Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сааскы кэм - Амма Аччыгыйа страница 12
– Эйэнэн-эйэнэн, уобуна эбэм!
Бары күлсэллэр, балаҕан иһигэр айдаан-күйгүөн диэлийэр.
Дьэ Миитэрэй итинник киһи. Дамыйаан Охонооһойоп диэн, аҕыйах сүөһүлээх эрээри, бэрт ыраастык туттан олорор, бэрт мааны таҥастаах-саптаах, дьон ытыктыыр киһилэрэ баар. Миитэрэй ол киһини үкчү үтүгүннэ. Сарсын, өйүүн, ол анараа өттүгэр кимнээхтэри үтүктүөҕүн ким билиэй кинини. Иирэ талах курдук имигэс кыыстан бүдүгүрэ кырдьыбыт эмээхсиҥҥэ диэри, быыкаайык уҥуохтаах хабдьыгыраабыт оҕонньортон саһаан үрдүк лоҥкунаабыт тойон киһиэхэ диэри кини барыларын үтүктэр. Ону ааһан, быстах-быстах ол-бу киһилии саҥаран, көрөн, силлээн; «бытыгын» хамсатан, ыстаанын өрүтэ тардыммахтаан ылыталыыр. Ол ахсаан буолбат. Ким да тус бэйэтин кыра да туспата кини кыраҕы хараҕыттан куоппат. Артыыстыы талааны киниэхэ айылҕа ийэ дэлэгэйдик иҥэрбит киһитэ.
– Хайа, тукаам, өрүү мэлийдиҥ дуу? – Даарыйа эмээхсин, ытыстарын ититэн баран, көһүйбүт тарбахтарын мускуна олорон ыйытар.
– Мэлийэн, кырынаас, ыт баара, эмиэ тарбаан эспит. Биир лааскайы эрэ аҕаллым.
Эмээхсин үөрэ түһэр:
– Ыы, тукаам, лааскайыҥ – кырынаас балта эбээт! Чэ, аһата оҕус: «Үөргүн-сүүрүккүн үүрэн-түрүйэн аҕал» диэ.
Сүөгэй салааһынын көрдөөн баран булбакка, кытыйа кытыытыгар ымньаммыт тартан тарбаҕын төбөтүнэн ымньаан ылан лааскайын муннугар сото-сото, Миитэрэй алгыыр:
– Чэ, доҕоор, аһаа-сиэ, кытаат. Миэхэ өлөҥҥүн бу абыраннаххын көрбөккүн дуо!
– Ээ, кэбис, доҕор! «Бэйи, оонньоомуум эрэ» дии санаабат бэйэкэҥ буоллаҕа дуу?
– Санаан-санаан… Эдьиийгин, Түгэх хочоҕо баар кырынааһы чааххааммар киллэр эрэ. Үөргүн-сүүрүккүн барытын мин чааххааннарбар үлтү үүрэн киллэр… Төһө үөрдээх күтүр эбитэ буолла… Атыыр эбит дуу? Ойохтоох буоллаххына…
– Ээ, кэбис, тукаам…
– Уо, алҕас, – Миитэрэй лааскайын эргим-ургум тутан одуулаһар, онтон Өлөксөй көлөһүннээх сыгынньах иһин диэки эмискэччи дуктуруйар.
Уола «өкчөс» гына түһээт, күлэн быыһыгырыыр уонна лааскайы көрдөөн тарбачыһар. Миитэрэй биэрбэт, уол ытаан барар. Миитэрэй тулуйбат, хараҕын кырыытынан эмээхсин диэки көрбөхтөөн баран, чыпчылыйбахтаан Микиитэҕэ имнэнэр уонна булдун уолга туттаран кэбиһэр. Уол өрө сыҥсыйан кэбиһэ-кэбиһэ, одуулаһар, лааскай тоҥ харахтарын тарбаталаан көрөр, онтон лааскай тумсугар сотуллубуттары салаан «ньалып» гыннарар. Миитэрэй күлэн «кыык» гынаат, уолтан лааскайы былдьаан ылар:
– О, кыра да наада тойоно!
– Кими эттэҥий? – диэн эмээхсин сэргэҕэлиир.
Миитэрэй быһаарыыта суох хоруйдаан куотар:
– Э, бу оҕону эттим ини…
Булдунан оонньууру кырдьаҕастар сөбүлээбэттэр.
Эмээхсин аргыый туран оронугар төннөр. Онно тиийээт, кэпсиэн-ипсиэн ордук баҕарбыкка дылы буолар.
– Кырынааһы, сүрэхтээх быарын ылан ыйыстан кэбистэххэ, чааххааҥҥа бэркэ