Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 62
– Миэхэ сылдьар.
– Аҕал! – Маайа кыһыл саппыйаан кумааһынньыгы арыйан, эргэрэн, бүк тутуллубут сирдэринэн тырыттан эрэр кумааҕылары ылан ааҕан көрөр. – Сөөп… Сүөдээр, тойоммут эйигин ыҥыттардаҕына мин барыам…
– Кэбис, Маайа, туох диэн эттэххиний, дьахтар эр киһи иннигэр хоруйга турбута диэн суох, – диир Сүөдэр, Маайа туох санаалааҕын билбэт буолан.
– Суох, суох, Сүөдээр, мин кинилэри кытта хайдах кэпсэтэри дьэ буллум, – диир Маайа бэркэ диэн көтөҕүллүбүт, тэбиэһирбит куолаһынан.
Сүөдэр оҕуһун булгутуор диэри Маайа балаҕан иһигэр киирэн хаалар. Хамначчыт кыргыттар Сөдүөччүйэ эмээхсини тула мустан, остуоруйа истэ олороллор эбит. Эмээхсин туох эрэ дьикти остуоруйаны кэпсиир быһыылаах. Маайа, атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, оронугар баран саҥа олорон эрдэҕинэ, аны Сүөдэр киирэн кэлэр.
– Саҥарыма, остуоруйаны иһит, – Маайа Сүөдэргэ сибигинэйэр.
Сүөдэр, эмиэ атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, Маайа аттыгар баран олорор.
«…Баай хамначчытыныын мөккүһэр. Хамначчыт туран баайга этэр:
– Мин тугум да суох! Ол эрээри мин барыны барытын сатыыбын: бурдук ыһабын, балыктыыбын, мас мастыыбын, от оттуубун, – барытын мин оҥоробун.
– Э-э, ыт сирэй! – диэн баай хаһыытыыр. – Эн сатыырыҥ туохха наадалааҕый, аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа, туттар үбэ суох умнаһыт курдук сылдьар буолбаккын дуо? Оттон мин тугу да сатаабаппын да, хата бэрт үчүгэйдик, тоттук, баайдык олоробун. Мин эйиэхэ үлэлээбэппин, эн миэхэ үлэлиигин!
Ити курдук кинилэр бэрт уһуннук мөккүспүттэр. Ол мөккүөрдэрин төрдө диэн буолбут: «Үлэни сатыыр ордук дуу, баайдаах ордук дуу?» – диэн.
Төһө да өр мөккүспүттэрин иһин, хайалара да тыл-тылларыгар киирсэр айыыта диэн суох үһү. Дьэ, онтон бу курдук быһаарыныы ылыналлар: «Хайалара ордук күүстээх, тулуурдаах эбит, ол кыайыахтаах!» – диэн.
Кыһыҥҥы аан-даам тымныы саҕана хамначчыт баайга эппит: «Бу түүн сиргэ баран хонуох, хайабыт ордук тымныыны тулуйар эбит».
Баай күлэн дэлби барбыт, «акаары» диэбит курдук көрүтэлээбит уонна эппит:
– Бэрт сөп, бэрт сөп, бэрт сөп! Өскөтө эн тоҥон өллөххүнэ, мин буруйданыам суоҕа.
– Сөп, – диир хамначчыт. – Эн тоҥон өллөххүнэ, мин эмиэ буруйданыам суоҕа.
Ол киэһэ баай сыалаах-арыылаах аһы тото аһыыр. Хамначчыт тугу аһаахтыай, тарга буспут хааһытын эрэ сиир. Баай куобах истээх ыстаанын, саһыл истээх сонун, бэдэр тириитэ саҕынньаҕын, таба тыһа күрүмү этэрбэһин кэтэр. Хамначчыт сордоох, хантан ылбыт таҥаһа кэлиэй, ханнык эрэ кулун тириитэ сонун, торбос тириитэ ыстаанын, ынах тириитэ этэрбэһин кэтэр. Баай мөһөөччүк муҥунан ас ылар. Оттон хамначчыт ханнык аһын ылаахтыай, тоҥ сүгэни кыбынар.
Суол устатын тухары баай хамначчытын күлүү гынан тахсар. Биллэн турар, кини «кыайыам» диэн эркин курдук эрэнэр. Хамначчыт тугу