Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 10
Күнүскү бэс үөрэттэн ордорон кэбиспитин сылытан ийэтэ остуолга ууран биэрэр.
Ону иһэн баран улам тардыллан эмиэ аптаах тыл сүүрүгэр оҕустаран, уол устубутунан барар.
Аны тиит кумалааныгар тоҥсоҕой уйаламмытын булар. Кумалаан айаҕын бүөлүү хаптаһыны саайан кэбиһэр уонна бэйэтэ тиит анныгар саһан сытар. Сотору соҕус буолаат, ийэ тоҥсоҕой тиийэн кэлэр да уйатыгар кыайан киирбэккэ, төттөрү көтөр. Онтон эмиэ кэлэн хаптаһыны тардыалыы сатаан баран, кыайбакка төннөр. Бэрт өр буолан баран, тумсугар от салаатын туппутунан үсүһүн кэлэр. Кэлээт, кумалаан хаппаҕын төлө тардан ылар. Сонно Микиитэ часкыйбытынан ойон турар. Соһуйбут тоҥсоҕой отун салаатын сиргэ ыһыктан кэбиһэр. Ол күүстээх от салаата. Микиитэ ону сиэн, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ буолар. Түөһүн быччыҥнара дыыгынаһа күүрэллэр, охумаллара, бууттара ыараан бараллар; чабырҕайдара умайаллар…
Атаҕастабыллаах, аптаах маачахалар, кырыктаах ыраахтааҕылар, ийэни-аҕаны сиэччи абааһылар, быһыта оҕустах аайы утары үүнэ турар уон икки төбөлөөх эриэн кыыллар… О, дьэ билигин Микиитэ эһигини кытта кэпсэтэрэ буолуо. О, кини дьэ…
– Эмиэ хараҕын тиэрэ-маары көрдө! – диир ийэтэ.
Дьик гына түһээт, Микиитэ кыараҕас, боруҥуй балаҕанын иһигэр буолан хаалар…
– Иллэрээ сыл тойоммут аахха Сүөдэрикээн кулуба Уйбаан суруксуттуун хоммуттара. Онно Уйбаан суруксут сурук ааҕан дьэргэлдьийбитэ. Ону үтүктэн оҕом хараҕын дьэргэлдьитэр буолан хаалбыта…
Сөдүөччүйэ итини кимиэхэ да сэһэргээбэт, оҕотун буруйун чэпчэтээри бэйэтигэр быһаарыы бэринэрдии саҥара олорор. Икки мааны дьон, кырдьык, хонорго дылы гыммыттара. Хаптаһын быыс тумсунан быган көрдөххө, уҥа ороҥҥо сурук ааҕар киһи баарга дылы этэ. Маҥнай, баҕар, үтүктүбүтэ да эбитэ буолуо.
Оттон манна, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ киһи, саамай мүччүргэннээх сырыыга, чэгиэн эт сэймэхтэнэр, хатан бүлтэс үлтүрүйэр тиһэх охсуһууга киирээри силбиэтэнэн эрэр этэ… Хааннаах харахтарын тиэрэ-маары эргичиҥнэппэккэ, буордааҕынан-сыыстааҕынан булкуйталыы көрбөккө, хайыаҕай? «Биир сымыыт ханна сытыйбатай, биир уол оҕо ханна өлбөтөй!» диэн бөҕө санааны ылынан, сүдү өстөөҕү кытта өлөрсөн, хаһыытаһа-хаһыытаһа хаппар куҥтан харбаһар кэмэ тирээн кэлбитэ эбээт… Мичээрдиэ, уйаргыа баара дуо?!
Ол курдук умуннара умсугутар кырдьаҕас эмээхсин холку тыллара. Сырдык, сылаас барыта эмээхсин олорор чэҥнээх хараҥа муннугуттан кэлэргэ дылы…
Даарыйа эмээхсин, Микиитэ, Өлөксөй буоланнар күнүс балаҕаҥҥа үһүөйэҕин хаалаллар. Уот умуллан бардаҕына, мас сыыһын быраҕан күөдьүтэ-күөдьүтэ, кинилэр арааһы кэпсэтэллэр, арааһы биттэнэллэр-билгэлэнэллэр.
Кылгас тымтык төбөтүн хайытан туора мас кыбытан киэптэтэн баран, холумтаҥҥа туруору анньаллар. Туорай мастарын саамай ортотунан уматаллар уонна этэллэр: «Сыҥаах ойуун, биттэнэн-билгэлэнэн кулу, дьоммут балык аҕалыахтара буоллаҕына