Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 9
Уонна тугу кыайбат, тугу айбат буолуой дьиҥнээхтик баҕарыы!
Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да, кимтэн да дьулайбат.
Куһаҕан харахтаах, хатыҥыр, кыра эмээхсин хаҥас диэки боруҥуй муннукка күөдэллэммит нэк ортотугар киэбэ эрэ боруйан олорон, куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кэрэтик кэпсээн унаарыйар, дьиэ иһинээҕи дьон болҕомтотун барытын бэйэтигэр тардынар.
Балаҕаҥҥа сылаас уоттаах сыбыы оһох уонна кэрэ кэпсээннээх Даарыйа эмээхсин саамай наадалаахтар, кинилэрэ суох сатаммат.
Кини остуоруйалыыр, кэпсиир. Остуоруйа ханна тиийэн олохтон арахсарын Микиитэ билбэт. Хантан ыла кини олоххо холбоһорун кини эмиэ билбэт. Олох уонна остуоруйа быа икки утаҕын курдук холбуу өрүллэн бара турар быһыылаахтар.
Олох курдук остуоруйаттан остуоруйа курдук олох буолан барар.
Быыкаайык балаҕан иһэ кэҥээтэр кэҥиир, үрдээтэр үрдүүр, киэркэйдэр киэркэйэр. Истиэнэ быыстарынан чэҥ муустара килэриһэн тураллар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Остуоруйа дыбарыаһын үрүҥ көмүс эркиннэрэ күлүмүрдэһэллэр… Сиргэ бөх-сыыс ыһылла сытар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кыһыл көмүс кырадаһыннара кылбаҥнаһаллар… Таһырдьа буурҕа тыал улуйар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кырыктаах маачаха хара тыаҕа муннарбыт тулаайах кыыһа Үрүҥ Үкэйдээн ытыыр… Сибилигин кини киирэн кэлиэҕэ. Киирээт, Микиитэ кэтит түөһүгэр сүүһүн өйөөн туран ытыаҕа, ытыырын быыһыгар этиэҕэ: «Миигин аһыннаххына эн аһыныаҥ, харыһыйдаххына эн харыһыйыаҥ…»
Кырдьыга да оннук.
Микиитэ үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр да, толооҥҥо өлбүт кулун буолан хаалар. Икки оҕолоох суор кэлэн тиит төргүү мутугар түһэр. Оҕо суордар иҥсэлээх харахтарынан кулуну одуулаһан турулуҥнаһаллар уонна быыстала суох айманаллар:
– Ийээ, ийээ! Ас-таҥас, уйгу-быйаҥ! Тоҥсуйа охсуохха, тоҕута тардыахха!
Кырдьаҕас суор сүрдээх сэрэхтээх, албын, кини түҥнэри хайыһан олорон куолайын төрдүнэн куллургуура иһиллэр:
– Икки атах буолуо, саха урааҥхай буолуо. Эргийэ көтүөххэ, эрэлин билиэххэ!
Эргийэ көтөн иһэн, оҕо суордар тулуйбаттар, кулун хараҕын тоҥсуйа охсоору төбөтүгэр түһэллэр. Микиитэ биир оҕо суору саба харбаан ылар, биирдэрин кутуругун туура тардан хаалар да, үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр, бэйэтэ бэйэтинэн, эр бэрдэ буолан хаалар. Ийэ суор айдаарар-айманар, Микиитэ иннигэр-кэннигэр түһэр, иэйэр-туойар:
– Эппэтэҕим дуо, сэрэппэтэҕим дуо?! Оҕобун ыыт, талбыккын ыл. Сорум-муҥум, муҥум-сорум!
Оҕо суор иэрбэҥ-таарбаҥ көрбүт харахтарыттан сылаас уу таммалыыр, Микиитэ модун түөһүгэр хатыылаах атахтарынан тирэнитэлиир.
– Арай өлбөт мөҥү уутун аҕалларгын хайыам эбитэ буолла, – диэн Микиитэ сөҥөдүйэн кэбиһэр.
– Атынна ыл. Тугу барытын биэрэбин…
– Суох! Атыны