Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 63
– Тойонун аахха, – Сүөдэр аат эрэ харата хардарар. Кини, туох эрэ ыар буруйу оҥорбут киһи курдук, харахтыын-сирэйдиин самнан, сукуллан турар.
VI
Сүөдэркэ сиргэ тиэрэ түһэн өр соҕус сытта. Кини Сылгыһыт Сүөдэр кэлэн эмиэ кырбыа диэн куттанан турбат. Хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Маайалаах Сүөдэр ырааппыттар. «Билигин, эргиллэн да кэлээри гыннаҕына, атахпынан куотар инибин», – дии санаан, дьэ турар. Сирэйин туттан көрбүтэ кымньыы суола курбуу курдук өрө үллэн хабыллан тахсыбыт. Эт-этэ барыта ыалдьар. Кини, таһыллыбыт ыт оҕотун курдук, ытаан сыҥсыйар. Маарыын саатын хаалларбыт сиригэр барар. Саата сытар. Сүөдэркэ саатын тутан баран дьэ эр ылар. Ытыыра ааһар. Кини Сүөдэрдээх Маайа барбыт сирдэрин диэки көрбөхтүүр. «Билигин Сылгыһыт түөкүн кэлэн көр эрэ, саанан ытан, тос мааскын көрдөрүөм», – дии саныыр. Кырдьыга, билигин Сүөдэр кэлэрэ буоллар, Сылластыгас, туохтан да толлубакка эрэ, ытан кэбиһиэ этэ. Суох, Сүөдэр көстүбэт. Сылластыгас эмиэ сирэйин туттан көрөр: «Бэйи уус, аҕам эйиэхэ баҕас көрдөөбүккүн биэрэрэ буолуо!» – диэн ботугуруу-ботугуруу хотоол уутугар киирэр.
Маайа далаһа ууруммут маһынан уу үрдүгэр киирэн өҥөйөн туран, Сылластыгас сирэйин көрүнэр: кымньыы сырбаппыт сирэ күөх баламах буолан хаалбыт. Сүөдэркэ эмиэ ытаан сыҥсыйан барар. Ол туран Маайа ууга укпут ньургуһуннарын көрөр.
– Ы-ы-ы! – диэн ыйылыы-ыйылыы, ньургуһуннары ууга тэпсэн кэбиһэр. Дьэ санаатын ситиспит курдук туттан, саатын сүгэн дьиэтигэр төннөр.
– Сүөдэркэ-э, бу туохха сирэйгин бачча улаханнык өлөрдүҥ? – диэн ийэтэ уолун ыйыта тоһуйар. «Ким эмэ мин Сүөдэркэбин кымньыынан сирэйин быһа охсубута буолуо эрэ», – дии санаабат этэ.
Сүөдэркэ ийэтэ айдаарбытыттан, кыра оҕо курдук, ытаан бөтүөхтээн барар.
– Хотуйдаар, тугу көрөн аппаһан тураҕытый?! Оҕом сирэйин бу айылаах өлөрбүтүн кэннэ… Арыгыта!.. Өрбөхтө!.. Угуттуу оҕустахха ааһыаҕа.
Дьиэ көрөөччү, сууйааччы, ыраастааччы Мааппа кыыс, хотуна итиччэ хаһыытаабытын-ыһыытаабытын кэннэ тэҥнэһээхтиэ баара дуо, иһит уурар ыскаапка буута быстарынан тэбинэр. Онно бэҕэһээ киэһэ испит арыгыларын тобоҕо баара. Кыыс ыскаабы аһан көрбүтэ – арыгы бытыылката кураанах турар.
Мааппа хотунугар тахсан:
– Бытыылкалаах арыгы бүппүт, – диир.
– Бүппүт буола-буола, эн обургу куолайдааҕыҥ тухары туох арыгыта тулуйан турбут үһүө?!
Хотун айдаарарын истэн, түгэх хоско улуус суруксутун кытта кэпсэтэ олорбут Дьаакыбылап кулуба тахсан кэлэр.
– Бу айылаах туоххут айдаанай? – диэн кини кыыһырбыт куолаһынан ыйытар уонна уолун сирэйэ быһа охсуллубутун көрө түһэр. – Нохоо, сирэйгин туохха өлөрдүҥ?
– Оҕобут бу айылаах сирэйдэнэн киирбитин көрбөккүт дуо?!. Ити дэриэтинньик кыыһа баарына туох арыгыта тулуйуой? – Огдооччуйа көбдьөөрөр.
– Э-э, лахсыйа турума, мааҕыын суруксуттуун биһиги тобоҕолообуппут, – диэн баран, Дьаакыбылап уолугар Сүөдэркэҕэ кэлэр. – Нохоо, туохха өлөрдүҥ?