбиһэн туран, хамсаҕа табах уурунар.

      – Дамыйаан дуу?.. – эмээхсин сибигинэйэн Микиитэттэн ыйытар, кып-кыһыл кыараҕас харахтарынан уҥа орон диэки одуулаһан симириктиир.

      Микиитэ күлэн кыччыгыныыр. Эмээхсин онтон саарыах курдук гынан эрдэҕинэ, Миитэрэй: «Эһиги тугу биллигит?» – диэн сөҥөдүйэн кэбиһэр. Онуоха Даарыйа эмээхсин дьэ чахчы итэҕэйэн, сэһэргэһэргэ оҥостор, уол күлэрин буойан харытын туппахтаан имнэнэ-имнэнэ,

Скачать книгу