Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 8
Чооруостаах күүдээхтэн төрүөттэнэн, аан дойду көтөр кынаттааҕа бары, аан дойду сүүрэр атахтааҕа бары улуу кыргыһыыны аһаары гынан эрдэхтэринэ Микиитэ утуйан барар…
Кэмниэ кэнэҕэс, уутун быыһынан иһиттэҕинэ, эмээхсин саҥа кэпсээни бүтэрэн эрэр буолар:
– Туруйа туран, онтон өһүргэнэн, боҕурҕана муҥнааҕы хаптаччы тэпсээн-тэпсэн кэбиспит…
– Эмээхсиэн, түксү! Ньаллырҕаама! Иирээри гынныҥ дуу? – диэн эмээхсин улахан уола Сөдүөт бардьыгыныыр саҥата бобуллаҥныыр.
Эмээхсин кыратык да өһүргэммэт, дьэ эбии холкутуйан этэр:
– Ээ суох, доҕоор! Аньыы даҕаны… Микиитэ утуйда дуу?
– Утуйда дии, бадаҕа, – диир Сөдүөччүйэ улаҕа диэки хайыһан кыра уолун таптайа сытан. – Чэ, кэпсээ, эмээхсиэн, утуйааччы утуйдун, истээччи иһиттин ээ.
Микиитэ: «Суох, утуйа иликпин, өссө кэпсээ» дииргэ дылы гынар да саҥата иһиллибэт. Орон оргууй күөгэлдьийдэр күөгэлдьийэн талбаарыйан барар. Онтон куттанан, ийэтин кулгааҕыттан тардар. Онуоха ийэтэ эргиллэн, сылаас тыына кини сүүһүгэр охсуллар, кыайан этиллибэт тапталлаах, сымнаҕас сытын уола билэр… Ол уоскутар, үөрдэр, дьоллуур. Ийэтин муннун бобо тутар. Ийэтэ тыынара кини ытыһын кычыгылатар. Онтон күлэ-күлэ Микиитэ утуйан хаалар…
Даарыйа эмээхсин ити курдук көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах, үөн-көйүүр, сүөһү-ас, икки атахтаах, хамсыыр-харамай, сир-халлаан тустарынан тус-туспа хаһан да бараммат, салгыппат кэрэ, дэлэгэй кэпсээннэрдээх.
Кини туох да ааҕан сиппэт үгүс араас көрүдьүөстээх, уустук хоһуйуулаах, таабырыннаах. Онно кыра улаатар. «Тоҕус былас ураа лаҥкыр муостаах улуу дойду оҕуһунабын» диэччи таайыллыыта – таракаан буолан хаалар. Онно куһаҕан киэркэйэр. «Уу саарыстыбатын ньадараал тойоно муора хааһыгар тахсан кыһыл көмүс чыыннаах-хааннаах түөһүн имэринэ сытар үһү». Ити баҕа.
Бултуур сэби-сэбиргэли араастаан чуолкайдык хоһуйан таабырынныыр. «Сири аннынан силлирики уоруйах баар үһү». Муҥха, баҕадьы. «Абааһы кыыһа түөһүн түүтүн таарыйтарбат үһү». Айа. «Суола биллибэт сур соноҕос баар үһү». Тыы.
Дьиэ иһинээҕи дьон бары таайаллар. Таабырына таайыллыытын кини улам-улам чэпчэтэн иһэр. Туохха сыһыаннааҕын маҥнай этэр. Онтон баайдарга эрэ баарын дуу, дьадаҥыларга да баарын дуу этиэҕэ. Онтон: «Чэ, оҕолорбор этэрим кэриэтэ эттэхпинэ», – диэн сибилигин ханна баарын этэн, таайтарар. Сытыы кылыс өс хоһооннорунан, тыл дэгэттэринэн икки атахтаах араас дьиэктэрин курбуулаталыыр. Киһиргиир туһунан «Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат» диэҕэ. Иҥсэрэр туһунан «Оҕус сымыыта түһэрин саһыл кэтэспит» диэҕэ.
Нэһилиэк, улуус баайдарын үрдүк арҕастарыгар Даарыйа эмээхсин ыардык тайаныталаан ааһар. «Күтүр баай окко сытар ыт курдук ээ… Киргиэлэй Дьөгүөрэп баайынан бэйэтэ да туһаммат, дьону да туһалаабат». «Баайга биэрэр кумахха ииктиир кэриэтэ – утары иҥэн иһэр… Даарыйа Сыҕаайап эмээхсин ампаара бар дьон үбүгэр