Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа

Скачать книгу

этэр:

      – Тоҥмохтуу түстүн, дьиккэр баара!

      Бары соһуйаллар. Арай Даарыйа эмээхсин өссө эбии холкутуйан эҥээрийэр:

      – Ол туох толкуйтан, ханнык майгынтан соҕотох кунаҥҥын токуччу тоҥорор толкуйдаммыккын иһитиннэриэҥ эбитэ буолаарай?

      – Кыһыны тоҕо уһаппытай! Мунна кууран абыранан турдаҕа дии!

      Бары күлсэллэр. Уоллаах эмээхсин эрэ күлбэттэр, кинилэр оҕустарын аһынан киллэрэри дуу, өһүөннээн тоҥоро түһэри дуу сүбэлэһэн эйэҕэс сытыы тылларынан күрэстэһэ оонньууллар.

      Кэнники, дьарыктаммыт сээбэһин оҥорон бүтэрэн, ньилбэгиттэн мас сыыһын тэбэнэ туран, Миитэрэй этэр:

      – Бэйи, эрэйдээҕи киллэриэххэ даҕаны. Кини төрүөн ыраах инниттэн кыһын уһун этэ дуу… Буруйа да кыра соҕус эбит.

      Оҕус киллэриллэр. Бары сыталлар.

      Оһох уота улам мөлтөөн, балаҕан иһэ боруҥутуйан барар, уҥа эркиҥҥэ ханнык эрэ бороҥ күлүктэр эйэҥнэһэллэр. Дьиэттэн быыһамматах хотоҥҥо дөрүн-дөрүн кырдьаҕас ынах ыараханнык үөһэ тыынан буугунаталыыр, дьиэ таһыгар тохтубут оту итигэстээн сии сылдьар субан сылгылар туйахтара тоҥ чигдигэ хоочугурууллар.

      Уу чуумпу ортотуттан Даарыйа эмээхсин холку саҥата эҥээрийэ түһэр:

      – Ити үгүрүө чыычаах, халлааҥҥа өрө дьурулаан тахса-тахса, тоҕо таҥнары дыыгынаан түһэрий? Ону билэҕит дуо, доҕоттоор?

      Онуоха Миитэрэй саҥата аан оронтон кэбигириир: «Түөкүн оонньообутун дьүһүнэ ини оттон. Кини курдук кынаттаах буоллар, киһи эрэ даҕаны өрө көтөн дьурулуо этэ».

      – Ээ суох, доҕор, кэбис, оонньообот. Түөрт сымыыттан ордугу сымыыттаабатыттан абаланар дьүһүнэ ити. «Чуккумай кус, миигиттэн улахана суох да, уон икки сымыыты сымыыттыыр. Миэнэ түөрт эрэ буолар» диэн саатан, үлтү түһэн өлөөрү гынар ээ.

      Сэһэргэһии буолар. «Түөрт да оҕо сөп, наһаа сомсуһар эбит» диэн сорохтор үгүрүөнү сэмэлииллэр. Сорохтор аһыналлар. Микиитэ аһынааччыларга холбоһор, үгүс оҕолору батыһыннаран чучугурата сылдьар үчүгэй буоллаҕа. Онтон көтөрү уопсайынан кэпсэтэллэр. «Ураанай кус уйатыгар биирдии сымыыты хаалларан истэххэ, түөрт уон сымыыты сымыыттыыр үһү» дэһэллэр. Ураанай кус оҕонньоругар тиийэн: «Эмиэ табыллыбатыбыт. Чэ эрэ…» диэн иһэр бэйэкэтэ буоллаҕа», – диэн Миитэрэй сэрэйэр.

      Ол туһунан өр кэпсэтэллэр. Элбэхтик күлэллэр. «Оҕонньорго туох буолуой, эрэйэ – сымыыттыыр киһиэхэ буоллаҕа» диэн түмүктүүллэр.

      Ити устатыгар мөлтөөтөр мөлтөөн иһэр уот сырдыга дьиэ эркиниттэн, сыҥаһаттан, остуол атаҕыттан хастанан оһох диэки сыҕаллан иһэр. Хараҥа улам хойдон иһэр. Онтон күөх төлөннөрүнэн чыпчылыйбахтыыр кыһыл чохтор эрэ хаалаллар, холумтаҥҥа турар хампархай чаанньыгы эрэ тунаархайдык сырдаталлар.

      – Чооруос чыычаах төбөтө кыһыл ээ, доҕоттоор, – диир Даарыйа эмээхсин саҥата. – Ити маннык. Былыыр-былыр чооруостаах күүдээх күүстэрин холбоон бииргэ кыстыырга сүбэлэспиттэр. Күүдээх бытаны, сардаананы, бурдугу хаһааммыт. Чооруос мас дабаххайын, эрбэһин туорааҕын хаһааммыт. Кыһын ортотугар дылы күүдээх хасааһын

Скачать книгу